Forwarded from Kyym.ru
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🌐Турция сонуну биэрэр "Хабэр" ханаала Саха сирин тыйыс кыһынын кэпсээбит уонна Дьокуускайы көрдөрбүт. Бу сонуҥҥа дойдубутун туроктыы Якутистан диэн ааттаабыттар. Биһиги "Кыым" хаһыат доҕоруттан, сахалыы холкутук саҥарар тыл үөрэхтээҕэ Умит Шахинтан сонун ис хоһоонун тылбаастыырыгар көрдөстүбүт.
Умит Шахин: "Саха сирэ РФ биир эбийиэгэ буолар. Манна кыһын ортотунан -40, сайын - 19 буолар диэбиттэр. Бу күннэргэ Дьокуускайга улахан тымныы -50 түһэн турар. Ол эрээри олох оргуйан олорор. Оннооҕор ырыынакка атыыһыттар таһырдьа үлэлии тураллар. Кинилэр, халыҥнык таҥыннахха, киһи тоҥмот диэн этэллэр. Чэ, сүнньүнэн итинник кэпсээтилэр" диэн кини уу сахалыы быһаарда.
Манна даҕатан эттэххэ, Умит Шахин сахалыы саҥарар ханааллаах уонна турок тылын үөрэтэр куурустаах👨🏻🏫
#турция #сахасирэ #сонуннар #умитшахин #кыымру
https://t.iss.one/kyymsakha