УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.47K subscribers
33.5K photos
3.06K videos
10 files
5.73K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Хоро нэһилиэгин олохтоохторо – күөх Ньурба мааны кыыһа Айталина, хоту дойду хоһуун уола Руслан Малышевтар – дьоҕус бизнес тэринэн, улууска биир интэриэһинэй көрүҥү – маһынан, тимиринэн быһан араас уустук, кэрэ, дьэрэкээн көстүүлээх оҥоһуктары оҥорон таһаарар дьыаланы арыммыттара төрдүс сылыгар барда.

Онуоха Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин нөҥүө, “бэйэ дьарыктаах буолуутун көҕүлүүр” сыаллаах бырагырааманан 152 тыһыынча солкуобайдаах субсидияҕа тиксибиттэрэ дьыалаларын саҕалыылларыгар тирэх, итиэннэ Хоро нэһилиэгин дьаһалтата эдэр ыалга сир-уот биэрэн, олорор уонна уһанар дьиэ туттан, үлэ сайдарыгар улахан көмөнөн, өйөбүлүнэн буолбута.

Айталина ийэтинэн Уус Алдантан төрүттээх. Онон Майаҕаска олохсуйар баҕалара ылбычча буолбатах. Оҕо эрдэҕиттэн өрүү сылдьа үөрүйэх дойдутугар, идэтинэн алын сүһүөх кылаас учуутала үлэтэ көстөн, олохсуйардыы 2012 сыллаахха көһөн кэлбиттэрэ.

Ыал аҕата Руслан Малышев эр киһи быһыытынан айар-тутар, уһанар дьоҕурдаах. Ол дьарыгын аныгы олох тэтимигэр сыһыаран өссө сайыннарар баҕаттан, киһи илиитинэн дэбигис оҥоро охсубат уустук оноһуктарын айан-тутан таһаарар өҥөнү интэриэһиргээбитэ. Көмпүүтэр уонна анал ЧПУ фрезернэй станок көмөтүнэн кини баҕатын курдук үлэ түргэнник оҥоһуллуон сөбүн үөрэтэн барбыта.

“Киһи сатаабата суох” диэн санааттан станогун сакаастыы охсубута. Онтута, быһаччы эттэххэ, робот кэриэтэ этиллибит сорудаҕы биир да миллиметр халбаҥнаабакка оҥорон таһаарар олус табыгастаах эбит. Онуоха кэргэнэ Айталина бу инникилээх буолуоҕун таба өйдөөн, өйөөн, билигин иккиэн күннэтэ түбүгүрэ, айа-тута сылдьаллар.

🖊️ Суруналыыс Ольга Шепелева бу ыстатыйатын толору "Мүрү саһарҕата" хаһыат муус устар 23 күнүнээҕи 16-с нүөмэригэр эбэтэр хаһыат саайтыгар аах

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#дьоҕусурбаан
#дьиэкэргэнбизнеһэ
https://www.instagram.com/p/COM5LqGsqpt/?igshid=1xuskd0yq5crt
📰📰📰

Үһүс сылын ыҥырыаны иитиинэн дьарыктанар
Игнатий Слепцов Саха сирин биллиилээх ыҥырыаны иитээччи Евгений Поличкоҕа икки ыйдаах ааҕыы кууруһугар киирэн, көтүппэккэ үөрэммитэ. Бу сыл биэс ыҥырыа дьиэ кэргэнин 20 күн устата Дьааҥы саамай уһук нэһилиэгэр Барыласка илдьэн ииппитэ. Инньэ гынан, хоту, Арктика эрэгийиэнигэр ыҥырыаны ииппит бастакы киһинэн буолар.

Ханнык баҕарар үлэ кэккэ ыарахаттардаах. Ол курдук, ыҥырыаны иитии бэтэрээнэн үлэ буолбатах, “сүрэхтээх” киһи үлэтэ. Маныаха Игнатий Слепцов: "Үгүс күчүмэҕэйдээх үлэ. Сороҕор уйалар эрэ тураллар, ыҥырыалар мүөт хомуйа көтөллөр курдук көстүөн сөп. Ол эрээри, оннук буолбатах. Барыта кэтэбиллээх, кэккэ бириэмэнэн оҥоһуллар. Ыҥырыанан сылаас соҕуруу дойдуларга табыллан дьарыктаналлар. Оттон биһиэхэ килиимэппит уратылааҕа олус улахан оруол­лаах. Кичэллээх көрүү-истии ир­дэнэр", – диэн этэр.

Салгыытын комментарийдарга аах эбэтэр "МС" хаһыат балаҕан ыйын 17 күнүнээҕи 37-с N-гэр, мюрюгазета.рф саайтка "Актуально" түһүмэххэ көр

🖊️ Ольга Шепелева

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#дьоҕусурбаан
https://www.instagram.com/p/CUKAC9Xsm1-/?utm_medium=share_sheet