УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.54K subscribers
33.8K photos
3.11K videos
10 files
5.77K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
🎄🤩 Ил Дархан харыйатыгар улууспутуттан 38 оҕо кытынна

Бэҕэһээ уонна бүгүн Ил Дархан үтүө үгэскэ кубулуйбут Харыйата буола турар. Манна биһиги улууспутуттан 38 бастыҥ, ситиһиилээх үөрэнээччи кыттыыны ыла сылдьар. Бу бөлөҕү үөрэх улуустааҕы салалтатын сүрүннүүр исписэлииһэ Ефросинья Слепцова уонна Тулуна орто оскуолатын биология учуутала Марина Жиркова салайан илдьэ сылдьаллар.

Икки күннээх "Дети Родины. Дети Якутии" диэн ааттаммыт тэрээһин икки блоктаах култуурунай бырагыраамата Оҕо саас сылыгар ананан, оҕону патриотическай тыыҥҥа уонна төрүт үгэскэ иитэр сыаллаах толкуйдаммыт. Ол курдук бэҕэһээ араас маастар кылаастар, быыстапкалар, аралдьытыы киэһэтэ ыытылынна. Оттон бүгүн "Саха сирин оҕолоро" блок чэрчитинэн үөрэнээччилэр остуол, өй оонньууларыгар, бириистээх куонкурустарга кытыннылар. Түмүккэ сүрүн тэрээһиҥҥэ – Саха циркэтигэр – үөрүүлээх дьоро тэрээһиҥҥэ муһуннулар.

✍️Мария Аргунова

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
💫Ахсынньы 22 күнэ

♈️Хой

Эн түргэн туттуугун-хаптыыгын эрэйэр соһуччу түгэн үүнүөн сөп. Хабыр, кытаанах соҕус буоларыҥ ордук.

♉️Оҕус

Бу күн үп-харчы дьыалатын быһаарарга табыгастаах. Табыллыы эн диэки хайыһар. Ол эрээри, болҕомтолоох буол.

♊️Игирэ

Идеялар уонна кэпсэтинньэҥин – ситиһиигэ күлүүс буолуоҕа. Өйдөммөт түгэн тахсан ылыан сөп эрээри, ол холкутук быһаарыллар дьыала.

♋️Рак

Эмоцияҥ эйигин толору баһылыҕа, ону хонтуруоллууруҥ ирдэнэр. Дьиэтээҕи түбүккэ аралдьыйа сатаа.

♌️Хахай

Эн абылыыр күүһүҥ ханнык да аан арылларыгар көмө буолуоҕа. Итиэннэ туһалаах дьону кытта билсиэххин сөп.

♍️Кыыс

Былааннаргын сааһылаан биэрэриҥ ирдэнэр. Соһуччу уларыйыы тахсыан сөп. Сэрэхтээх буолууҥ мэһэйдиэ суоҕа.

♎️Ыйааһын

Бу күн саҥа билсиһиилэри, айымньылаах бырайыактары эрэннэрэр. Күүскүн элбэх дьыалаҕа бараабакка, манна туһаайарыҥ ордук.

♏️Скорпион

Эйигин соччото суох быһыыга кигэ, уган биэрэ сатыахтара – бэйэҕэр эрэллээх буол. Бэйэҥ өйгөр-санааҕар итэҕэй.

♐️Охчут

Күүһүҥ-уоҕуҥ дэлэй, үчүгэйгэ дьулууруҥ күүстээх – ол ситиһиигэ тиэрдэрин курдук туһана сатаа. Саҥа суоллар арыллыахтара.

♑️Чубуку

Үрдүк ситиһиигэ дьулуһууҥ бэргиэҕэ, ол эрээри, сынньалаҥы умнума, дьүөрэлии сатаа.

♒️Күрүлгэн

Бу күн элбэх түгэни тосхойуо. Көхтөөх, быһаарыныылаах буолуу бары соруктары быһаараргар көмөлөһүөҕэ.

♓️Балыктар

Ыралаан көрөрүҥ күҥҥүн киэргэтиэҕэ, ол эрээри саҕалаабыккын ситэрэр ордук. Барытын хонтуруоллаа.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
📆Ахсынньы 22 күнэ. Өрөбүл күн

🤌Кыһыммыт саамай кылгас күннэрэ тураллар. Бытарҕан да буолбатар, тымныы баар. Өрөбүллэргэ тымныы буолуо диэн билгэ баара.

☀️Бүгүн сарсыарда 6 чааска Бороҕоҥҥо 37 кыраадыс тымныы буолбут. Күнүс 33-35 кыраадыс тымныы буолара күүтүллэр. Арҕааттан сөкүүндэҕэ 1 м түргэннээхтик үрэр тыаллаах ыраас күн.

🤔Тымныы сымныы быһыытыйыах курдук. Сылбыт түмүктэнэрэ чугаһаатар-чугаһаан иһэр. Ол аайы маннык сымнаһыар күннэр төһө уһуннук туруохтарай диэн таайа сатыыбыт.

✍️Афанасий Сектяев

📸 Дария Ордахова

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

💡Бүгүн - Энергетик күнэ. Дьыл биир саамай кылгас күнүгэр олохпут сүрүн, тыын өрүтүн - сырдыгы, сылааһы - хааччыйар эйгэ үлэһиттэрин күнүн бэлиэтиибит.

💡 1966 с. ыам ыйын 23 күнүгэр ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Ыйааҕынан Арассыыйа электрификациятын судаарыстыбаннай былаанын ылынар күн Энергетик күнүн аныырга быһаарыллыбыта. Онтон ахсынньы үһүс өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр буолбута уонна кэлиҥҥи кэмҥэ ахсынньы 22 күнүгэр бигэргэтиллибитэ.

💡 Энергетик күнүн Арменияҕа, Беларуссияҕа, Кыргызстаҥҥа уонна Украинаҕа эмиэ бэлиэтииллэр.

💡 Күн ахсын дьиэҕэ сырдыгы, итиини хааччыйар эйгэ үлэһиттэригэр идэлээх күннэринэн итии эҕэрдэ буоллун!

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👩‍❤️‍👨 УОЛБУТ ЫАЛ БУОЛЛА!

Уус Алдан Сыырдааҕыттан тардыылаах Арассыыйа уһуҥҥа биллэр сүүрүгэ Артур Бурцев 36 сааһыгар, дьэ, ыал буолла. Аан дойду саамай тымныы уонна итии сирдэриттэн төрүттээх дьонтон күн сирин көрбүт чулуу спортсмен мэлдьи болҕомто киинигэр сылдьар.

Артур билигин Санкт-Петербурга олорор, тириэньэринэн үлэлиир. Ону тэҥэ спорт таҥаһын атыылыыр биллэр бреннэр табаардарын рекламалыыр.

Кини олоҕун аргыһа буолбут кэрэчээн Валентина Мурманскай уобаластан төрүттээх. Эмиэ сүүрүүнэн дьарыктанар. Артур суруйарынан, кыыс кини үлэлиир саалатыгар кэлэн, ''мантан кэргэн тахсар киһибин булуохпун сөп дуо?'' диэн дьээбэлээн ыйыппыт. Онуоха Артур ''ол киһи кэннигэр турар'' диэбит. Валентина кэннин хайыспыта – сиэркилэҕэ кини аттыгар Артур турар. Артур бэйэтэ билинэринэн, дьээбэлэнэр санаата суоҕа.
Биир дойдулаахпытын олоҕун кэрэ-бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлиибит! Дьоһун, баай-талым олохтоох, элбэх оҕолоох мааны ыал буолуҥ!❤️

//Хаартыскалар Артур Бурцев страницатыттан ылылыннылар

@uamurusahargata
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн
Бүгүн ахсынньы 22 күнүгэр Саха сирэ государственнай тутуллаах буоларын 1922 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр ситиспит, оччолорго 24 эрэ саастаах Нам улууһун Хатырык нэһилиэгиттэн төрүттээх чулуу уолбут Максим Кирович Аммосов төрөөбүт күнэ. Сүгүрүйэбит, өйдүүбүт, махтанабыт!

