Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
800 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр инники ыытыллар үлэ соруктарын иһитиннэрдэ уонна бу ааһан эрэр сылга ыытыллыбыт үлэ үтүө түмүктэрин сырдатта.

Ол курдук, доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрин тутуу үлэтэ быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны түргэн тиэмпэлээхтик ыытыллан иһэрин эттэ уонна быйыл биһиги улууспутугар оҕо балыыһата тутуллан саҕаламмытын бэлиэтээн ааста.

Айсен Сергеевич анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар бары көрүллэр көмөлөр, өйөбүллэр оҥоһуллуохтаахтарын иһитиннэрдэ уонна муниципальнай былаас уорганнара байыастар социальнай эйгэҕэ адаптациялары ааһалларыгар, дьарыктаах буолалларыгар күүстээх, күргүөмнээх үлэни ыыталларыгар сорудахтаата.

Тус бэйэм бэлиэтии, үөрэ истибит этиим: оскуолаларга медицинскэй үлэһиттэри төптөрү төннөрөр туһунан СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр уонна СӨ үөрэҕэрии министиэристибэтигэр Ил Дархан сорудахтаабыта. Бу төптөрү оскуолаларга киирэр хайысха оҕолорбут доруобуйаларын харысхалын, маны тэҥэ үлэ миэстэтэ тыа сиригэр эбиллиитин хааччыйыа.

Өссө биир туһалаах сонун - ойуур харыстабылыгар эбии үп федеральнай бүддьүөттэн көрүллэрэ. Быйыл биһиги улууспутугар улахан ойуур баһаардара туран, бүтүн өрөспүүбүлүкэттэн ойуур харысхалын үлэһиттэрэ кыттыылаах, уот утары охсуһуу үлэтэ тохтоло суох уһун сайын устата ыытыллыбыта. Бу түгэҥҥэ, үлэһит илии, техника тиийбэтэ улахан охсуулаах этэ. Онон Дойду Президиэнэ В.В. Путин өйөбүлүнэн 2025 сылтан ойуурдары уоттан харыстыырга анаммыт федеральнай бүддьүөттэн көрүллэр үп 1,6 млрд. солкуобайтан 4,3 млрд. солкуобайга тиийэ улааппытын, маны сэргэ Саха Сиригэр 5 саҥа авиаотделение арылларын, авиалесохрана үлэһиттэрэ 703 киһиэхэ, ойуур харысхалын үлэһиттэрэ 1350 киһиэхэ тиийэ элбииллэрин сэргии иһиттим. Сайын аайы ойуур баһаардара турар регионугар ирдэниллэр өйөбүл оҥоһуллубута, Дойду Президиэнин В.В. Путины кытта биһиги Ил Дархаммыт А.С. Николаев таһаарыылаах үлэтин көрдөрөр.

«Безопасные качественные дороги» национальнай бырайыак түмүктүүр сылыгар Саха Сиригэр 395 км уһуннаах суол оҥоһуллубутун Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Маныаха биһиги Үөһээ Бүлүүбүт улууһугар икки нэһилиэккэ асфальт суоллар оҥоһуллан арыллыбыттарын бэлиэтиибин.

Демографияҕа, дьиэ кэргэн сайдыытыгар Ил Дархан болҕомтотун ууран, өрөспүүбүлүкэтээҕи "Дьиэ кэргэн" ийэ хапытаала үһүс эрэ оҕо төрөөтөҕүнэ буолбакка, төрдүс, бэһис, онтон да салгыы оҕо төрүүрүгэр бэриллэригэр анаммыт сокуон бырайыагын Бырабыыталыстыбаҕа кылгас кэм иһигэр оҥорон киллэрэригэр сорудахтаата. Бу бырайыак үлэҕэ киирдэҕинэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн Сахабыт Сиригэр өссө элбиэ диэн эрэл улахан.

Эһиилги сыл - Россияҕа бэлиэ сыл. Ол курдук, Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтиибит. Бу бэлиэ сылынан Аҕа Дойду сэриитин бэтэрээннэригэр, огдооболоругар, оҕолоругар, Ленинград блокадатын кыттыылаахтарыгар, концлагерь хаайыылаахтарыгар туһаайыллыбыт төлөбүр үрдүүрүн Ил Дархан биллэрдэ.

Үбүлүөйдээх, өрөгөйдөөх 2025 сылы Айсен Сергеевич өрөспүүбүлүкэҕэ "Аҕа Дойдуну көмүскээччи" сылынан биллэрииннэн Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин түмүктээтэ.

Эһиилги 2025 сылга биһиги улууспут Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев ыйбыт, соруктаабыт хайысхатынан күүстээх үлэни ыытарга бэлэммит.

#ВместеТолькоВперед
#ИлДархан
#АйсенНиколаев
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, “Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө дьыала хамсааһын өйөбүлүнэн Үөһээ Бүлүүгэ доруобуйа харыстабылын уонна үөрэх салаатын исписэлиистэригэр 4 служебнай квартиралар күлүүстэрин туттардыбыт.

Быйыл "Мин Сахам Сирэ ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын ыыппыт күрэҕэр кыттыбыт 10 сайаапкабытыттан 4-дэ кыайан, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр Интернациональная уонна Школьная уулуссаларга улуус суотугар уопсайа 217,65 кв.м. иэннээх 4 квартираны ыларга 21 мөл. 291 тыһ. солкуобай өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллүбүтэ.

Ол курдук, үөрүүлээх быһыыга-майгыга саҥа квартиралар күлүүстэрин туттардыбыт:

Дьокуускай куораттан кэлбит Нестеревтар дьиэ кэргэҥҥэ - "Земский доктор" бырагыраамма кыттыылааҕар отоларинголог бырааска Лилия Борисовнаҕа уонна "Земский доктор" бырагыраамма кыттыылааҕар, стоматолог бырааска Павел Васильевичка;
Туобуйа нэһилиэгиттэн кэлбит доруобуйа харыстабылын үлэһитигэр Семенова Айыына Агитовнаҕа уонна кини дьиэ кэргэнигэр;
Икки оҕолоох Перовтар дьиэ кэргэҥҥэ - Чурапчыттан кэлбит Д.С. Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи улууснай гимназия алын сүһүөх учууталыгар Анисия Петровнаҕа уонна Мэҥэ Хаҥаластан кэлбит Д.С. Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи улууснай гимназия үлэһитигэр Иван Александровичка;
Амма улууһуттан кэлбит өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическэй киин Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын педагог-психологар Петрова Дайаана Николаевнаҕа.

Бу үөрүүлээх түгэммитин үллэстэ Дьокуускай куораттан "Мин Сахам Сирэ -ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын салайааччыта Алексей Дмитриевич Петров кэллэ уонна саҥа квартиралары ылбыт исписэлиистэри эҕэрдэлээтэ.

Инникитин да бу бырагырааммаҕа ситиһиилэхтик кыттаммыт, улууспутугар туһалаах уонна олус наадалаах исписэлиистэр кэлиилэрин көҕүлээн служебнай квартиралары ылыыны тиһигин быспакка салҕыахпыт диэн эрэллээхпит.

Бүгүн саҥа күлүүс тылын ылбыт исписэлиистэрбитин итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит уонна улууспут олохтоохторун уйгута тупсарыгар туһаламмыт үлэҕит ситиһиилээх буоллун диэн баҕа санаабытын этэбит.

#СаҥаСүүрээн
#Сайдыы
#СлужебныеКвартиры
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Кэнтик нэһилиэгэр "Тыа сирэ биир кэлимник сайдыыта" диэн Российскай Федерация судаарыстыбынай бырагыраамматын чэрчитинэн саҥа фельдшерско-акушерскай пуун үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.

Саҥа ФАП дьиэтэ уопсайа 110 квадраттаах иэннээх, аныгылыы тутуулаах, толору хааччыллыылаах быйылгы сылга биһиги улууспутугар саҥа доруобуйа харыстабылын эбийиэгэ буолар.

Саҥа ФАП дьиэтин күлүүһүн "Мин Сахам Сирэ - ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын салайааччыта Алексей Дмитриевич Петров Кэнтик фельдшерыгар Ньургуйаана Егоровна Лебедкинаҕа туттарда.

Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторун саҥа фельдшерскай акушерскай пуун арыллыбытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Чэгиэн чэбдик, уһун дьоллоох олохтоох буолуҥ!

Салгыы улууспутугар саҥа доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ элбииллэригэр, чуолаан саҥа медицинскэй үлэһиттэр кэлэллэригэр күүстээх үлэ ыытар былааннаахпыт.

#ФАП
#КомплексноеРазвитиеСельскихТерриторий
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Кэнтик нэһилиэгэр элбэх хайысхалаах култуура киинин хапытаалынай өрөмүөнэ түмүктэннэ. Нэһилиэк 125 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин түмүк кэнсиэрдэ саҥардыллыбыт култуура киинигэр ыытылынна.

2022 сыллаахха өрөмүөнү оҥорууга "Тыа сирин аныгылыы көстүүтэ" диэн федеральнай бырагыраамма чэрчитинэн уопсайа 38 мөл солкуобай үбүлэммитэ.

Эбийиэк "Мин Сахам Сирэ - XXI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын өйөбүлүнэн 2016 сыллаахха тутуллан өрөспүүбүлүкэҕэ 1000-с тутууннан киирбитэ.

Кэлиҥҥи сылларга тутуу турбут сирэ ирэн, эбийиэк өрөмүөннэнэр туруктаммыта. Култуура киинин саҥардар сыалтан федеральнай бырагырааммаларга кыттан кыайан, үп-харчы булуллан 2024 сыл сайыныттан үлэ саҕаламмыта. Дьиэ көтөҕүллэн, акылаата уларыйан, Саха Сиригэр бастакытын тутуллан турар дьиэ анныгар свая түһэриллэн балысханнаах үлэ ыытылынна.

"Саҥардыллыбыт элбэх хайысхалаах култуура киинэ өр сылларга нэһилиэк олохтоохторун үөрүүтүгэр сулууспалаатын", - диэн бэйэтин баҕа санаатын "Мин Сахам Сирэ - XXI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын салайааччыта Алексей Дмитриевич Петров эттэ.

Күндү Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторо, дьоҕургут өссө арыллан, сайдан истин! Сылаас, сырдык аныгы тутуулаах саҥардыллыбыт култуура эбийиэгэ саҥа талааннар тахсалларыгар төһүү күүс буоллун!

#СовременныйОбликСельскихТерриторий
#Кэнтик
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
2024 сыл бүтэһик үлэ нэдиэлэтин сүбэ мууньаҕар түмүктэри таһаардыбыт.

Бу сылга анал байыаннай дьайыыга гуманитарнай сырыыларга сылдьыбыт дьоммутугар махтал суруктары туттарааһынтан сүбэ мунньаҕа саҕалаатыбыт. Ол курдук, Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыгар Альберт Ивановка, Үөдүгэй дьаһалтатын суоппарыгар Иван Федоровка, тыа хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччытыгар Кирилл Гаврильевка, Авиапорт салайааччытыгар Дмитрий Ивановка улуус дьаһалтатын махтал суруктарын туттардым. Бэйэ баҕа өттүнэн байыастарбытыгар гуманитарнай көмөнү тиксэрээһиҥҥэ сылдьыспыт хорсун дьоммут үлэлэрэ кэлэр сырыыларга үтүө холобур буоллун.

Маны сэргэ, СӨ Бэйэни салайыныы Ассоциациятын Сэбиэтин 4-с уочарата суох съеһин түөскэ кэтиллэр бэлиэтинэн уонна Бочуот грамотатынан, өр сылларга улуус дьаһалтатын административнай комиссиятыгар сыралаахтык үлэлээбит, билигин Роспотребнадзор ТО кылаабынай специалиһа Айталина Корякина улуус социальнай сайдыытыгар кылаатын иһин наҕараадаланна.

Сылы түмүктүүр сүбэ мунньах үөрүүлээх чааһыгар улуустааҕы Култуура уонна духуобунай сайдыы департаменын көҕүлээһининэн улуус култуура кииннэрин үлэһиттэрин икки ардыларыгар "Бастыҥ айар бырайыак" ааспыт нэдиэлэҕэ ыытыллыбыт күрэҕин кыайыылаахтарын наҕараадалааһына буолла. Күрэххэ бастакы миэстэни ылбыт Балаҕаннаах нэһилиэгин сынньалаҥ киинин "Сырдык сайын" диэн бырайыага олоххо киирэригэр 100 тыһ. солкуобай сууммалаах сертификат сынньалаҥ киинин дириэктэригэр Михаил Жендринскэйгэ туттарылынна. Иккис миэстэни ылбыт Оҥхой нэһилиэгин култууратын киинин "Өксөкүлээх үс сэргэтэ" бырайыак олоххо киирэригэр анаан 80 тыһ. солкуобайдаах сертификат бырайыак салайааччытыгар Мария Бараховаҕа туттарылынна. Үһүс бочуоттаах миэстэни ылбыт "Норуот айымньытын киинэ" МАТ специалиһын Кэрэчээнэ Николаева "Ытык мэҥэ сирдэр" бырайыагар 50 тыһ. солкуобайдаах сертификат туттарылынна.

Наҕараадаламмыттары итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Сүбэ мунньах салҕанар.

#Планерка
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн, ахсынньы ый 24 күнүгэр, улуус дьаһалтатын аактабай саалыгар ааспыт сайын улууспутугар турбут ойуур баһаардарын утары үлэлээбит, тыаларбытын харыстааһыҥҥа сүҥкэн кылааттарын киллэрбит хорсун дьоммутун үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээн наҕараадалары туттартаатыбыт.

Ол курдук, Российскай федерация ойуур хаһаайыстыбатын Бочуоттаах үлэһитэ түөскэ кэтэр бэлиэннэн Терехов Афанасий Васильевич, "Гражданскай килбиэн" түөскэ кэтэр мэдээлинэн Якутлесресурс Үөһээ Бүлүүтээҕи салаатын салайааччыта Захаров Алексей Владимирович, Олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыба хайысхатыгар үтүөлэрин, Өрөспүүбүлүкэ социально-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылаатын уонна үтүө суобастаах өр сыллаах үлэтин иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Бочуот грамотатынан Захаров Макар Аркадьевич, СӨ тулалыыр эйгэҕэ уонна айылҕа харыстабылыгар министиэристибэтин Бочуот грамотатынан улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Дмитриевич Иванов, Ойуур хаһаайыстыбатын харыстааһыҥҥа өр сыллаах эҥкилэ суох бэриниилээх үлэтин иһин Авиалесохрана судаарыстыбынай бүддьүөт тэрилтэтин 80 сыллаах үбүлүөйүнэй мэдээлинэн Иванов Василий Васильевич, тулалыыр эйгэ уонна айылҕа харыстабылын министиэристибэтин Бочуот грамотатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи авиаотделение парашютист-баһаарынайа Саввинов Никита Сергеевич наҕараадаланнылар.

Маны сэргэ, ойуур баһаарын умуруорууга күүстээх үлэҕэ тулуурдаахтык, дьаныардаахтык үлэлээбит Якутлесресурс туруу үлэһиттэрэ "За ударный труд" түөскэ кэтэр мэдээлинэн, "Лесоавиа" судаарыстыбынай бүддьүөт тэрилтэтин баһаарынайдара тэрилтэ Бочуот грамотатынан наҕараадаланнылар.

Ойуур баһаардарын ыксаллаах быһыыта Үөһээ Бүлүүгэ ыам ыйын 6 күнүттэн саҕаламмыта. 2024 сылга улууспутугар турбут 31 ойуур баһаарын умуруорууга уопсайа 1509 киһи, 185 техника үлэлээтэ. Ол курдук, Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо, ФБУ Авиалесохрана, ГАУ "Якутлесресурс", МЧС, ОГПС өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна атын улуустар салааларын үлэһиттэрэ, Бурятияттан уонна Тюменьтан авиалесохрана федеральнай этээрээттэрэ, ХИФУ устудьуоннара, самолет-амфибия Бе-200, уу кутар тэриллээх вертолет МИ-8, ардаҕы ыҥырар зондировщик-самолет Үөһээ Бүлүү улууһун тыаларын, ойуурдарын уоттан быыһааһыҥҥа бары күүһү ууран үлэлээтилэр.

Айылҕа күүһүн - уоту тохтоторго күнүстэри-түүннэри сынньанар диэни билбэккэ кыһамньылаахтык үлэлээбит бар дьоммутугар, маны сэргэ, өйөбүлү оҥорбут Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит.

#ЛесноеХозяйство
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Арассыыйаҕа "Дьиэ кэргэн", Саха Сиригэр "Оҕо саас", Үөһээ Бүлүүгэ "Түмсүү" сылларын чэрчитинэн "Саха өрөспүүбүлүкэтигэр тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору дьиэнэн хааччыйыы" сокуонугар олоҕуран, ахсынньы 16 күнүгэр баттаммыт 669 нүөмэрдээх дьаһалбынан 4 тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго саҥа квартиралары туттардыбыт.

Ол курдук, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр, Интернациональная уулусса 5-с нүөмэрдээх толору хааччыллыылаах таас дьиэҕэ 4 квартиралар: Егоров Ариан Васильевичка, Егорова Жанна Николаевнаҕа, Васильева Алла Егоровнаҕа, Кетехов Семен Ивановичка ананан бэрилиннилэр.

Тулаайах оҕолорго уонна эппиэтинэскэ илдьэ сылдьар опекуннарга саҥа квартиралар күлүүстэрин бүгүн, ахсынньы 25 күнүгэр, үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардыбыт.

Дьиэ диэн олоххо чиҥник үктэнии, үлэлииргэ-үөрэнэргэ саамай тирэх буолар улахан көмө. Кэлэр сылларга тулаайах оҕолору хаачыстыбалаах таас дьиэлэринэн эрэ хааччыйыахтаахпыт диэн сыал-сорук туруорабыт. Саҥа дьиэҕэ киирбит ыччаттар ыал буолан, үлэлээн-хамсаан дьол уйата оҥостуҥ!

#ПредоставлениеЖильяДетямСиротам
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Сургуулук нэһилиэгэр саҥа оскуола-уһуйаан арылынна.

Аныгылыы көстүүлээх, 2 этээстээх, таас тутуулаах оскуола-уһуйаан Саха Сирин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев быһаччы өйөбүлүнэн тутуллан үлэҕэ киирдэ. 60 миэстэлээх оскуола, 30 миэстэлээх уһуйаан оҕолор сайдалларыгар, үөрэнэллэригэр, билии ылалларыгар бары өттүнэн толору хааччыллыылаах.

Саҥа оскуоланы арыйыыга ВКС быһа эфир нөҥүө Ил Дархан Айсен Сергеевич кыттан үөрүүбүтүн үллэһиннэ.

Сургуулук оскуола-уһуйаана быйыл улууспутугар иккис үлэҕэ киирбит саҥа оскуола буолар. Күһүн, балаҕан ыйыгар, үөрүүлээх быһыыга-майгыга Боотулуу орто оскуолата арыллыбыта. Маны сэргэ, быйыл Ороһу нэһилиэгэр саҥа оскуола тутуута сөргүтүллэн саҕаланна.

Сургуулук нэһилиэгин олохтоохторун, оскуола үөрэнээччилэрин, учууталларын, уһуйаан иитиллээччилэрин, иитэччилэрин, бары үлэһиттэри үөрүүлээх түгэнинэн СӨ тутууга миниистирин бастакы солбуйааччыта Евгений Егорович Афанасьев эҕэрдэлээтэ.

Оскуоланы тутан үлэҕэ киллэрбит бэдэрээтчит "Сахаспецмонтаж-95" ХЭТ дириэктэрэ Дмитрий Алексеевич Петров үгэс быһыытынан бэлиэ күлүүһү бырааттыы Боескоровтар ааттарын сүгэр Сургуулук орто оскуолатын дириэктэригэр Октябрина Ильинична Боескороваҕа туттарда.

Сургуулук нэһилиэгин олохтоохторун саҥа тупсаҕай дьүһүннээх таас оскуола арыллыбытынан эҕэрдэлиибин.
Сургуулук нэһилиэгэ бэйэтэ ураты сайдыылаах, үгүс наука доктордара уутуйан үөскээбит дойдулара буолар. Инникитин да үөрэххэ-билиигэ тардыһыылаах саҥа көлүөнэ ыччаты иитиигэ кыһамньылаах үлэни баҕарабын.

Саҥа оскуола сылаас, сырдык, элбэх көлүөнэ ыччакка билиини биэрэр биһик буоллун, олохтоохтор үөрүүлэригэр үйэлээх, кэскиллээх оскуола буоллун!

#Сургуулук
#ОткрытиеШколы
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар орто үөрэхтээх медицинэ каадырдарын бэлэмнииргэ туһаайыллыбыт 4 өрүттээх сөбүлэҥи "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон, В.А. Вонгродскай аатынан Дьокуускайдааҕы медицинскай колледж, Я.П. Егоров аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи киин балыыһа уонна Д.С.Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия буолан түһэристибит.

Сүбэлэҥҥэ Дьокуускайдааҕы медицинскай колледж дириэктэрэ Дмитрий Афанасьевич Алексеев, улуустааҕы киин балыыһа сүрүн бырааһа Сардаана Николаевна Павлова, Д.С.Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия дириэктэрэ Сергей Николаевич Кардашевскай буоламмыт илии баттастыбыт.

Эһиилги үөрэх сылыгар Үөһээ Бүлүүгэ арыллар Дьокуускайдааҕы медицинскай колледж салаата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 15-с буолар.

Устудьуоннар медсестра идэтигэр 1 сыл 10 ый, фельдшер идэтигэр 2 сыл 10 ый үөрэниэхтэрэ, маны таһынан үчүгэйдик үөрэнэр устудьуоннарга стипендия көрүллэр буолуоҕа.

Медицинскай колледж салаата Д.С.Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия баазатыгар арыллар. Тохсунньу ыйтан колледж уһуйааччылара Үөһээ Бүлүүгэ кэлэн үлэни кытары билсиэхтэрэ.

Дьокуускайдааҕы медколледж Үөһээ Бүлүүтээҕи салаатыгар уопсайа 50 үөрэх миэстэтэ, ол иһигэр 34 бюджетнай, 16 төлөбүрдээх миэстэ баар буолуоҕа.

Идэлэрин уларытыан, медицина хайысхатыгар сайдыан, улууспут олохтоохторун доруобуйата тупсарыгар кылааттарын киллэриэн баҕалаах дьоммутун эһиилги үөрэх сылыгар Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж Үөһээ Бүлүүтээҕи салаатыгар үөрэххэ кэтэһэбит.

Улууспутугар билигин турар сытыы кыһалҕабыт, медицинскэй үлэһит, тыаларга фельдшер тиийбэт боппуруоһун кэлэр сылларга бу Сүбэлэҥ көмөтүнэн, медколледж үлэтин түмүгэр быһаарыахпыт диэн эрэлбит улахан.

#Медколледж
#Верхневилюйскийулус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Ахсынньы 26 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһугар икки эбийиэк: Сургуулук орто оскуолата уонна Анегина Егоровна Ильина-Дмитриева аатынан Нам нэһилиэгин норуот айымньытын киинэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылыннылар.

Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, Нам нэһилиэгэр саҥа норуот айымньытын киинэ арыллыбытынан сибээстээн, алмаас тааска СССР норуодунай артыыскатын Анегина Егоровна Ильина-Дмитриева аатын иҥэрэр үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна.

2024 сыл атырдьах ыйын 9-с күнүгэр "Алроса" акционернай хампаанньыйа "Новинка" трубкатыттан хостоммут 74,5 караттаах алмааска Саха Өрөспүүбүлүкэтин, РСФСР уонна СССР норуодунай артыыскатын Анегина Егоровна Ильина-Дмитриева аатын иҥэрэр туһунан туоһу суругу “АЛРОСА” аахсыйалаах хампаанньа генеральнай директорын сүбэһитэ Платонов Анатолий Васильевич эҕэрдэлээн туран туттарда.

Алмааска аат иҥэриллэрин туһунан "Алроса" АХ генеральнай директора Павел Алексеевич Маринычев 2024 сыл алтынньы 24 күнүгэр баттаабыт 01/297 - П нүөмэрдээх бирикээһин ытыс дохсун тыаһыгар, дьон-сэргэ көрүүтүгэр-истиитигэр Анатолий Васильевич доргуччу ааҕан билиһиннэрдэ.

Маны сэргэ, Нам нэһилиэгин олохтоохторун саҥа, тупсаҕай дьүһүннээх култуура эбийиэгэ үлэҕэ киирбитинэн СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин бастакы солбуйааччыта, биир дойдулаахпыт Мария Васильевна Турантаева эҕэрдэлээтэ.

Нам нэһилиэгин олохтоохторун өр кэтэспит бэлиэ түгэҥҥитинэн - саҥа норуот айымньытын киинэ арыллыытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Саҥа култуура дьиэтэ дьоҕурдаах дьону-сэргэни, кэнчээри ыччаты сайыннардын, өр үйэҕэ олохтоохтору үтүө тэрээһиннэринэн үөрдэ турдун!

Ытыктабыллаах Анегина Егоровна!
Эн улуу ааккар, чаҕылхай дьоҕургар, айдарыылаах аналгар сүгүрүйэн туран, дойдугар Нам нэһилиэгэр арыллыбыт саҥа култуура дьиэтигэр, маны сэргэ Сахабыт Сирин баайыгар - алмаас тааска аатын иҥэриллибитинэн, үйэтитиллибитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Улуу киһибит улуу аата алмаас таастыы күлүмүрдүү, култуура сырдык суолугар саҥа көлүөнэ ыччаты угуттуу турдун!

#АнегинаИльина
#Алроса
#ДомНародногоТворчества
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөһээ Бүлүү уонна Үөдүгэй сэлиэнньэлэрин дьаһалталара ыытар "Ёлка добра" диэн акция чэрчитинэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар Саҥа Дьыллааҕы бэлэхтэри туттардым🎄.

#ЁлкаДобра
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
"Төрөөбүт куоратым уонна нэһилиэгим" бырайыак чэрчитинэн ыытыллар ППМИ (Олохтоох нэһилиэнньэ көҕүн өйөөһүн) бырагыраама конкуруһугар Үөһээ Бүлүү улууһуттан 23 сайаапка кыайда.

Ол курдук, Хоро, Ороһу, Боотулуу, Нам, Харбалаах, Далыр, Үөдүгэй, Дүллүкү, Кэнтик, Оҥхой, Быракаан, Сургуулук, Өргүөт, Балаҕаннаах, Хомустаах, Мэйик нэһилиэктэриттэн биирдии сайаапка, Кырыкый уонна Тамалакаан нэһилиэктэриттэн иккилии сайаапка, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгиттэн үс сайаапка кыайыылааҕынан таҕыстылар.

Кыайыылаах бырайыактар олоххо киирэллэригэр 2 мөл. солкуобай ППМИ бырагыраамматын чэрчитинэн көрүллүөҕэ.

Бу үрдүк ситиһии, нэһилиэк олохтоохторун түмсүүлэрин көрдөрөр үлэ түмүгэ буолар.

Бары кыайыылаах нэһилиэктэри эҕэрдэлиибин уонна ситиһиилээх үлэни баҕарабын.

#ППМИ
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev