"Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр"
555 subscribers
907 photos
153 videos
4 files
113 links
👩🏻‍🌾 Бырайыак үлэлээбитэ үһүс сыла. 2021 сыл кулун тутар 17 күнүгэр стартаабыппыт. ЯСИА-ҕа хас чэппиэр ахсын 15.30 чааска фермердар үлэлэрин, тыа сирин сайыннарыыга тосхоллор тустарынан нууччалыы тылынан суруйабыт. Манна - сахалыы. Бииргэ буолуохха
Download Telegram
«Агростартап» уонна «Семейная ферма» граннары биэриигэ программалары ырытан көрдүбүт. Онно көстөрүнэн иккиэннэригэр сылын аайы ылбыт улуустарынан Хаҥалас, Чурапчы уонна Нам фермердара буоллулар.

Практика көрдөрөрүнэн, программаларга үлэ да, докумуон да өттүнэн олох бэлэмнээх дьон кыайар.

Бэрээдэктэргэ критерийдэрдээх. Холобур, Агростартапка былырыын 6 критерий баар эбит буоллаҕына, быйыл 20 критерий буолбут. Мин көрүүбэр, эдэрдэргэ болҕомто ууруллубут. Сөп ээ, тыа сиригэр эдэр дьон олохсуйуохтарын наада.

Инники сыллары да ырытан көрдөххө, үгүс кыттааччы 35 - 40 саастаахтар буолаллар.

Манна өссө улуустардааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменнарын, управлениеларын үлэлэрэ көстөр дии саныыбын. Кинилэр тыа сиригэр дьону үлэлээх оҥорууга, хаһаайыстыбалаах, сирдээх-уоттаах буолууларыгар кыһаллыылара көстөр дии саныыбын.

Улуустарынан ырытыыны көрүҥ. Суруйуҥ санааларгытын.

#тыасирэ #нацпроектыпутина
☀️ Сиэмэбитин туттубут дьэ✊🏻

Эбиэс, судааҥка, просо🌾🌿🌱

Бастаан тимир суолунан кэлиэхтээх диэн этэ. Аллара Бэстээххэ көрсүөхтээх этибит.

Онтон былаан уларыйан, Новосибирскайтан Алданынан таарыйан, массыынанан кэлэр диэн буолбута.

Доставка сыаната уларыйбата. Бастакы кэпсэтии быһыытынан барыта барда.

306 А федеральнай трасса кытыытыгар олорор буолан, аара түһэрэн ааһыаххытын сөп дуо диэн ыйыталаспыппытыгар, сөп диэн, тракторынан баран көрүстүбүт👍🏻

Суоппар Евгений (Женябын диэтэ) бэйэтэ Черскэйтэн төрүттээх, Новосибирскайга олоробун, үлэлиибин диир. Онон сахам дьонугар маннык көрдөһүүлэрин толоро сатыыбын диир.

Онон туох да проблемата суох сиэмэбитин туттубут.

Билигин "уу хаайыыта" аастаҕына, бааһынабытын оҥорон барыахпыт.

#тыасирэ #агрогрант #нацпроектыпутина
Бу сарсыардааҥы туругунан, Агростартапка кыттыыга 26 киһи сайаапка биэрбит.

Быйыл критерийдэр эбиллэн, дьон сайаапка туттарыыта арыый бытаарбыт буолуон сөп диэн минсельхозка эттилэр. Бэрээдэккэ уларыйыылар киирбиттэринэн, быйылгы куонкуруска 20 критерийынан сыаналааһын буолар. Былырыын - 6 критерий баара.

Сайаапканы тутуу бэс ыйын 15 күнүгэр диэри салҕанар, ол кэнниттэн куонкурус хаһан буолара биллиэҕэ диэн эттилэр.

#агростартап #нацпроектыпутина #сельскоехозяйство
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
"Агростартап-2023" программанан грант биэриитигэр сайаапкалары минсельхоз баҕалаахтартан биир ый болдьохтоох туппута. Федеральнайдааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бюджеттартан көрүллэр субсидияны бизнес-былаан көмүскээн, кыайдаххына ылаҕын. Улахан куонкурус.

Быйыл барыта 117 сайаапка киирбитэ. Билигин сайаапкаҕа холбуу ирдэнэр докумуоннары бэрэбиэркэлээһин ыытыллар. "Быйылгы бэрээдэккэ эбиилэр киирэн, элбэх докумуон бэрэбиэркэлэнэр. Тэрилтэлэргэ быһаччы запростары оҥоробут, онно сорохторго эппиэт кэлэ илик. Эппиэттэри туттубут да, бизнес-былааны көмүскээһин күнүн биллэриэхпит. От ыйын саҥатыгар былаанныыбыт", - диэн эттилэр минсельхозка.

#агростартап #тыасирэ #нацпроектыпутина
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Быйылгы Агростартапка ордук сылгыны иитээччилэр бизнес-былааннара биһирэммит.

"Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр" ханаалбын арыйбытым үс сыл буолла. Мин суруйууларбын сэргээн ааҕар дьоммор махтанабын.

Тыа сиригэр киһи хайдах дьаһанан, дохуот аахсан олоруон сөбүн, судаарыстыба өйөбүллэрин, бырагыраамалар, улуустар үлэлэрин, фермердар ситиһиилэрин, туруорсууларын суруйабын.

Ааҕааччыларым ыйытыыларыгар эппиэт таһаарарга дьулуһабын. Ол курдук Агростартап куонкурсун түмүгэ биллибитин кэннэ, кыайыылаахтар ханнык хайысханан бизнес-былаан оҥорон көмүскээбиттэрин ыйыттылар. Онно эппиэти таһаарабын:

"Быйыл 11 киһи сылгы, 7 киһи ынах-сүөһү, 1 киһи ыҥырыа уонна 1 киһи көтөрү иитиигэ бырайыактаахтар кыайдылар», — диэтэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сүөһү иитиитигэр уонна племенной дьыалаҕа департаменын салайааччытын солбуйааччыта Айал Тимофеев.

Санатар эбит буоллахха, сылгыны үөрдээн иитиигэ Саха сирэ Уһук Илин федеральнай уокурукка бастакы миэстэҕэ баар.

#агростартап2023 #тыасирэ #нацпроектыпутина
"Семейнайдар" биллибиттэр эбит дии диэн буолла.

Атырдьах ыйын 13 күнүгэр киирбит сайаапкаларынан талыы буолбут. Онтон атырдьах ыйын 19 күнүгэр тыа хаһаайыстыбатын миниистирин бирикээһэ тахсыбыт.

10 киһи субсидия ылар буолбут, ол иһигэр Чурапчы, Жатай, Нам, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Кэбээйи, Амма, Хаҥалас хаһаайыстыбалара бааллар.

Уопсай суума 90 мөл солк тахса. Саамай элбэҕи ылбыт хаһаайыстыба суумата - 20 мөл солк тахса. Кыра - 5 мөл солк.

Федеральнайдааҕы харчыга эбии өрөспүүбүлүкэ 5 мөл солк укпут, итиэннэ хаһаайыстыбалар тус харчыларын кыттыһыннараллар.

Президент Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактарыттан биирдэстэрэ - "Предпринимательство" диэн буолар. Ол чэрчитинэн тыа хаһаайыстыбатыгар дьиэ кэргэн ферматын сайыннарыыга уонна саҥа саҕалааччы фермердары көҕүлүүр граннар көрүллэллэр.

#нацпроектыпутина #семейнаяферма #село #гранты
"Агростартап-2024" федеральнайдааҕы программанан граны биэриигэ куонкуруска сайаапкалары хомуйуу Саха сиригэр саҕаланна.

Сарсын балаҕан ыйын 18 күнүттэн баҕалаахтар докумуоннарын туттарыылара саҕаланар. Докумуон тутуута алтынньы 18 күнүгэр диэри салҕанар диэн суруллар министиэристибэ бирикээһигэр.

Санаттахха, быйылгыттан сайаапкалары тутуу "Электроннай бюджет" систиэмэ нөҥүө оҥоһуллар.

#агростартап #нацпроектыпутина
Маннык дулҕанан бүрүллүбүт сирдэри оҥорон, туһаҕа таһааран, сүөһү сиир отун бэлэмниэн баҕалаах фермердар "Агростартап-2024" программанан граны ылыыга куонкуруска кыттыахтарын сөп. "Кормопроизводство" диэн подпункт эбилиннэ.

Сүөһү сиир отун үүннэрии билигин саамай көдьүүстээх салаанан ааҕыллар.

Критерийдэри кытта билсиҥ☝🏻☝🏻☝🏻

Докумуону тутуу саҕаланна уонна алтынньы 18 күнүгэр диэри салҕанар.

#агростартап #нацпроектыпутина
Быйылгы "Агростартапка" көрүллүбүт уопсай суума 67 мөл солк. 1%-н өрөспүүбүлүкэ уйунар.

Бизнес-былаан муҥутуур суумата 8 мөл солк тэҥ буолар диэн суруллар докумуоҥҥа.

Саҥардыллыбыт бэрээдэк критерийдэрин көрдөххө, судургутутуллубут. Элбэх киһи кыттарыгар усулуобуйа тэриллибит курдук.

Куонкурус систиэмэтэ баалынан. Сүрүн ирдэбил - Сир. Урукку курдук техника, производственнай эбийиэк суох. Сааһынан, оҕоҥ ахсаанынан хааччах эмиэ сотуллубут.

Тыа сиригэр хаһаайыстыба тэринэн үлэтин саҕалаабыт киһиэхэ "Агростартап" сүрүн тирэх буолуоҕа.

Мин суруйууларбын сэҥээрэн ааҕааччым👋🏻

Кытын, кыай уонна төрөөбүт түөлбэҕэр, олохсуйбут дойдугар Саха сирин экономикатын биир сүрүн салаатынан дьарыктан. Саҥа технологиялары үлэҕэр туһан, саҥа үлэ миэстэтин таһаар, олохтоох бородууксуйаны дэлэт, төрүт дьарыгы оҕолоргор, сиэннэргэр тириэрдэн ис👍

Ыйытыылардаах, сүбэ ылыаххын баҕарар буоллаххына суруй ➡️ 89142369392

#агростартап #нацпроектыпутина