Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.47K photos
263 videos
787 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Бүгүн Кэнтик нэһилиэгэр "Тыа сирэ кэлимник сайдыыта" Российскай Федерация судаарыстыбынай бырагыраамматын чэрчитинэн саҥа фельдшерско-акушерскай пункт тутуута саҕаланна.
ФАП дьиэтэ уопсайа 110 квадраттаах иэннээх. Быйыл күһүн тутуута бүтэн үлэҕэ киирэрэ былааннанар.


Кэнтиккэ бырагыраамма чэрчитинэн нэһилиэк дьиэтин аайы сайыҥҥы водопровод холбоноругар тутуу үлэтэ бара турар. Билиҥҥи туругунан турба тардааһына нэһилиэккэ чугаһаата.

Бэлиэтээн этэр буоллахха, "Тыа сирэ кэлимник сайдыыта" судаарыстыбынай бырагырааммаҕа ситиһиилээхтик кыттан, Кэнтик нэһилиэгэр уулуссалары сырдатар уот баҕаналара тураннар, үлэлэрэ былырыын түмүктэммитэ.

Билигин бырагыраамма көмөтүнэн элбэх хайысхалаах култуура уонна успуорт киинин хапытаалынай өрөмүөнэ оҥоһулларын уонна универсальнай спорт балаһааккатын тутуутун үлэтэ түмүктэнэрин күүтэбит.

Салҕыы Үөһээ Бүлүү улууһа судаарыстыбыннай бырагырааммаларга, национальнай бырайыактарга ситиһиилээхтик кыттарыгар дьулуһабыт, тыа сиригэр олорор олохтоох нэһилиэнньэ олоҕун тупсарарга үлэ киэҥник тэриллэрин ситиһэбит.


#НациональныеПрограммы
#КомплексноеРазвитиеСельскихТерриторий
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Кэнтик нэһилиэгэр "Тыа сирэ биир кэлимник сайдыыта" диэн Российскай Федерация судаарыстыбынай бырагыраамматын чэрчитинэн саҥа фельдшерско-акушерскай пуун үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.

Саҥа ФАП дьиэтэ уопсайа 110 квадраттаах иэннээх, аныгылыы тутуулаах, толору хааччыллыылаах быйылгы сылга биһиги улууспутугар саҥа доруобуйа харыстабылын эбийиэгэ буолар.

Саҥа ФАП дьиэтин күлүүһүн "Мин Сахам Сирэ - ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын салайааччыта Алексей Дмитриевич Петров Кэнтик фельдшерыгар Ньургуйаана Егоровна Лебедкинаҕа туттарда.

Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторун саҥа фельдшерскай акушерскай пуун арыллыбытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Чэгиэн чэбдик, уһун дьоллоох олохтоох буолуҥ!

Салгыы улууспутугар саҥа доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ элбииллэригэр, чуолаан саҥа медицинскэй үлэһиттэр кэлэллэригэр күүстээх үлэ ыытар былааннаахпыт.

#ФАП
#КомплексноеРазвитиеСельскихТерриторий
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev