УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.61K subscribers
34.4K photos
3.15K videos
10 files
5.85K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
👍Дьокуускайга ''Якутия с тобой!'' диэн Анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарбытыгар көмөнү оҥорор хамсааһыны Уус Алдантан төрүттээх Анна Николаевна Ефимова саталлаахтык салайар. Өссө дойдутугар олорон көхтөөх үлэни тутуспут биир дойдулаахпыт күн ахсын түбүктээх үлэҕэ түһүнэр. Кинини кытта кэпсэтиини бу сигэнэн киирэн аах
👇
https://мюрюгазета.рф/anna-efimova-kyajyyny-tutusputunan-chugahatya5yn/

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БороҕоннооҕуРЭСиһитиннэрэр

⚡️Ахсынньы 23 күнүгэр:

- 10 кВ күүрүүлээх Л-Чэриктэй уот ситимигэр Р-88 учаастактан саҕалаан мууһу, хаары ыраастыыр үлэ былааннаммытынан, сарсыарда 10.00-тан киэһэ 16.00 чааска диэри Чэриктэйгэ уот арахсыаҕа. Онуоха 20-лии мүнүүтэлээх быстах араарыылары 10.00 уонна 16.00 чааска Дүпсүн сорох өттүгэр оҥоруохтара;

- 10 кВ күүрүүлээх Л-Биэттэ уот ситимигэр эмиэ итинник үлэ оҥоһулларынан, сарсыарда 10.00-тан киэһэ 16.00 чааска диэри Даалыга, Элэһиҥҥэ, Биэттэҕэ, Кэптэнигэ Чагдаҕа уонна Нагорнай уул. уот арахсыаҕа;

- 35 кВ күүрүүлээх Л-61Д уот ситимигэр Кэптэни – Дүпсүн хайысхаҕа мууһу, хаары ыраастыыр үлэ оҥоһулларынан, 11.00 чаастан 14.00 чааска диэри Дүпсүҥҥэ, Бээдигэ, Чэриктэйгэ, Остуойкаҕа, Эһэлээххэ, Балыктаахха, Дыгдаалга уот арахсыаҕа;

- 10 кВ күүрүүлээх Л-Матта уот ситимгэр Р-91 учаастактан эмиэ итинник үлэ оҥоһулларынан, күнүс 12.00 чааска уонна 16.00 чааска 20-лии мүнүүтэлээх быстах араарыылар Арыылаахха, Бэйдиҥэҕэ, Окоемовкаҕа, Уус Күөлүгэр, Балаҕаннаахха оҥоһуллуохтара.

- 35 кВ күүрүүлээх Маҥан Өтөх подстанциятыгар былааны таһынан үлэ оҥоһулларынан, күнүс 13.00 чаастан 15.00 чааска диэри Саһылыкааҥҥа уоту араарыахтара.

⚡️ Ахсынньы 24 күнүгэр 10 кВ күүрүүлээх Л-Чэриктэй уот ситимигэр Р-88 учаастактан саҕалаан мууһу, хаары ыраастыыр үлэ былааннаммытынан, сарсыарда 10.00-тан киэһэ 16.00 чааска диэри Чэриктэйгэ уот арахсыаҕа. Онуоха 20-лии мүнүүтэлээх быстах араарыылары 10.00 уонна 16.00 чааска Дүпсүн сорох өттүгэр оҥоруохтара.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🏐Ахсынньы 21-22 күннэригэр Дьокуускай куоракка "СахаВА" суперфиналын бастакы чемпионун Г.С. Попов сырдык кэриэһигэр "СахаВА" суперфинала ыытылынна.

👏Уус Алдантан эдэрдэргэ кыргыттар хамаандалара — 🥇, Чурапчы — 🥈, Бүлүү — 🥉буоллулар.

"Турнир бастыҥ оонньооччута" ааты Лида Троева ылла уонна Григорий Попов чугас доҕорун Николай Друзьянов дьиэ кэргэнин бирииһин тутта.

"Бастыҥ кимээччи" уонна "Кэскиллээх бастыҥ оонньооччу" ааттары Женя Дегтярева ылары ситистэ. "Турнир бастыҥ капитана" Аня Аммосова буолла.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍Өнөргө ахсынньы 20 күнүгэр доруобуйаларынан хааччахтаах дьоммутугар анаан “Сырдык санаа иэйиитэ” диэн улуустааҕы тэрээһин буолан ааста. Доҕордоһуу түстэнэр көрсүһүүгэ Мүрүтэн үс, Лөгөйтөн уонна олохтоох Өнөр түмсүүтүттэн барыта 5 хамаанда кытынна.

✍️Сиһилии уопсас. кэрэсп. Варвара Парникова-Үүйэ
👇
БАТТАА↩️

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM