УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.61K subscribers
34.4K photos
3.15K videos
10 files
5.85K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#бэлиэкүн

🇷🇺 Бүгүн – Арассыыйа Конституциятын күнэ

🇷🇺 1993 с. бүттүүн норуот куоластааһынынан Арассыыйа Федерациятын Конституцията ылыныллыбыта. Конституция толору тиэкиһэ ити сыл ахсынньы 25 күнүгэр ''Арассыыйа хаһыатыгар'' бэчээттэммитэ. Оттон эһиилги сылыттан бу күн судаарыстыбаннай бырааһынньык быһыытынан ылыныллыбыта.

🇷🇺 Конституция – судаарыстыба сүрүн сокуона. Арассыыйа быраапка систиэмэтин тирэҕэ. Атын сокуоннар сүнньүлэрин уонна ис хоһооннорун тутар модун күүстээх. 90-с сылларга Конституция кырата икки ыарахан тургутууну чиэстээхтик туораабыта. Элбэх уларытыылар киллэриллибиттэрэ.

🇷🇺Арассыыйа Конституциятын соҕотох экземпляра кыһыл өҥнөөх чараас тирии тастаах, Арассыыйа үрүҥ көмүс гербэлээх, кыһыл көмүс хаймыылаах быалаах.

🇷🇺 2014 с. Үрдүкү уонна Үрдүкү арбитражнай сууттар холбоһоннор, Крым уонна Севастополь куорат, 2022 с. Арассыыйа састаабыгар саҥа эрэгийиэннэр киирэннэр, кэккэ уларытыылар киллэриллибиттэрэ.

🇷🇺 Олорор судаарыстыбабыт бэлиэ күнүнэн эҕэрдэ буоллун!

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

🇷🇺 Ахсынньы 1⃣3⃣ күнүгэр Арассыыйаҕа Эһэ күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн мээнэҕэ олохтоммотоҕо. Биллэрин курдук, тыатааҕы сүдү күүһүн, кыаҕын иһин Арассыыйа бэлиэтэ буолар.

🐻Билиҥҥи кэмҥэ тыатааҕы барыта арҕаҕар утуйар. Бу кыыл 5-6 мөлүйүөн сыл анараа өттүгэр баар буолбута биллэр. Билигин эһэ 4 көрүҥэ баар: хагдаҥ, үрүҥ, маҥан түөстээх уонна барибал эбэтэр хара эһэ.

🐻 ''Эһэ'' диэн тыл ''мүөтү сиэччи'' диэн тылбаастанар эбит. Тыатааҕы нуучча норуотун элбэх остуоруйатыгар, номоҕор, өс хоһоонугар хара тыа баһылыгын, киэҥ көҕүстээх, тулуурдаах персонаж быһыытынан ойууланар.

🐻 Эһэҕэ Евразия элбэх норуоттарыгар, Эмиэрикэҕэ эмиэ сүгүрүйэллэр. Барыларыгар кэриэтэ эһэни киһи төрүтүн быһыытынан ылыналлар. Эһэ, төһө да суостаах көрүҥнээҕин иһин, сиэрдээх, өйдөөх, кыһамньылаах кыыл буоларын туоһулааччы элбэх. Эһэ баппаҕайа былыргыттан харысхал быһыытынан туттуллар.

🇷🇺 Модун Арассыыйа бэлиэтэ буолбут хара тыа ытык кыылын күнүнэн кини туһунан ааҕыҥ, билсиҥ.

✍🏻 Уйаара КУСТУК.

@uamurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

🧶 Бүгүн – Баайыы күнэ. Икки сыллааҕыта Тамбов уобалаһын Рассказово куоратын ''Малая родина'' диэн айар түмсүүтүн туруорсуутунан бу күн анаммыта. Ити куорат Арассыыйаҕа баайааччыларынан биллэр. Бэл, гербэтигэр баайыы сап ойуулаах.

🧶 Тоҕо чуолаан ахсынньы 14 күнэ талыллыбыта мээнэҕэ буолбатах. 1887 с. ити күн Санкт-Петербурга ''Курс женских рукоделий'' диэн кинигэ тахсыбыта уонна элбэх кэрэ аҥаарга энциклопедия быһыытынан туһалаабыта.

🧶 3 тыһыынча сыл анараа өттүттэн нуучча дьахталлара кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ баайаллара. Ол кэмҥэ сэһэн-сэппэн ыраатара, ырыа-тойук айыллара. Археологическай хаһыылар Былыргы Египеккэ, Грецияҕа уонна Перуга биир көрүҥ саптан баайыы дьарыга баарын туоһулууллар.

🧶Дьобуруопаҕа баайыы 16 үйэҕэ баар буолбута. Ол эрээри, ускуустуба быһыытынан буолбакка, олоххо-дьаһахха суолталаах дьарык быһыытынан сайдыбыта.

🧶 Баайыы ускуустубата сылтан-сыл сайдар, туттар мала-сала даҕаны элбиир, тупсар, массыынанан солбуллар. Ол эрээри, илиинэн баайыы ураты тыыннааҕа биллэр.

@uamurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

🕯 Ахсынньы 1⃣5⃣ күнэ – Профессиональнай иэстэрин толорууга олохторун толук уурбут суруналыыстары кэриэстиир күн. Бу даатаны 1991 с. Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһа олохтообута. Ити сыл ахсынньы 11 күнүгэр суруналыыстар аймахтара, кэллиэгэлэрэ мустан, тыл көҥүлүн туһугар турууласпыт дьоннорун кэриэстээбиттэрэ. Онуоха балаҕан ыйыгар Югославияҕа Сербия боевиктарын ытыалааһыннарыгар түбэһэн, тэлэбиидэнньэ кэрэспэдьиэнэ Виктор Ногин, оператор Геннадий Куренной өлүүлэрэ төрүөт буолбута.

🕯2021 сыллааҕы көрдөрүүнэн, 2023 сылга уопсайа 28 суруналыыс идэтинэн эбээһинэһин толоро сылдьан өлбүт.

🕯 Ааһан эрэр сылга 74 суруналыыс олохтон туораата. 67 киһи сураҕа суох сүттэ.
Күн бүгүн Анал байыаннай дьайыы сиригэр суруналыыстар байыастары кытта тэҥҥэ сылдьан, олохторун кэрэйбэккэ, миэстэттэн сонуннары ыыталлар, буола турар быһыыны-майгыны билиһиннэрэллэр.

🕯 Саха сириттэн эмиэ байыаннай кэрэспэдьиэннэр үгүс үлэни ыыталлар, саха уолаттарын бойобуой сырыыларын сырдаталлар.

Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

🔕 Ахсынньы 1⃣6⃣ күнэ – аан дойдутааҕы Чуумпу күнэ.

🔕Хайа да норуокка, омукка чуумпуну тутуһар күн диэн баар буолар эбит. Дьыл тымныы кэмигэр чуумпуран ылыы иэдээнтэн харыстыыр, дьол, ситиһии кэлиитин түргэтэтэр. Бу күн чуумпуруу куйаары кытта биир ситимҥэ киллэрэр, киһи куйаар сорҕото буоларын өйдөтөр.

🔕 Былыр, бэл, аһылык чуумпу буоларын тутуһуннараллар эбит. Бу күн саҥарбакка сылдьар киһи тыла байарын, сытыыланарын курдук өйдөбүл баар.

🔕 Арай санаатахха, солуута суох күн курдугун иһин, суолталыыр оруннаах. Түбүктээх, сүүрүүлээх олоххо чуумпуран ылыы киһи сааһыланарыгар көмөлөһөр. Аныгы дьон бириэмэ, харчы сырсыытыгар үлүһүйэн, арыт халлааны да хантайан көрбөппүт, бэйэбит турукпутун иһиллэммэппит, сыаналаммаппыт. Оттон күн, олох кэрэтэ, үөрүүтэ бэрт кыра өйдөбүллэртэн, кыырпах саҕа көстүүттэн турар эбээт.

🔕 Бүгүн улахан муусуканы тохтотон, элбэҕи лахсыйартан туттунан, бэйэҕин иһиллэн, чугас дьоҥҥун болҕой, олоххун ырыҥалаа, суолталаа.

✍️ Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

💎 Бүгүн Саха тыйаатырыгар ''Тыгын Дархан'' эрэстэрээн биллиилээх шеф-асчыта Иннокентий Тарбахов 80 сааһынан үөрүүлээх тэрээһин буолуоҕа. Үбүлээргэ бу күн кини аата иҥэриллибит 73,16 карааттаах алмаас куопуйатын туттарыахтара. Ону тэҥэ оҕо дьиэтигэр иитиллибит уол биллиилээх асчыт буола үүнүүтүн суолун кэпсиир ''Асчыт буолар дьылҕам'' диэн Георгий Никонов устубут документальнай киинэни көрдөрүөхтэрэ.
Иннокентий Иннокентьевич кэлиҥҥи түөрт сылга хамсык кэннэ ыарахан ыарыыны кытта охсуһар. Ол эрээри, бар дьонун кытта алтыһар тэрээһинтэн батыммата. Эҕэрдэни, наҕарааданы тутарга сөбүлэстэ.

👨‍🍳 Аатырбыт ''Индигирка'' салааты, ''Сандалы'' бэрэскини тэҥэ саха аныгы аһын арааһын айбыт асчыт 80 сааһын кулун тутар 8 күнүгэр туолбута. Иннокентий Тарбахов саха аһын аан дойдуга тарҕаппыт сүҥкэн үтүөлээх. Билигин хас ыал, аһыыр сир, аһылыктаах тэрээһин, быыстапка төрдүгэр ытыктыыр асчыппыт сүдү кылаата баар. Күндү киһибитигэр үтүө доруобуйаны баҕарыаҕыҥ!

Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

🔖 Ахсынньы 1⃣8⃣ күнэ – СААХСА үлэһиттэрин күнэ.

🔖 Саахса – ЗАГС (запись актов гражданского состояния) кэтэҕэр саҥа төрөөбүт оҕо докумуонуттан саҕалаан киһи олоҕун тиһэх суруга оҥоһуллар түгэнигэр тиийэ түбүктээх, эппиэтинэстээх үлэ турар.

🔖 Саахса уорганын историята 1917 сыл ахсынньы 18 күнүттэн саҕаланар. Бу күн ''О гражданском браке, о детях и о ведении книг актов состояния'' диэн декреккэ илии баттаммыта. Бу докумуон сойуус дьиэ кэргэҥҥэ хайысхатыгар бастакы сокуоннай аакта буолбута. Ол күнтэн Саахсаҕа ыал буолуу, арахсыы, оҕо төрөөһүнүн уонна олохтон барыы докумуоннара толоруллаллар.

🔖 2018 с. Саахса үлэтигэр тосту уларыйыылар буолбуттара. Алтынньы 1 күнүгэр Биир кэлим судаарыстыбаннай реестр оҥоһуллан, Арассыыйа Саахсалара бары биир иһитиннэрэр ситимҥэ киирбиттэрэ. Дойду бары уорганнара үлэлэрин онлайн көрө олорор кыахтаммыттара.

🔖 Саахса уорганыгар үлэлээбит бэтэрээн-үлэһиттэри, бүгүҥҥү кэлэктииби истиҥник эҕэрдэлиибит!

Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

❄️ Ахсынньы 1⃣9⃣ күнэ – кыһыҥҥы Ньукуолун

Православнай итэҕэлгэ Николай Чудотворец күнүн ити итэҕэли ылыммыт саха дьоно эмиэ олус суолталыыллара.

❄️ Бу күн ыраас халлаан турдаҕына, тымныйар, арҕааттан тыалырдаҕына, сылыйар биитэр хаар түһэр, кырыаланнаҕына, быйаҥнаах сайын кэлэр, сииктээх буоллаҕына, ардахтаах күһүн буолар диэн билгэлииллэрэ.

❄️ Ньукуолун күн күүстээх үлэни толоруллубат, аһара күүрүллүбэт, кими да куһаҕан тылынан саҥарыллыбат. Бэйэ бодотун көрүнэн, сиэрдээхтик, көрсүөтүк сылдьыллар.

❄️ Кыһыҥҥы Ньукуолуҥҥа кэргэн кэпсэтэр табыгастаах эбит. Былыр бу күн анаан-минээн кэргэн кэпсэтэллэрэ, уруу тэрийэллэрэ. Бэлиэ күн ыал буолбут дьон уһуннук уонна дьоллоохтук олороллоро.

❄️ Ньукуолуҥҥа баай-талым остуолу тардан, чугас дьоннорун ыҥыраллара. Ыалдьыт хайаан да илии тутуурдаах, өттүк харалаах буолаллара.

❄️ Былыр бу күнү көтүппэккэ бэлиэтииллэрэ. Сэмэй остуол тартарар, халлааны кэтиир-маныыр саха кырдьаҕастарын сорох дьон өйдүүр буолуохтааххыт.

✍️ Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

🍱 Бүгүн - Дьоппуон куукунатын асчытын күнэ. Олус судургутук астанар курдук эрээри, сыллата сайдар куукуна кистэлэҥэ тугуй? Японияҕа дьон тоҕо уһуннук олороруй?

🍱 Окинава арыыга 10 киһиттэн алтата 100 сааһыгар диэри олорор. Онуоха аһылык оруоллааҕын учуонайдар быһаарбыттар. Ол ас састаабыгар муора аһылыга, рис, оҕуруот аһа уонна лапса киирэр.

🍱 Рис ас буһарыгар көмөлөһөр клетчатканан баай. Оттон балык Омега 3 дэнэр баай битэмииннээх.

🍱 Нори дьуотунан баай.
Васаби уонна соевай соус иммунитеты бөҕөргөтөллөр. Ити астар эккэ-сииҥҥэ туһалаахтык дьайаллар. Дьыала арай бородуукта сибиэһэйигэр уонна хайдах буһарыллыбытыгар сытар.

🍱 Бүгүн субуотаҕа бэлиэ күҥҥэ дьоппуон куукунатын амсайыҥ. Үтүө өрөбүлү!

@uamurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

💡Бүгүн - Энергетик күнэ. Дьыл биир саамай кылгас күнүгэр олохпут сүрүн, тыын өрүтүн - сырдыгы, сылааһы - хааччыйар эйгэ үлэһиттэрин күнүн бэлиэтиибит.

💡 1966 с. ыам ыйын 23 күнүгэр ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Ыйааҕынан Арассыыйа электрификациятын судаарыстыбаннай былаанын ылынар күн Энергетик күнүн аныырга быһаарыллыбыта. Онтон ахсынньы үһүс өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр буолбута уонна кэлиҥҥи кэмҥэ ахсынньы 22 күнүгэр бигэргэтиллибитэ.

💡 Энергетик күнүн Арменияҕа, Беларуссияҕа, Кыргызстаҥҥа уонна Украинаҕа эмиэ бэлиэтииллэр.

💡 Күн ахсын дьиэҕэ сырдыгы, итиини хааччыйар эйгэ үлэһиттэригэр идэлээх күннэринэн итии эҕэрдэ буоллун!

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн
Бүгүн ахсынньы 22 күнүгэр Саха сирэ государственнай тутуллаах буоларын 1922 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр ситиспит, оччолорго 24 эрэ саастаах Нам улууһун Хатырык нэһилиэгиттэн төрүттээх чулуу уолбут Максим Кирович Аммосов төрөөбүт күнэ. Сүгүрүйэбит, өйдүүбүт, махтанабыт!

@uamurusahargata
@ulusmedia
#бэлиэкүн
🇷🇺1991 сыл ахсынньы 24 күнүгэр ССРС ХНТ састаабыттан тахсыбыта. РСФСР Арассыыйа Федерациятыгар уларытыллыбыта. Дойду бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Горбачёв дуоһунаһыттан уурайбыта. Уларыта тутуу кэмэ түмүктэнэн, 90-с дьалхааннаах сыллар саҕаламмыттара.

@uamurusahargata
#бэлиэкүн

👩‍🚒 Ахсынньы 2⃣7⃣ күнэ – Арассыыйаҕа Быыһааччы күнэ. Бу күн Арассыыйа Бэрэсидьиэнин 1995 сыл сэтинньи 26 күнүнээҕи 1306 №-дээх Ыйааҕынан олохтоммута.

👩‍🚒 Бу даата мээнэҕэ талыллыбатаҕа. 1990 сыл ахсынньы 27 күнүгэр РСФСР Миниистирдэрин Сэбиэтин Уурааҕынан Арассыыйа быыһааччыларын куорпуһа тэриллибитэ. Ыйаах ылыныллыбыт күнэ Арассыыйаҕа Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин уонна быыһааччы идэлээх күнүн быһыытынан ылыныллыбыта.

👩‍🚒 Бүгүн бу эйгэҕэ үрдүк кылаастаах исписэлиистэр, олох ыгым, ыксаллаах түгэнигэр тыынар тыыннаах олоҕун быыһааһыҥҥа үлэлииллэр. Баһаарынньыктар, быыһааччылар, водолазтар, кинологтар, лүөччүктэр, ыксаллаах быһыы-майгы онтон да атын араас идэлээх исписэлиистэригэр сүгүрүйэбит, идэлээх күннэринэн эҕэрдэлиибит!

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

🎞 Ахсынньы 2⃣8⃣ күнэ – Киинэ аан дойдутааҕы күнэ.

🎞 1895 с. бу күн Парижка Капуцинок бульварга баар ''Гранд-кафеҕа'' бырааттыы Люмьердар аан бастакы киинэни көрдөрбүттэрэ. Ити күнтэн аан дойдуга Киинэ күнэ бэлиэтэнэр буолбута. Ити эрэ иннинэ Огюст уонна Луи Люмьердар ''Синематограф'' диэн бэйэлэрэ айбыт аппарааттарыгар патент ылбыттара. Ол аппараат чэпчэки ыйааһыннааҕа, сыаната да ыарахана суоҕа. Онон түргэнник тарҕанан, киинэ сайдар суолга турбута. 1900 сыл саҕаланыыта дойду бары кэриэтэ муннугар киинэ тыйаатырдара баар буолбуттара. Ол эрээри, оччотооҕу киинэ саҥата суоҕа.

🎞 Саҥалаах киинэ 1927 с. кэлбитэ. ''Уорнер Бразерс'' хампаанньа ''Певец дзажа'' диэн киинэтиттэн саҥа түһүмэх саҕаламмыта.

🎞 Киинэ иитэр, үөрэтэр, сайыннарар кыаҕа балысхан. Кини уопсастыба, судаарыстыба да олоҕор улахан оруоллаах.

🎞 Саха сиригэр эмиэ бу эйгэ улаханнык сайынна. Улуус аайы киинэ уһуллар, нэһилиэнньэ кыттыһар. Бырааһынньыгынан!

✍️ Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

Норуот халандаарынан, ахсынньы 3️⃣0️⃣ күнэ – кыһыны ыйааччы-кэрдээччи Даньыыла таҥара күнэ. Бу күн тугу тутуһалларай?

☝🏼 Утуйа сытар киһи кута этиттэн-сииниттэн араҕар диэн өйдөбүллээхтэрэ. Ол иһин утуйа сытары эмискэ уһугуннарбаттара, сыҕарыппаттара. Куһаҕанын ыллахха, кутун үргүтэн, сатаан төнүннэрбэккэ, онтон киһи ыалдьыан, иириэн да сөбө.

☝🏼 Утуйа сытар киһини болҕойоллоро. Өскөтүн түүлүгэр күлэр буоллаҕына – аанньаллара үөрэллэр, хабырынар – аанньаллара абааһылары кытта охсуһаллар, кэпсэтэр – үйэтэ кылгыыһы.

☝🏼Сулумах кыргыттар үс лавровай лиискэ үс аанньал аатын суруйан, сыттыктарын анныгар уктан утуйаллара. Сарсыарда кими түһээбиттэринэн дьылҕаларын сылыктыыллара.

☝🏼 Бу күн утуйа сытар оҕону сыллаабаттар. Оннукка оҕо ыалдьар диэн өйдөбүл баар.

☝🏼Бүгүн ханна да ыксаабаттар. Дьолу куоттарыахха сөп.

☝🏼 Олоххо, доруобуйаҕа үҥсэргээбэттэр. Ыарыыны, иэдээни ыҥырыахха сөп.

✍🏻 Уйаара КУСТУК

🤩@uamurusahargata
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

🔔Бүгүн – Ороһуоспа чэчиэринньигэ. Христианскай итэҕэл бырааһынньыгын, үчүгэйдик билбэппит да буоллар, бэлиэтиибит. Онон ис дьиҥин билэр тоҕоостоох.

🔔 ''Сочельник'' (чэчиэринньик) диэн тыл сочиво диэн бу күн бурдуктан эбэтэр ристэн астанар хааһы аатыттан ылыллыбыт. Бу ас үс куту ыраастыыр аналлаах. Билэргит курдук, христианскай итэҕэл эмиэ үс куту тутуһар. Разум – ийэ кут, тело – буор кут, душа – ийэ кут. ''Триединство души'' диэн өйдөбүлү туталлар. Чэчиэринньик күнү аччык аҥаардаах туорууллар.

🔔Ороһуоспа чэчиэринньигэр малыыппа ааҕыллар, Иисус Христос төрөөһүнүн кытта ситимнээх түгэннэри саныыллар, библияны ааҕаллар.

🔔Таҥара дьиэлэригэр анал сулууспалар ыытыллаллар. Бу сиэр-туом бүтүн киһи аймах олоҕун быыһааһыҥҥа туһуланар.

🔔Чэчиэринньик чуумпуга, амарах буолууга, духуобунай уонна дьиэ кэргэн духуобунай сыаннаһын суолталыырга ыҥырар.

🔔Бу, бастатан туран, духуобунай бырааһынньык. Онон ис туругу иһиллэнэр, сааһыланар оруннаах.

Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

БҮГҮН - ХОРЕОГРАФ КҮНЭ

💃🕺Эт-сиин, сүһүөх хамсаныытын кэрэ көстүүтэ - үҥкүү. Түү курдук чэпчэки, имигэс хамсаныылардаах, ис дириҥ суолталаах хас биирдии үҥкүү кэтэҕэр ону туруорааччы - хореограф - үлэтэ турар. Бүгүн аан дойду үрдүнэн араас таһымнаах үҥкүүнү туруорааччылар күннэрэ бэлиэтэнэр.

💃🕺Саха сиригэр улахан далааһыннаах маассабай көстүүлэр элбээтилэр. Бүтүн стадион, киэҥ түһүлгэ иэнигэр сүүһүнэн киһи үҥкүүлүүрүн хас хамсаныытыгар, киириитигэр-тахсыытыгар тиийэ толкуйдуур, айар, туруорар хореографтар ситиһэллэр. Саха хореографтарын кэккэтэ күннэтэ хаҥыыр, таһыма үрдүүр.

💃🕺Өрөспүүбүлүкэбит муннуктарыгар үлэлиир хореографтары идэлээх күҥҥүтүнэн эҕэрдэлиибит! Үҥкүү нөҥүө кэрэ эйгэтин ситэриигэ, үтүөнү үксэтиигэ үлэҕитигэр ситиһиини, тахсыыны баҕарабыт.

✍🏻 Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

🧚‍♀️ Тохсунньу 1⃣0⃣ күнэ – Ураты дьон күнэ. Ханна даҕаны уопсай маассаттан уратыланар, атыннык быһыыланар дьон баар буолаллар. Дьэ, бүгүн оннук дьон аан дойдутааҕы күннэрэ.

🧚‍♀️ Ураты дьоҥҥо аан дойдуга туох эрэ уларыйыыны киллэрэр туһуттан саҥаны толкуйдааччылар, айааччылар, арыйааччылар киирэллэр.

🧚‍♀️ Бу күнү Джон Беньярд диэн киһи 1838 сыллаахха киллэрбит. Кини этэринэн, ураты дьон көннөрү дьон көрбөтүн көрөн, эйгэни хамсаталлар, күннээҕи олоххо сонун хардыыны оҥороллор.

🧚‍♀️ Бу күнү хайдах бэлиэтиэххэ сөбүй? Араас дьылҕалаах, суоллаах, үлэлээх дьон олоҕун билсиэххэ, биир санаалаахтары кытта алтыһыахха, бэйэҕэ бырааһынньык тэрийиэххэ сөп.

🧚‍♀️ Таскытыгар ураты оҕо, киһи баар буоллаҕына, эҕэрдэлээҥ уонна кини уратытын бэлиэтээн, үчүгэй тыллары этиҥ, кыра бэлэхтэ туттарыҥ. Киниэхэ онтон ордук туох да наадата суох буолуохтаах.

🧚‍♀️ Аан дойду кэмиттэн кэмигэр уларыйар. Онуоха ураты дьон олус суолталаахтар.
Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

🌯 Бүгүн аан дойдутааҕы ШАУРМА күнэ. Бу ас аҕыйах сылтан бэттэх дьон бары кэриэтэ сөбүлүүр бүлүүдэтигэр киирдэ.

🌯 Шаурма – арабтар айбыт астара. Сүрүн бородууктата – ''лаваш'' диэн ууттан, туустан уонна бурдуктан оҥоһуллар чараас лэппиэскэ. Бу бурдук ас иһигэр эт, оҕуруот аһа, соус сууланар буолан, чараас, сымнаҕас буолуохтаах.

🌯 Шаурма иһигэр ханнык баҕарар эти суулуохха сөп. Эти арабтар эргийэр ''вертел'' диэн тэрилгэ буһаран баран, чараас гына кырбыыллар. Ордук куурусса этэ үчүгэй. Оҕуруот аһыттан чараас гына кырбаммыт хаппыыста, оҕурсу, помидор, лук кутуллар. Соуска майонеһы, араас кетчубу, хартыыһаны булаан куталлар.

🌯 Шаурманы араастаан айан эмиэ астыахха сөп. Холобур, иһигэр сымыыты, сыыры, кукурузаны эмиэ суулуохха сөп.

🌯 Соуһун таптахха, шаурма аныгы үйэҕэ биһирэнэр ПП (правильное питание) аска холкутук киирсэр.

Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

✍️ Тохсунньу 2⃣3⃣ күнэ – Буочар биитэр илиинэн суруйуу күнэ. Бу күн хас биирдии киһи ураты буочарыгар болҕомтону эрэйэр аналлаах. Анал күнү сурук тэриллэрин оҥорооччулар ассоциациялара тэрийбитэ.

✍️ Тохсунньу 23 күнэ – Эмиэрикэ Тутулуга суох буолуутун Декларациятыгар илии баттаабыт биллэр судаарыстыбаннай диэйэтэл Джон Хэнкок төрөөбүт күнэ. Кини бөдөҥ уонна адаархай буочарын дьон бэлиэтии көрбүтэ. Онтон ыла Буочар күнэ баар буолбут.

✍️ Киһи буочара духуобунай эйгэни кытта ситимнээҕин Аристотель, Италия улуу бөлөһүөктэрэ бэлиэтээбиттэрэ.

✍️ Аан бастаан буочарга сыһыаннаах ''графология'' диэн тылы Францияҕа таҥара үлэһитэ Жан Ипполит Мишонер туттубута. Графология сайдыытыгар сүҥкэн кылааты ньиэмэс бөлөһүөгэ, уйулҕаһыта Людвиг Клагес киллэрбитэ.

✍️ Аныгы учуонайдар киһини буочар сэттэ көрүҥэ быһаарарын дакаастаабыттара. Буукуба кээмэйэ, иҥнэйиитэ, быһыыта, хайысхата, ыга баттаныыта, тылы суруйуута, уопсай көстүүтэ ааптарын майгытын, бэл, дьылҕатын кэпсиэн сөп.

✍️ Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM