УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.47K subscribers
33.5K photos
3.06K videos
10 files
5.72K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Бу күннэргэ Ставропольскай кыраай Креста куоратыгар "Кубок Кавказа" диэн мас тардыһыыга бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиигэ Тулунаттан төрүттээх Даша Габышева 75 киилэ ыйааһыҥҥа 2-с миэстэни ылан, нэһилиэкпит олохтоохторун үөртэ.

Бу турнир Арассыыйа 2021 сыллааҕы чөмпүйэнээтин иннинээҕи бүтэһик квалификациялыыр күрэхтэһии быһыытынан сыаналанар. Уопсайа тоҕус регионтан күүстээх мас тардыһааччылар күөн көрүстүлэр.

Даша – түөрт оҕолоох аҥардас ийэ Мария Габышева улахан кыыһа. Оскуола кэнниттэн Төҥүлүтээҕи профтехучилищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Быйыл бүтэрэр сыла.

Даша оҕо эрдэҕиттэн илиитигэр күүстээҕэ, успуорка талааннааҕа биллэрэ, эһэтигэр Иннокентий Габышевка – төһүү көмөлөһөөччүтэ. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар волейболунан, гиирэни анньыынан, мас тардыһыытынан сөбүлээн дьарыктаммыта. Нэһилиэккэ, улууска үгүс күрэхтэһиигэ кыттан, үксүн кыайыылаах тахсааччы. Дэгиттэр кыыс 2018 сыллаахха нэһилиэкпитигэр 10 бастыҥ спортсмен иһигэр ааттаммыта. 

Тулуналар Дашабытыгар эҕэрдэбитин тиэрдэбит, инникитин өссө күүскэ дьарыктанан, үрдүк чыпчааллары дабайарыгар баҕарабыт.

🖊️ Мариса Васильева – Күбэйэ, уопс. кэрэсп.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#бэртхара
#успуорт
#мастардыһыыта
#тулуна
https://www.instagram.com/p/COE9mU0sjbu/?igshid=i0m52td2afn6
📰📰📰

Хайа баҕарар түгэни, бэлиэ кэми эбэтэр ситиһиилэри үйэ-саас тухары туоһулуур, бэлиэтиир сурук-бичик, хаартыска, анал наҕараадалыыр уонна өйдөбүнньүк бэлиэлэр баар буолаллар. Кэлин бу барыта устуоруйа кэрэһиттэрин, туоһуларын быһыытынан ылыныллыахтарын да сөп. Ону биһиги өйдүөх, үөрэтиэх кэриҥнээхпит.

Биллэрин курдук, 1930 сыллаахха тохсунньу 9 күнүгэр Уус Алдан оройуона тэриллибитэ. Ити кэмтэн ыла араас архыыптарга, мусуойдарга ол түгэннэри кэрэһэлиир докумуоннар, хаартыскалар хараллан сыталлар, көрдөрүүгэ тураллар. Мин бу суруйуубар улууспут (оройуоммут) сайдыытын көрдөрөр бэлиэлэр туһунан баар чахчыларга олоҕуран кэпсиибин. Улууспут салайааччылара бу боппуруоска болҕомтолорун ууран үлэлэһэллэрэ кэрэхсэтэр, үгүстэргэ холобур буолар.

Мин уонтан тахса сыл аҥаардас Уус Алдан оройуонугар, улууһугар анаммыт значоктары хомуйуунан, үөрэтиинэн дьарыктанным. Барыллаан ааҕыынан улууспутугар сыһыаннаах 450 тахса анал бэлиэ, значок оҥоһуллубут. Биллэн турар, барыта үрдүк хаачыстыбалаах буолбатахтар. Оҥоһуллубут сыаллара-соруктара, ис хоһоонноро эмиэ оннуктар.

Уус Алдан оройуонугар икки бастакы значок 1972 сыллаахха оҥоһуллубуттара биллэр. Онон оҥоһуллубуттара 2022 сылга 50 сыла туолар. Итинтэн сиэттэрэн уларыйыы-тэлэрийии кэмнэрин баттаһа кыһыл көмүстэн саҕалаан, үрүҥ көмүстэн, мельхиортан, мамонт муоһуттан, сибиньиэстэн, алюминийтан, алтантан, пластик араас көрүҥнэриттэн, бэл диэтэр, туостан значок оҥоруу тэтимнээхтик сайдан барбыта.

Кэллиэксийэньиэр Федот Бысыин бу ыстатыйатын толору "Мүрү саһарҕата" хаһыат муус устар 23 күнүнээҕи 16-с нүөмэригэр эбэтэр хаһыат саайтыгар аах

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#кэллиэксийэ
#тулуна
#сахаасср100сыла
https://www.instagram.com/p/COHL5FWs5Ca/?igshid=1ae24mgp6ou42
💫Мы все этого так долго ждали!

🔻Сегодня состоится долгожданный торжественный запуск 33 районных сетевых изданий (новостных сайтов) и обновленного портала «Ulus.Media»🥳 И специально к этому дню редакции улусных газет подготовили вот такое видео-флешмоб😍

🔻Смотрите прямую трансляцию запуска на сайте ulus.media (ссылка в шакпе профиля)

#улусмедиа #якутия #сахасирэ #новостиякутии
https://www.instagram.com/p/COHM6mSntD_/?igshid=hd4en4bhy29u
🔉Заместитель министра по физической культуре и спорту Республики Саха (Якутия) Бугаев Александр Николаевич, проведет 26 апреля 2021 г. прямой эфир на официальных страницах Администрации Главы и Правительства республики в социальных сетях «Одноклассники» и «ВКонтакте».

🔷 Александр Бугаев ответит на вопросы о мероприятиях Года здоровья в республике, исполнении национального проекта «Демография», работе спортивных объектов в условиях угрозы распространения коронавирусной инфекции.

🔺 Ссылки на эфир:

Одноклассники - https://ok.ru/group/56131284041904/topic/153430695292336

Вконтакте - https://vk.com/wall-187580720_13512

❗️ Начало – в 17 час.00 мин.
https://www.instagram.com/p/COHZJqmsoRv/?igshid=1g8pd12vydol7
📰📰📰

Улуустааҕы суһал ыстаап иһитиннэрбитинэн, муус устар 19 күнүттэн 25 күнүгэр диэри улууска Сыырдаахха, Бороҕоҥҥо коронавируһунан ыалдьыы 9 түгэнэ бигэргэммит.

Ыалдьыбыт дьону кытта алтыспыт 51 киһи дьиэтигэр олорор, медиктэр бу дьон доруобуйаларын кэтээн көрөллөр.

Инфекционнай салааҕа муус устар 26 күнүнээҕи туругунан, 6 киһи эмтэнэр, о.и. орто ыарахан туруктаах – 2, үчүгэй туруктаах – 4. Провизорнайга 1 киһи баар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ диэри вакцинация бастакы түһүмэҕинэн 1890 киһи хабылынна, иккис түһүмэҕин 1058 киһи ылла.

Оттон өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ааспыт сууккаҕа 85 киһи ыалдьыбыта бигэргэннэ, о.и. Дьокуускайга 50 киһи.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#COVID19
#вакцинация
#суһалыстаапиһитиннэрэр
https://www.instagram.com/p/COHjg6Ns2GQ/?igshid=gybdbtd6gr5m
📰📰📰

Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө Сахабыт сирин историятыгар улахан суолталаах саҥа кинигэ күн сирин көрдө.

Өрөспүүбүлүкэҕэ 2016 с. уһулуччулаах уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл, XIX-XX үйэлэр кирбиилэригэр саха интеллигенциятын лидерэ, сырдатааччы Василий Никифоров – Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сыла киэҥник бэлиэтэммитэ. Дьоһун түгэҥҥэ сөп түбэһиннэрэн, Күлүмнүүр үбүлүөйүн тэрийэн ыытар өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэти сүрүннээн үлэлэппит Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков этиитинэн «Бичик» кинигэ кыһатыгар «Национальная интеллигенция и становление государственности народов Якутии» диэн кинигэ сиэрийэтэ олохтоммута.

Оттон «Национальная интеллигенция и становление государственности народов Якутии» серия иккис уонна үһүс кинигэлэрэ Саха өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө тахсыбыттара саха норуотугар бүттүүнүгэр анаабыт курдук дьоһуннаах бэлэх, биһиги үтүө өбүгэлэрбит ааттарын салгыы үйэтитиигэ өссө биир саҥа олук буолуохтара.

🖊️ Саргылана Данилова бу ыстатыйатын толору "Мүрү саһарҕата" хаһыат муус устар 23 күнүнээҕи 16-с нүөмэригэр эбэтэр хаһыат саайтыгар аах

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#саҥакинигэ
#өрөспүүбүлүкэкүнүнкөрсө
https://www.instagram.com/p/COHrZMGs-is/?igshid=14dgpvqhfpqq6
😷В своей речи Владимир Путин отметил, что СOVID-19 остается прямой угрозой. Остановить эпидемию можно лишь при помощи вакцинации. Возможность сделать прививку должна быть у всех граждан России, подчеркнул Президент. Он призвал Правительство, Минздрав и глав регионов вплотную заняться этими вопросами.

💉 По состоянию на 26 апреля 2021 года 104 666 якутян получили первую дозу вакцины, чуть меньше половины от этого числа – вторую дозу. Более 25 тысяч человек, получивших вакцину, старше 65 лет.

📌 «При вакцинации приоритет, по-прежнему, отдаётся гражданам старше 65 лет, которые остаются в группе риска. Сегодня важно сохранять соблюдение масочного режима, социального дистанцирования в общественных местах, проведение дезинфицирующих мероприятий», — подчеркнула Елена Борисова.

#улусмедиа
#коронавирус
#вакцинация
https://www.instagram.com/p/COH3kGDMu18/?igshid=13e1wjdoo598s
🔺 В своем очередном Послании Президент России поставил задачу по переводу большинства государственных и муниципальных услуг в дистанционную форму, в формате 24/7, на постоянной основе.

🔺Доля заявлений на получение государственных и муниципальных услуг, поданных электронной форме достигла значения 37% от общего количества заявлений.

🔺На текущий момент населению Якутии доступно 115 государственных и 94 муниципальных услуг в электронной форме на региональном портале.

🔺По итогам 2020 года количество посетителей регионального портала увеличилось в 2,9 раз и составило 338 379 чел.
https://www.instagram.com/p/COH6F_lMdj1/?igshid=7y4zq4tj2388
🎉🎉🎉

Саха сирин ытык-мааны олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Муус устар 27 күнэ Саха сирин хас биирдии олохтооҕор уһулуччу суолталаах. 1922 сыллаахха тэриллибит Саха АССР Сахабыт сирин устуоруйатыгар сайдыы саҥа кэмин тосхойбута. Бу күн биһиги Былатыан Ойуунускайы, Максим Аммосовы, Исидор Бараховы, Степан Аржакову уонна да атын үтүөкэннээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэллэри махтана ахтан-санаан ааһабыт.

Бу ытык дьоммут тустаах кэмҥэ бэлиитикэҕэ хорсуннарынан, төрөөбүт сирдэригэр бэриниилээхтэринэн судаарыстыбаннаһы төрүттээбиттэрэ.

Ити кэмтэн номнуо 70 сыл ааспытын кэнниттэн, 1992 сыллаахха, Саха сирэ РФ састаабыгар саҥа статуһун быһаарар өрөспүүбүлүкэ саҥа Конституцията күүһүгэр киирбитэ. Сахабыт сирин сайдыытын саҥа кэмэ Михаил Николаевы уонна кини үөлээннээхтэрин кытта быстыспат ситимнээх. Бу сыллар тухары биһиги өрөспүүбүлүкэбит улуу Арассыыйа�ны кытта үгүс кыайыылаах, ситиһиилээх сайдыы суолун тутуһан кэллэ. Бу кэм устата норуот хаһаа�йыстыбатын бары салаалара уонна социальнай эйгэ тэтимнээхтик сайыннылар.

Бүгүн биһиги иннибитигэр эрэгийиэҥҥэ күннэтэ бэлиэтэнэр үтүө уларыйыылар тэтимнэрин өссө күүһүрдэр сорук турар. Сир баайын көдьүүстээхтик туһанарга, сырьену хостооһун уонна таҥастааһын кээмэйин улаатыннарарга, тулалыыр эйгэҕэ промышленнай үлэттэн тахсар хоромньуну аҕыйатарга туһуламмыт саҥа соруктары туруорабыт.

Өрөспүүбүлүкэбитигэр инфраструктура бөдөҥ бырайыактара олоххо киирэллэр, Арктиканы сайыннарыы саҥа саҕахтара арыллаллар.
Киэҥ-куоҥ сиринэн-уотунан тайаан сытар өрөспүүбүлүкэбит бары муннуктарыгар нац. бырайыактары олоххо киллэрэргэ сүҥкэн үлэ ыытыллар. Хаарбах туруктаах олорор дьиэлэри көтүрэн саҥа дьиэлэри тутабыт, суоллары тупсарабыт, куораттар уонна сэлиэнньэлэр тас көстүүлэрин тупсаҕай оҥоробут, доруобуйа харыстабылын, үөрэх уонна култуура эйгэлэрин бөҕөргөтөбүт уонна сайыннарабыт, демография көрдөрүүлэрин үрдэтэбит.

Салгыытын комментарийдарга аах

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#илдархан
#өрөспүүбүлүкэкүнэ
https://www.instagram.com/p/COJXf1XMg1z/?igshid=ihl80ootq3qo
📰📰📰

Эһиил 2022 сылга ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньууларын көрсө, Бороҕоҥҥо үс улахан спортивнай тутуу: Мындааба бөһүөлэгэр тустуулар көрүҥнэрин универсальнай саалата, "Бэрт Хара" стадион, итиэннэ улуус киинин хаба ортотугар Бороҕоҥҥо элбэх хайысхалаах спортивнай комплекс үлэлэрэ бара тураллар.

Бороҕон ортотугар дьэндэйиэхтээх 7 976 кв. миэтэрэ иэннээх элбэх хайысхалаах спортивнай комплекс тирэхтэрин түһэрии үлэтэ тэтимирдэ.

Икки анал массыына сири 10, 13 миэтэрэ дириҥҥэ дьөлүтэ үүттээн, күҥҥэ 12-14 скважинаны хаһаллар. Бэлэмнэммит сирдэргэ 12, 14 миэтэрэ уһуннаах тирэхтэри түһэртээн иһэллэр.

📌 "Уопсайа 492 сыбаайа түһүөхтээҕиттэн, 360 номнуо түстэ. Үлэ график быһыытынан этэҥҥэ бардаҕына, тирэхтэри туруоруу ыам ыйын саҥата түмүктэниэхтээх", – диэн "РусСтрой-89" ХЭТ маастара Александр Винокуров кэпсиир.

Өрөспүүбүлүкэҕэ физическэй култуура, спорт сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах киэн туттар киһибит Николай Тарскай аатын сүгэр спорткомплекс араас көрүҥнэри биир сиргэ түмэн, улууска чөл олох, спорт сайдыытын бастыҥ киинэ буолара күүтүллэр.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#успуорт
#бэртхара
#сахасиринноруоттарынVIIIспортивнайоонньуулара
https://www.instagram.com/p/COJxfFjsMhU/?igshid=1lqpbgikcd1xg
📰📰📰

Бүгүн өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников улууспутугар үлэлээтэ, эһиилги сылга ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньууларыгар бэлэмнэнэн тутулла турар социальнай эбийиэктэри көрдө-иһиттэ, ону сэргэ улуус устуоруйатын Сэһэн Ардьакыап аатынан мусуойугар сылдьан, Иван Мигалкиҥҥа аналлаах быыстапканы сэргээтэ.

Улуус дьаһалтатыттан салайааччылар уонна тустаах үлэһиттэр буолан, үс улахан спортивнай эбийиэк: элбэх хайысхалаах спортивнай комплекс, тустуу көрүҥнэрин саалатын уонна Майаҕатта Бэрт Хара аатынан стадион тутууларыгар үлэни-хамнаһы билистилэр.

Маны сэргэ, Үүнэр көлүөнэ пуондатын өйөбүлүнэн тутуллар В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура киинин, «Демография» бырагырааманан тутулла турар 75 миэстэлээх «Кэскил» оҕо уһуйаанын уонна «Үөрэхтээһин» бырайыагынан олоххо киирэр Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолатын тутууларыгар сырыттылар.

Онон Саха сирин автономиятын 100 сылын көрсө, биир сүрүн тэрээһининэн буолар VIII-с спортивнай оонньуулары үрдүк тэрээһиннээхтик ыытар уонна улуус, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар төһүү күүс буолар тутуулар хаачыстыбалаахтык тутуллан, кэмигэр үлэҕэ киирэллэрин туһугар үлэ тэтимнээхтик ыытыллар.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тутуу
#сахаасср100сыла
#сахасиринноруоттарынVIIIспортивнайоонньуулара
https://www.instagram.com/p/COKL2RKsgmO/?igshid=1w7ci517pxmk9
В Якутии за 2020 год добывающая промышленность поставила сразу пять рекордов

🔺 Прошлый год стал для якутской промышленности временем рекордов. В нашей республике впервые добыли так много нефти, газа, угля, золота и серебра. За год более 8 тысяч якутян получили высокооплачиваемую работу на добывающих предприятиях по программе «Местные кадры в промышленность». Почему в сложный период карантинов и ограничений, во время спада в мировой экономике промышленность Якутии работает так успешно? Чтобы найти ответ, нужно понять, как изменилась наша добывающая отрасль за последние 20 лет.
 
🔺В прошлом году добывающая промышленность Якутии поставила сразу пять рекордов. Мы добыли более 20 миллионов тонн угля, 15,9 млн тонн нефти, почти 40 тонн золота, 78 тонн серебра, 6,7 млн кубометров газа. Каждый результат – небывалый, самый большой за всю историю нашего края. Может быть, это случайность? Нет, объемы добычи растут уже много лет подряд. За 10 лет добыча нефти выросла в 4,5 раза, газа – в 2,5 раза, золота – почти в два раза, серебра – в 26 раз! Ошеломляющий результат – в угольной отрасли: за 10 лет мы стали добывать на 10 миллионов тонн угля больше. Смотрите инфографику спецпроекта "Якутия. 20 лет в 21 веке" ↪️

☑️ Подробно читайте на сайте: ulus.media

#улусмедиа #Якутия. 20 лет в 21 веке #якутия20летв21веке
https://www.instagram.com/p/COMLsP-s_-V/?igshid=c2wd17dw8hw0
📰📰📰

Эрдэ "COVID-19" ыарыынан ыалдьа сылдьыбыккын, антитела үөскээбитин билэр сыалтан төлөбүрдээх ИФА анаалыһын туттарыы күн аайы сарсыарда 9 чаастан 10 чаас 30 мүн. диэри улуустааҕы оҕо поликлиникатыгар оҥоһуллар. Манна иммунологическай кэбиниэт сиэстэрэтэ Антонина Сивцева хаан анаалыһын ылан, киин балыыһа лабораториятыгар ыытар. Бу анаалыс урут вакцинаны ылыаҥ иннинэ хайаан да ирдэнэр буоллаҕына, билигин, билэргит курдук, баҕа өттүнэн оҥоһуллар.

📌 Антонина Васильевна:  “Күн аайы быһа холоон, 10-ча киһи анаалыс биэрэр. Анаалыс төһө элбэҕиттэн көрөн түргэтээбитэ, биир күнүнэн оҥоһуллан бүтэр. Түмүктэри улуустааҕы поликлиника 15 №-дээх кэбиниэтиттэн ылаҕыт”, – диэн билиһиннэрдэ.

Өссө ИФА анаалыһын өрөспүүбүлүкэ, улуус тас өттүттэн кэлбиттэр туттараллар, манна күрэхтэһээччилэр, спортсменнар, араас куонкурустарга кыттыбыт оҕолор, учууталлар, тас дойдуга сынньанан кэлбит дьон, о.д.а. киирсэллэр. Биир анаалыс сыаната 1252 солк. 60 харчыга тэҥнэһэр.

Маны тута анаалыс биэрэр сиргэр төлүүрүҥ судургу эбит. Анаалыс түмүгүнэн антитела көрдөрүүтэ 15-тэн үөһэ буоллаҕына коронавируһунан ыалдьа сылдьыбытыҥ быһаарыллар, оччоҕуна 6 ый кэнниттэн вакцинаны ылар буолаҕын.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#COVID19
#вакцинация
https://www.instagram.com/p/COMUABBsfP0/?igshid=3atpjkdrytpb
🔈Заместитель министра сельского хозяйства Республики Саха (Якутия)  Василий Владимирович Афанасьев проведет 28  апреля 2021 г. прямой эфир на официальных страницах Администрации Главы и Правительства республики в социальных сетях «Одноклассники» и «ВКонтакте».

🔹Василий Афанасьев ответит на все актуальные  вопросы, связанные с развитием сельского хозяйства, о новом механизме субсидирования, о заготовке молока.

🔻Ссылки на эфир:

Одноклассники- https://ok.ru/sakhagov/topic/153439249378736  

Вконтакте -   https://vk.com/sakhagov?w=wall-187580720_13595  

❗️Начало – в 17 час.00 мин.
https://www.instagram.com/p/COMaimbMbQ1/?igshid=139jwdh82s0lw
📰📰📰

Уус Алдан улууһугар 2017-2022 сылларга орто уонна дьоҕус бизнес сайдыытыгар туһуламмыт олохтоох бырагыраама үлэлиир. Онон үлэ-хамнас анал бырагыраама чэрчитинэн ыытыллар.

Улуус нолуокка сулууспатын көрдөрүүлэринэн, 2020 сыл бүтүүтэ дьоҕус бизнеһинэн дьарыктанааччы уопсай ахсаана 646-ҕа тэҥнэһэрэ. Бу иһигэр 428 урбаанньыт, 172 бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта, 46 хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ баара биллэр, ону тэҥэ быйыл 72 киһи саҥа урбаанньыт быһыытынан регистрацияламмыттар.

Былырыын от ыйын 1 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэҕэ бэйэ дьарыктаах дьоҥҥо нолуоктааһын саҥа эрэһиимэ киирэн, 89 киһи баара бэлиэтэммит. Улууска түөрт атыы-эргиэн киинэ, алта дьон аһыыр сирэ-уота, 180 стационарнай атыы-эргиэн эбийиэктэрэ үлэлииллэр.

📌 Бу эйгэни улуус дьаһалтатын иһинэн урбааҥҥа салаатын салайааччыта Айаан Михайлов билиһиннэрэр:

📌 – Бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччылар сайдалларыгар, туруктаах дьыалаланалларыгар туһуламмыт судаарыстыбаннай уонна олохтоох көмөнү 32 урбаанньыт уонна юридическэй сирэй туһаннылар. Көмө үп-харчы 6 мөлүйүөн 489 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр. Ону таһынан, СӨ предпринимательствоны өйүүр кэммиэрчэскэйэ суох пуондатын улуустааҕы салаатын иһинэн чэпчэтиилээх үбү-харчыны иэс ылыахха сөп. Бу өҥөнөн икки урбаанньыт туһанан, 1 мөл. солкуобай суумалаах көмө оҥоһулунна.

📌 Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Мин бизнеһим» киин улуустааҕы салаатын нөҥүө тоҕус урбаанньыт ороскуоттарын сабыналларыгар 1 мөл. 249 тыһыынча солкуобай көмө ылбыттара. Бу үп кинилэр үлэлэрин цифровизациялыылларыгар, куортамнарыгар, итиэннэ олохтоох оҥорон таһаарааччыларга туһуламмыта.

📌 Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин иһинэн урбаанньыт аатын сүкпүт 20 киһи 3 мөлүйүөн 40 тыһыынча солкуобайдаах субсидиянан туһаммыттара. “СӨ предпринимательствоны сайыннарыыга пуондата” өрөспүүбүлүкэтээҕи кыра кирэдьиити биэрэр хампаанньа 1 мөл. 200 тыһ. солкуобай суумалаах үбү биир урбаанньыкка иэс биэрбитэ. Сыл түмүгүнэн, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар уонна дьарыктаныан баҕалаах 644 киһиэхэ дьыалаларын салгыылларыгар, туруктаах олохтоноллоругар туһуламмыт сүбэ-ама, күүс-көмө буолар үлэлэр тэриллибиттэрэ.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#урбаан
https://www.instagram.com/p/COMdNQwsVOC/?igshid=ga6xqfrho6rd
📰📰📰

Хоро нэһилиэгин олохтоохторо – күөх Ньурба мааны кыыһа Айталина, хоту дойду хоһуун уола Руслан Малышевтар – дьоҕус бизнес тэринэн, улууска биир интэриэһинэй көрүҥү – маһынан, тимиринэн быһан араас уустук, кэрэ, дьэрэкээн көстүүлээх оҥоһуктары оҥорон таһаарар дьыаланы арыммыттара төрдүс сылыгар барда.

Онуоха Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин нөҥүө, “бэйэ дьарыктаах буолуутун көҕүлүүр” сыаллаах бырагырааманан 152 тыһыынча солкуобайдаах субсидияҕа тиксибиттэрэ дьыалаларын саҕалыылларыгар тирэх, итиэннэ Хоро нэһилиэгин дьаһалтата эдэр ыалга сир-уот биэрэн, олорор уонна уһанар дьиэ туттан, үлэ сайдарыгар улахан көмөнөн, өйөбүлүнэн буолбута.

Айталина ийэтинэн Уус Алдантан төрүттээх. Онон Майаҕаска олохсуйар баҕалара ылбычча буолбатах. Оҕо эрдэҕиттэн өрүү сылдьа үөрүйэх дойдутугар, идэтинэн алын сүһүөх кылаас учуутала үлэтэ көстөн, олохсуйардыы 2012 сыллаахха көһөн кэлбиттэрэ.

Ыал аҕата Руслан Малышев эр киһи быһыытынан айар-тутар, уһанар дьоҕурдаах. Ол дьарыгын аныгы олох тэтимигэр сыһыаран өссө сайыннарар баҕаттан, киһи илиитинэн дэбигис оҥоро охсубат уустук оноһуктарын айан-тутан таһаарар өҥөнү интэриэһиргээбитэ. Көмпүүтэр уонна анал ЧПУ фрезернэй станок көмөтүнэн кини баҕатын курдук үлэ түргэнник оҥоһуллуон сөбүн үөрэтэн барбыта.

“Киһи сатаабата суох” диэн санааттан станогун сакаастыы охсубута. Онтута, быһаччы эттэххэ, робот кэриэтэ этиллибит сорудаҕы биир да миллиметр халбаҥнаабакка оҥорон таһаарар олус табыгастаах эбит. Онуоха кэргэнэ Айталина бу инникилээх буолуоҕун таба өйдөөн, өйөөн, билигин иккиэн күннэтэ түбүгүрэ, айа-тута сылдьаллар.

🖊️ Суруналыыс Ольга Шепелева бу ыстатыйатын толору "Мүрү саһарҕата" хаһыат муус устар 23 күнүнээҕи 16-с нүөмэригэр эбэтэр хаһыат саайтыгар аах

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#дьоҕусурбаан
#дьиэкэргэнбизнеһэ
https://www.instagram.com/p/COM5LqGsqpt/?igshid=1xuskd0yq5crt
🔺Компания «Эльгауголь», которая в прошлом году добыла около 7 млн тонн угля, планирует в нынешнем году увеличить добычу до 18 млн тонн, сообщил первый заместитель министра промышленности и геологии Республики Саха (Якутия) Михаил Кириллин по запросу спецпроекта «Якутия. 20 лет в 21 веке». В результате общий объем добычи угля в Якутии вырастет не менее чем на 75% – с 20 млн тонн в 2020 году до 35 млн тонн по итогам 2021 года.

📌 «К концу 2020 года Эльгинский комплекс вышел на объем добычи в 12 млн тонн в годовом выражении, и уже в 2021 году стоит задача – добыть 18 млн тонн. А это, в первую очередь, налоги в бюджет республики на реализацию социальных проектов и на развитие транспортной инфраструктуры», – сообщил Михаил Кириллин.
 
🔺 Он отметил, что за последние три года в Якутии запустили ряд крупных промышленных проектов. «Это обогатительная фабрика «Денисовская», крупнейшие объекты России – первая очередь угольной шахты «Инаглинская» и обогатительной фабрики «Инаглинская-2», в том числе современный угольный терминал «ВаниноТрансУголь». Уже в этом году состоялся торжественный запуск крупного производственного объекта – шахты «Восточная Денисовская». Все это позволит нам в перспективе увеличить объем добычи и производства угля, создать новые рабочие места, улучшить благосостояние население, укрепить экономику и позицию региона на энергетическом рынке России», – сказал первый заместитель министра промышленности и геологии Якутии.

Подробно читайте на сайте: ulus.media

#улусмедиа #Якутия. 20 лет в 21 веке #якутия20летв21веке
https://www.instagram.com/p/COM9_n9s06_/?igshid=1iz1z75nus15i
📰📰📰

Саха сирин биллэр-көстөр суруналыыстара бүгүн, муус устар 28 күнүгэр, “төгүрүк остуол” тула түмүстүлэр. Мунньаҕы СӨ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева ыытта. “Төгүрүк остуол” ыалдьыттарынан Уус Алдан улууһун дьаһалтатын баһылыга Алексей Федотов, Мүрү нэһилиэгин баһылыга Василий Аммосов, СӨ Инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга министиэристибэтин отделын салайааччыта Станислав Софронов буоллулар.

Мунньахха сүрүннээн түөрт тиэмэ тула кэпсэтии таҕыста: бастакытынан, саха тылынан аан бастаан тахсыбыт официальнай хаһыаттар үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр кыттыы уонна сырдатыы; иккиһинэн, быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит Доруобуйа сылыгар маассабай успуорка, доруобуйа харыстабылыгар сыһыаннаах матырыйааллары суруйуу; үсүһүнэн, саха тылынан тахсар кумааҕы хаһыат дьылҕата итиэннэ суруналыыстар хамнастара; төрдүһүнэн, 2022 сылга Уус Алдаҥҥа ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньууларыгар бэлэмнэнии үлэтин сырдатыы уонна оонньуу кэмигэр суруналыыстар түһэр сирдэрэ.

Улуус бэрэстэбиитэллэрэ бу тэрээһиҥҥё кыттыылара 2022 сылга ыытыллыахтаах спортивнай оонньууларга бэлэмнэниини, ону таһынан оонньуулары сырдатыыга төһүү күүс буолуоҕа.

🖊️ Суруналыыс Айаал Молокотин бу ыстатыйатын толору хаһыат саайтыгар аах

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#суруналыыстыка
#сахасиринноруоттарынVIIIспортивнайоонньуулара
#төгүрүкостуол
https://www.instagram.com/p/CONAXH0M_qV/?igshid=11xgknbyddezu
🏥🩺

Доступная диспансеризация для всех. Расширенные программы медицинской помощи запустят с 1 июля
https://www.instagram.com/p/CONNwIxs1R8/?igshid=o59aawpxnejs
🏖🐬

Еще больше отдыха: Владимир Путин предложил возвращать родителям половину стоимости путевки в детский лагерь и продлить программу туристического кэшбэка до конца года.
https://www.instagram.com/p/CONN6JUsoLm/?igshid=1pyz833fg1p8k
📰📰📰

II Лөгөй нэһилиэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммит күнүгэр олохтоох бэйэни салайыныы үрдүкү уорганын – Степной Думаны – тэрийсибит, салайбыт биир дойдулаахпыт Иван Мигалкин төрөөбүтэ 250 сылынан уонна улууска Сомоҕолоһуу, аймыньалаах үлэ, нэһилиэккэ Төрөөбүт дойдуга таптал сылларынан тэрилтэлэр икки ардыларыгар "Төрөөбүт дойдубун туойабын" бэстибээл түмүктэннэ.

Манна “Татыйык” уһуйаан кэлэктиибэ кыайыылааҕынан таҕыста. Иккис үрдэлгэ – П.В.Аммосов аатынан Тулуна орто оскуолатын кэлэктиибэ, үһүс үрдэлгэ олохтоох дьаһалта, Тулунатааҕы ветучаастак, модельнай бибилэтиэкэ, амбулатория уонна ДьУоКХ үлэһиттэрэ ааттаннылар.

Итини таһынан, орто оскуолаҕа “Эһигинэн киэн туттабыт” тэрээһин ыытылынна. Манна үөрэнээччилэр кылаастарынан бука бары нэһилиэкпититтэн төрүттээх биллиилээх биир дойдулаахтарын, сэрии бэтэрээннэрин туһунан медиапрезентация оҥорон, хаартысканан планшеттары туһанан иһитиннэриилэри оҥордулар.

Тэрээһини 10 кылаас үөрэнээччилэрэ Диана Гоголева, Сардаана Румянцева бырааттыы Хаабыһаптарга анабыл хоһоону суруйан аахпыттара киэргэттэ.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар – кылаастар иһитиннэрии оҥорбут биир дойдулаахтарын ааттарынан ааттаннылар, онон кэлэр өттүгэр даҕаны оҕолор бу дьон тустарынан, кинилэр хорсун, үтүөкэн быһыыларын, холобур буолар олохторун өссө үөрэтиэхтэрэ, чинчийиэхтэрэ турдаҕа.

🖊️ Мариса Васильева – Күбэйэ, уопс. кэрэсп.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тулуна
#өрөспүүбүлүкэкүнэ
https://www.instagram.com/p/CONZrwwMF-T/?igshid=t7d37wefkl9d