УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.5K subscribers
33.7K photos
3.1K videos
10 files
5.74K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Өр күүппүт баҕа санаабыт туолан, олох кылгас кэмҥэ хомуллан «Культура Усть-Алданского улуса: истоки и современность» диэн улууспут култууратын устуоруйата олохтоох «Мүрү саһарҕата» хаһыат эрэдээксийэтигэр 500 ахсаанынан бэчээттэнэн таҕыста.

Кинигэ ис-тас оҥоһуута олус тупсаҕай, бэлэххэ сөптөөх хахтаах, көмүс суругунан суруллубут халыҥ тастаах, иһинээҕи лиистэрэ 120 граммнаах матовай кумааҕыттан таҥыллыбыттар. Улууспут культуратыгар биллэр-көстөр суолу хаалларбыт дьоммутугар анаан​ коллаж оҥоһуллубута кинигэни олус киэргэтэр.

Бу таһаарыы 21 түһүмэхтээх, 448 сирэйдээх, олус элбэх культура тэрилтэлэрин архыыптарыттан, биирдиилээн дьонтон хаартыскалар киирбиттэр, ону тэҥэ архыып матырыйааллара, бирикээс кинигэлэриттэн суруктар бааллар.

Кинигэни култуура управлениетын салайааччытын солбуйааччы Л.С. Павлова, бэтэрээммит М.З.​ Сивцева, киин библиотека библиограба М.Н.Борисова, улуус историятын музейын сотруднига З.М.​ Белолюбская хомуйан оҥордулар, начальник И.И. Аммосов салайааччылаах алта киһиттэн састааптаах эрэдээксийэлиир сүбэ,​ матырыйааллары хомуйууга хас биирдии тэрилтэттэн ананан оробуочай бөлөх үлэлээтэ.

📌 Бу маннык саҕалаан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ үлэһитэ Галина Аммосова саҥа кинигэ туһунан сиһилии билиһиннэрэн ыыппыт ыстатыйата хаһыаппыт муус устар 2 күнүнээҕи 13-с нүөмэригэр тахсыбытын сэргээҥ😉

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#улуусустуоруйата
#култуура
#кэрээйгэтэ
https://www.instagram.com/p/CNQ-r_Ps-Fr/?igshid=11xf1ns9gegc4
📰📰📰

Биһикпин ыйаабыт сирим – Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгэр Биэттэ Эбэ Халдьаайы эҥэрэ. Сэттэ уонтан тахса сыл анараа өттүгэр Халдьаайыга баар балыыһа дьиэтигэр күн сирин көрбүппүн. Ийэбин кытта оҕолоно сытар Аана Сивцевэ диэн ийэм үөлээннээҕэ: «Кыыскын Мариса диэн ааттаа», – диэн Эрилик Эристиин «Аймалҕанын» Бурхалей Марисатын аатын биэрбит. Хойукка диэри бүрээттии ааттаахпын дии саныыр этим. Кэлин билбитим, Эрилик Эристиин кинигэтин дьоруойдарыгар бэйэтэ толкуйдаан аат биэрэр эбит. Халдьаайыга оҕо сааһым ааспыта.

Баатаҕайтан 1966 сыллаахха оскуола 8-с кылааһын бүтэриэхпиттэн тэйбиппин. Сыл баһыгар-атаҕар «уот ылар» курдук баран кэлэбин. Ол гынан баран киһи сааһырдаҕын аайы төрөөбүт дойдутун, оҕо сааһа ааспыт кырдалын, дьонун-сэргэтин ахтара-саныыра күүһүрэр эбит. Хомойуох иһин, Халдьаайыбыт өтөхсүйэн, дьон-сэргэ олорон ааспыт суола-ииһэ да суох буолан тураахтыыр.

Чугастааҕы дэриэбинэлэргэ Чараҥайга, Эрбэһиҥҥэ олорбут, үлэлээбит дьонноругар үтүө өйдөбүлү оҥорон, хаартыскалаан стела диэни туруорбуттара бэртээхэй. Онтон холобур ылан, биһиги эмиэ хаан-уруу дьоммут ааттарын ааттаан, сөргүтэн, кэлэр кэнчээри ыччаппытыгар кэрэ кэпсээн, үтүө өйдөбүл буоларыгар былааннаах үлэ ыытыллан эрэриттэн үөрэбин.

Бу үтүө дьыалаҕа ылсыбыт эдьиийбитигэр Вера Иннокентьевна Троеваҕа, бырааппытыгар Алексей Яковлевич Готовцевка, үбүнэн көмөлөспүт бары спонсордарга, кыттыыны ыла сылдьар биир дойдулаахтарбар барҕа махтал тылларын аныыбын.

🖊️ Суруналыыс, уопсас. кэрэсп. Мариса Васильева-Готовцева бу ахтыытын толору "МС" хаһыат бэс ыйын 18, 25 күннэринээҕи 24, 25 нүөмэрдэригэр эбэтэр хаһыат мюрюгазета.рф саайтыгар "Актуальное" түһүмэххэ көр

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#алаасахтылҕана
#улуусустуоруйата
#улуусдьоносэргэтэ
https://www.instagram.com/p/CQkmDU4Me0D/?utm_medium=share_sheet
🎉🎉🎉

📌 “Уйгу сирэ – Уус Алдан” диэнинэн сураҕырар төрөөбүт улууспут Уус Алдан бүгүн, тохсунньу 9 күнүгэр – төрүттэммит күнэ.

📌 Уус Алдан улууһа (оройуон) 1930 сыллаахха тохсунньу 9 күнүгэр Бороҕон, Дүпсүн улуустарын уонна Байаҕантай улууһун икки нэһилиэгин холбоон тэриллибитэ. Ол кэмтэн ыла 92 сыл устата үүнэ-сайда, чэчирии турар.

📌 Устуоруйа кэрэһэлииринэн, Бороҕон ууһа хаҥаластары кытары тэҥҥэ сайдан, кыаҕыран XIII үйэҕэ биллэр буолбут. Онон нуучча судаарыстыбата Саха сирин баһылыырыгар биллэр-көстөр, кыахтаах аҕа ууһа буолан олорбут.

📌 Бороҕон улууһун кулубалара Алексей Аржаков – Сэһэн Ардьакыап, Иван Емельянович Мигалкин, Дүпсүн улууһун кулубата Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр Саха сирин устуоруйатыгар биллэр-көстөр суолу хаалларбыттара.

📌 Ол суола-ииһэ чиҥник хаалан, Уус Алдан улууһа өрөспүүбүлүкэҕэ билигин инники кэккэҕэ сылдьар. Ону бу сиртэн аҕыс Дьоруой төрөөн-үөскээн тахсыбыттара да туоһулуур.

📌 Күн бүгүн Уус Алдан улууһа 21 олохтоох салайыныы тэриллиитигэр (нэһилиэк) тэнийэн үүнэр-сайдар. Сирин иэнэ 18,3 тыһ. кв. км, нэһилиэнньэтин ахсаана 20515 киһи.

📌 Быйыл ураты сыл үүннэ. Ол курдук, сайын от ыйыгар Уус Алдан улууһугар Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньуулара ыытыллыахтара. Маннык бастакы оонньуулар 1996 сыллаахха эмиэ биһиги улууспутугар ыытыллан тураллар. Онон 26 сыл буолан баран саҕаламмыт сиригэр эргиллэн кэллэ. Бу тэрээһин өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин чэрчитигэр киирбитинэн уратылаах.

🎉 Улууспут төрөөбүт күнүнэн барыгытыгар истиҥ эҕэрдэ!

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#улуустөрүттэммиткүнэ
#бэлиэкүн
#улуусустуоруйата
https://www.instagram.com/p/CYfuZ1kofL7oQwbTrrf6wYSZtU1sJ17YtzPJB80/?utm_medium=share_sheet