OnnukKrdk
5.15K subscribers
22.8K photos
5.89K videos
43 files
18K links
Download Telegram
Forwarded from Kyym.ru
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Санита Ай Саха сирин аатыттан "Родина моя" килиипкэ уһуллубут🤩👍🏼

Сахабыт сирин биир талба талааннаах, мааны куоластаах ырыаһыта, Саха эстрадатын тыйаатырын артыыһа Санита Ай Уһук Илиҥҥи регион ырыаһыттара, ансаамбыллара кыттыылаах клипкэ ыллаата🌞🌈🌍

Клип кыттыылаахтара сэбиэскэй кэмҥэ киэҥник ылламмыт композитор Давид Тухманов уонна поэт Роберт Рождественскай айбыт "Родина моя" ырыаларын ыллаатылар👍🏼

Норуоттар икки ардыларыгар доҕордоһуу сыһыаны үөскэтэр, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэр бэртээхэй килиип уһуллубут диэн сыаналаатыбыт👩🏻‍🤝‍👩🏼👩🏻‍🤝‍👩🏼👫🏻

Оттон Санитабыт куолаһа атын ырыаһыттар киэннэриттэн ала-чуо биллэр уонна ордор диэтэхпитинэ, күүркэтии буолбат ини?😀

#родинамоя #клип #дальнийвосток #ырыа #кыымру

Видео: Владислав Коротов телеграм-ханаала
Forwarded from Kyym.ru
#кыымкиһикөмүскэлигэр

Быйыл ыам ыйын 12 күнүгэр биллиилээх эколог, уопсастыбанньык, 1988 с. Чернобыл­лааҕы АЭС саахалын туоратыы ыстаабын начаалынньыга, атомнай генератор айааччыта, астаапкаҕа олорор 70 саастаах полковник А.И. Чомчоевы өлөрөргө холоммут сэбилэниилээх саба түһүү туһунан “Сталинград” ханаал ю-тубка устубут биэриилэрин барыта 770 тыһ. киһи көрбүт.

Ол дьон 4,5 тыһ. кэмэнтээрийдэригэр Анатолий Игнатьевичка доруобуйаны, үтүөнү баҕарыы таһынан буруйдаахтар сокуон хараҕынан буруйу сүгүөхтээхтэр диэн ирдииллэр. Оттон бу дьыала Дьокуускайга ханна тиийбитэ иһиллибэт...

Дьыала тоҕо бытаарда? Силиэстийэ интэриэһэ уларыйда дуу?

Матырыйаалы биһиги аан ситиммитигэр киирэн ааҕыҥ

#чомчоев #дьай #криминал #кыымноруотхаһыата #кыымру
#кыымру

‼️Байыаннай хомуур кэмигэр сокуону кэһии,  киһи быраабын күөмчүлээһин тахсар түгэнигэр дьоҥҥо көмөлөһөр эбээһинэстээх дьон кимнээхтэрий?

📍СӨ киһи быраабын көмүскүүр боломуочунайа Гурьева Сардаана Михайловна: 

8 (4112) 50-73-63

Курашов уул., 24

📍СӨ адвокаттарын коллегията (босхо юридическай көмө сокуонунан көрүллэр)

8 (4112) 42-07-25
8 (4112) 42-14-37

Курашов уул., 1/1

8 (4112) 45-10-75

Ярославскай уул., 5/1

📍Илиҥҥи байыаннай уокурук борокуратуурата:

Төл: 8 (4212) 37-82-43
680030, Хабаровскай к., Шеронов уул, 55

📍Сүрүн байыаннай борокуратуура 
 
Приемнай:
8 (495) 247-54-67

Дьуһуурунай:
8 (495) 693-64-44
8 (495) 693-64-17

«Итэҕэл» нүөмэрэ:
8 (495) 693-20-77

Москуба к., Хользунов пер. 14

📍Арассыыйа саллааттарын ийэлэрин кэмитиэтэ:

8 (925) 532-81-21 (босхо консультация)

📍СӨ саллааттарын уонна матростарын ийэлэрин кэмитиэтин салайааччыта Емельянова Мария Егоровна:

8 (914) 224-41-10

https://t.iss.one/kyymsakha
#кыымру

"Кыым" хаһыат балаҕан ыйын 29 күнүнээҕи нүөмэригэр РФ Судаарыстыбаннай Дууматын судаарыстыбаны тутууга уонна сокуону оҥорууга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сардаана Авксентьева интервьюта тахсыаҕа.

Кинини кытта РФ үтүөлээх суруналыыһа Владимир Степанов Москубаҕа тиийэ сылдьан кэпсэттэ.

Хаһыат "Горпечать" бары киоскаларыгар атыыланар

https://t.iss.one/kyymsakha
#фейк #илдархан #кыымру

Бассаапка Ил Дархан Айсен Николаев байыаннай чаастарга көмө тарҕатан баран төттөрү хомуйбут диэн киэҥник тарҕанна. Баҕар, антах бэйэлэрин истэригэр дьээбэлэспиттэрин токурутан суруйбуттара буолуо.

Уолаттар бэйэлэрэ даҕаны, дьонноро даҕаны күн бүгүнүгэр диэри Ил Дархан сырыытыттан астынан олороллор:

"Бэҕэһээ кэлэн таҥас, сапыкы түҥэппитэ, барыта үчүгэй, Ил Дархаммыт кэлэн барбытыттан санаабыт көтөҕүлүннэ, атын омуктарга тутум үрдээтибит дииллэр, убаастабыл бөҕө буоллулар, сыһыаннара да уларыйар, сахалар салайааччылара ыйыта олорор диэн үчүгэйдик сыһыаннаһаллар диир👍"

"Уолбун кытта кэпсэтэ сырыттым,бэҕэһээ Айсен Сергеевич уолаттары кытта кэпсэтэн саппыкытыгар тиийэ биэрбиттэр этэ, ким да төттөрү ылбатаҕа, тоҕо сымыйаны тарҕаталларый диир."

«Ыйыттым, бассаапка барыта сымыйа диир. Сээкэйбит барыта баар, аҕалбыт астарын бу сии олоробут, нууччаларга бэристибит, астыныы бөҕөлөр».

Сонун төрдө: Борбуев.
Forwarded from Kyym.ru
Саха сиригэр орто хамнас кээмэйин 90 000 кэриҥэ диэн таһаарбыттар🤔

Эһиги бэйэҕит эбэтэр билэр дьоҥҥут маннык хамнаһы ылаллар дуо?

#ясиа #хамнас #кыымру
Баатаҕайга саха тылын үөрэх эйгэтиттэн ким симэлитэр?

Ил Түмэҥҥэ Сийиэс делегаттарын кытта көрсүһүүгэ Дьааҥы улууһун Баатаҕай орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала Стручкова Анна Николаевна кылгас иһитиннэриитэ мустан олорооччулары улаханнык долгутта.

Кини улууска түөрт улахан уһуйаан баарын тухары биир даҕаны сахалыы бөлөх суоҕун, оскуолаларга саха кылаастарын саба туралларын, саха тылын учууталлара үлэтэ суох хаалалларын эттэ.

Ол курдук, Анна Николаевна сахалыы үөрэтэр маҥнайгы кылааһыгар 8 эрэ оҕо киирбит буоллаҕына, нууччалыы үөрэтэр кылааска 30 оҕо киирбит. Бу төһө эмэ бары кэриэтэ саха буолалларын үрдүнэн.

Хамнас оҕо ахсаанынан төлөнөр буолан, саха кылааһын учуутала нуучча кылааһын учууталынааҕар үс төгүл намыһах хамнаһы ылар эбит. Онно кини отуттан тахса сыл учууталлаабыта да суолталаммат. Ол да буоллар, бэриниилээх учуутал кылааспар биир эрэ оҕо хааллаҕына даҕаны сахалыы үөрэтэрбин тохтотуом суоҕа диэн кытаанах санаалаах.

#илтүмэн #сийиэс #сахатыла #дьааҥы #кыымру

https://t.iss.one/kyymsakha
Forwarded from Kyym.ru
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🌐Турция сонуну биэрэр "Хабэр" ханаала Саха сирин тыйыс кыһынын кэпсээбит уонна Дьокуускайы көрдөрбүт. Бу сонуҥҥа дойдубутун туроктыы Якутистан диэн ааттаабыттар. Биһиги "Кыым" хаһыат доҕоруттан, сахалыы холкутук саҥарар тыл үөрэхтээҕэ Умит Шахинтан сонун ис хоһоонун тылбаастыырыгар көрдөстүбүт.

Умит Шахин: "Саха сирэ РФ биир эбийиэгэ буолар. Манна кыһын ортотунан -40, сайын - 19 буолар диэбиттэр. Бу күннэргэ Дьокуускайга улахан тымныы -50 түһэн турар. Ол эрээри олох оргуйан олорор. Оннооҕор ырыынакка атыыһыттар таһырдьа үлэлии тураллар. Кинилэр, халыҥнык таҥыннахха, киһи тоҥмот диэн этэллэр. Чэ, сүнньүнэн итинник кэпсээтилэр" диэн кини уу сахалыы быһаарда.

Манна даҕатан эттэххэ, Умит Шахин сахалыы саҥарар ханааллаах уонна турок тылын үөрэтэр куурустаах👨🏻‍🏫

#турция #сахасирэ #сонуннар #умитшахин #кыымру

https://t.iss.one/kyymsakha