УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.47K subscribers
33.5K photos
3.06K videos
10 files
5.73K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Хайа баҕарар түгэни, бэлиэ кэми эбэтэр ситиһиилэри үйэ-саас тухары туоһулуур, бэлиэтиир сурук-бичик, хаартыска, анал наҕараадалыыр уонна өйдөбүнньүк бэлиэлэр баар буолаллар. Кэлин бу барыта устуоруйа кэрэһиттэрин, туоһуларын быһыытынан ылыныллыахтарын да сөп. Ону биһиги өйдүөх, үөрэтиэх кэриҥнээхпит.

Биллэрин курдук, 1930 сыллаахха тохсунньу 9 күнүгэр Уус Алдан оройуона тэриллибитэ. Ити кэмтэн ыла араас архыыптарга, мусуойдарга ол түгэннэри кэрэһэлиир докумуоннар, хаартыскалар хараллан сыталлар, көрдөрүүгэ тураллар. Мин бу суруйуубар улууспут (оройуоммут) сайдыытын көрдөрөр бэлиэлэр туһунан баар чахчыларга олоҕуран кэпсиибин. Улууспут салайааччылара бу боппуруоска болҕомтолорун ууран үлэлэһэллэрэ кэрэхсэтэр, үгүстэргэ холобур буолар.

Мин уонтан тахса сыл аҥаардас Уус Алдан оройуонугар, улууһугар анаммыт значоктары хомуйуунан, үөрэтиинэн дьарыктанным. Барыллаан ааҕыынан улууспутугар сыһыаннаах 450 тахса анал бэлиэ, значок оҥоһуллубут. Биллэн турар, барыта үрдүк хаачыстыбалаах буолбатахтар. Оҥоһуллубут сыаллара-соруктара, ис хоһоонноро эмиэ оннуктар.

Уус Алдан оройуонугар икки бастакы значок 1972 сыллаахха оҥоһуллубуттара биллэр. Онон оҥоһуллубуттара 2022 сылга 50 сыла туолар. Итинтэн сиэттэрэн уларыйыы-тэлэрийии кэмнэрин баттаһа кыһыл көмүстэн саҕалаан, үрүҥ көмүстэн, мельхиортан, мамонт муоһуттан, сибиньиэстэн, алюминийтан, алтантан, пластик араас көрүҥнэриттэн, бэл диэтэр, туостан значок оҥоруу тэтимнээхтик сайдан барбыта.

Кэллиэксийэньиэр Федот Бысыин бу ыстатыйатын толору "Мүрү саһарҕата" хаһыат муус устар 23 күнүнээҕи 16-с нүөмэригэр эбэтэр хаһыат саайтыгар аах

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#кэллиэксийэ
#тулуна
#сахаасср100сыла
https://www.instagram.com/p/COHL5FWs5Ca/?igshid=1ae24mgp6ou42