@uamurusahargata
@ulusmedia
⚡️ Биһиги улууспутугар уот хаһаайыстыбатын көрөн-истэн үлэлиир тэрилтэнэн Бороҕоннооҕу РЭС буолар.

Күн бүгүн Бороҕоннооҕу РЭС-кэ киин производственнай баазаҕа, үс сетевой учаастакка (Дүпсүҥҥэ, Суоттуга, Тандаҕа), икки монтерскай пууҥҥа (Балыктаахха, Курбуһахха) барыта 69 киһи үлэлиир. Кинилэр 35 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа барыта 13 подстанцияны, 492,89 км усталаах 0,4 кВ күүрүүлээх, 749,50 км усталаах 10 кВ күүрүүлээх уот ситимнэрин үлэтин хааччыйаллар. Дьыл хайа даҕаны кэмигэр күнү-түүнү аахсыбат ыарахан үлэҕэ чахчы үлэлэригэр бэриниилээх, идэлэрин ис сүрэхтэриттэн таптыыр дьон үлэлииллэр.

Сиһилии👉БАТТАА↩️

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
⚡️ Билигин тыа сиригэр ыччат хаалбат, үлэлиэн баҕарбат буолла диэн кэпсэтиини үгүстүк истэр буоллубут. Ол эрээри, итини барытын ыраас мууска уурар табыллыбат. Төрөөбүт нэһилиэктэрэ, улуустара сайдарын туһугар бэриниилээх ыччат бааллар эбээт.

Сугуннааҕынан сураҕырар Суотту ыччата Николай Заровняев сааһа 25-һэ, билиҥҥи кэм киһитэ. Онон чахчы нэһилиэк, улуус инники эрэлэ. Кини үһүс сылын Бороҕоннооҕу РЭС Суоттутааҕы учаастагар электромонтерунан үлэлии сылдьар. Үһүс разрядтаах, сотору төрдүс разрядка тиийэн үрдээн иһиэҕэ.

Сиһилии👉БАТТАА↩️

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
💫Ахсынньы 23 күнэ

♈️Хой

Үлэҕэр соһуччу үөскүүр кыһалҕалары быһаарарга тулуурдаах буоларыҥ ирдэнэр. Ыксыыр наадата суох, кэллиэгэлэриҥ сүбэлэрин иһит.

♉️Оҕус

Булгуруйбат кытаанах санааҥ идэҕэр ситиһиилэргэ тиэрдиэҕэ. Соһуччу барыс эбэтэр эн үтүөлэргин билинии кэлиэ.

♊️Игирэ

Үпкүн-харчыгын туттарга сэрэхтээх буол: аһара ороскуотурар куттал баар. Дьону кытта кэпсэтии үчүгэй эмоциялары бэлэхтиэ.

♋️Рак

Бү күн эйиэхэ толкуйдуурга, урукку ситиһиилэргин ырытарга барсар күн. Тус олоххор кыһамньыҥ үтүө түмүктэрин көрүөҥ.

♌️Хахай

Бүгүн элбэҕи оҥоруоҥ, ситиһиэҥ, ол эрээри этиһииттэн, өйдөспөт буолууттан тэйиччи тутта сырыт. Абылыыр күүһүҥ саҥа кэрдиискэ тахсыаҕа.

♍️Кыыс

Үлэҕэр элбэҕи ыйытартан куттаныма – элбэҕи оҥоруоҥ. Дьиэҕэр-уоккар уу-нуурал чуумпу, сынньалаҥ эйгэ үөскээбит кэмэ.

♎️Ыйааһын

Саҥа дьону кытта үлэлэһэргэ этии киириэн сөп. Онуоха эн саҥа саҕалааһыннарна аһаҕас буол.

♏️Скорпион

Өрө күүркэйии эмоцияларын билиэҥ. Интуицияҥ уонна бвһаарыныылаах майгыҥ ситиһиигэ тиэрдиэхтэрэ.

♐️Охчут

Бүгүн олус элбэх саҥа санаа киириэ, ол эрээри аһара ыгылыйартан сэрэхтээх буол. Доруобуйаҕар болҕомтоҕун уур.

♑️Козерог

Уопутуҥ ханнык баҕарар уустук соругу быһаарарга көмөлөһүөҕэ. Дьиэлээхтэриҥ эмиэ көмө-тирэх буолан үөрдүөхтэрэ.

♒️Күрүлгэн

Күнүҥ былааны ырытыһарга табыгастаах. Доҕотторуҥ бэртээхэй сынньалаҥы атаарарга этии киллэриэхтэрэ.

♓️Балыктар

Сэрэйэр дьоҕуруҥ сытыырхайыа. Үлэҕэр үүнэр-сайдар туһугар тус бэйэҕин иһит уонна эрэнэр киһигин кытта кэпсэт.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
📆Ахсынньы 23 күнэ. Аан күн

🤔Сыл бүтэһик нэдиэлэтэ саҕаланна. Оттон тымныыбыт чугас быһыылаах эрээри, тоҕо эрэ кэлбэт. Бэҕэһээ да олус сымнаһыар буолбатах этэ.

🌥Бүгүн сарсыарда 6 чааска Бороҕоҥҥо 37 кыраадыс тымныы буолбут. Күнүс 33-35 кыраадыс тымныы буолара күүтүллэр. Илинтэн сөкүүндэҕэ 2 м түргэннээхтик үрэр тыаллаах былыттаах күн. Эбиэт кэнниттэн кыратык хаардыан сөп диэн билгэлэнэр.

Күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа иһитиннэрэринэн, нэдиэлэ бүтүүтэ күүскэ тымныйар күүтүллэр. Онон кэнники сыллардааҕы курдук саҥа сыл үүнэр түүнэ тымныы буолуон сөп. Оччотугар тохсунньу да тымныы буолар дуо?

✍️Афанасий Сектяев

📸Дария Ордахова. Мүрү

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Уус Алдан улуустааҕы ИДьО-гар нэдиэлэ устатыгар (16.12. – 23.12.2024) араас хайысхалаах барыта 49 араас көрүҥнээх иһитиннэрии-биллэрии, сайабылыанньа киирэн бэрэбиэркэлэммит.

🔹 Ол иһигэр эт-хаан эчэйиитин ылан "Суһал көмөҕө" көрдөрүү – 14, дьиэҕэ-уокка айдаарыы – 9, уоруу, сүтэрии, түөкүннээһин туһунан – 5, сотрудник рапордара – 5, өлүк көстүүтүн туһунан – 1, дьон түүҥҥү чуумпутун уйгуурдан – 1, атын улуустан, куораттан кэлии иһитиннэриилэр, араас үҥсүүлэр – 10.

🔹 Нэдиэлэ устата саалаах 49 киһи бэрэбиэркэлэммит, 4 сааны харайыыга, илдьэ сылдьыыга сокуону кэһии булулунна.

🔹 Нэдиэлэ устата барыта 78 араас хайысхалаах административнай боротокуол толоруллубут, ол иһиттэн уопсастыбаннай сиргэ итирик туруктаах сылдьан – 8, киһиэхэ эт-хаан эчэйиитин таһааран – 1, дьон түүҥҥү чуумпутун уйгуурдан – 1 уонна да атыттар.

🔹 Паспортнай линиянан административнай боротокуол толоруллубатах, омук сириттэн кэлэн үлэлии сылдьар 7 киһи олорор, үлэлиир сирдэригэр бэрэбиэркэлэммиттэр.

🔹 ГАИ хайысхатынан 479 массыына бэрэбиэркэлэммит, онтон 61 суоппарга араас хабааннаах административнай боротокуол толоруллубут, 2 суоппар арыгы испит туруктаах массыына ыыта сылдьан тутуллубут, 3 автотранспорт штрафстоянкаҕа угуллубут.

🔹 Нэдиэлэ устата 1 холуобунай дьыала тэриллибит.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM