#өрөспүүбүлүкэкүнэ
Барҕа быйаҥнаах Сахам дойдута
Модун Россия киэн туттуута,
Өркөн-өрөгөй тойугун туойдун
Үүнэр үйэҕэ үрдүү туруохтун!
🚩Бүгүҥҥү өрөгөй күн хаартыскалара
#үөһээбүлүүхаһыат
Барҕа быйаҥнаах Сахам дойдута
Модун Россия киэн туттуута,
Өркөн-өрөгөй тойугун туойдун
Үүнэр үйэҕэ үрдүү туруохтун!
🚩Бүгүҥҥү өрөгөй күн хаартыскалара
#үөһээбүлүүхаһыат
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#видеодня🔥🔥🔥
#Өрөспүүбүлүкэкүнэ
Сахам сирэ дьоллоох тускуга
Саһарҕалыы ыҥыра ыллыыр,
Илинтэн арҕаа ол кустуга
Алмаас таас курдук сандаара сырдыыр✨
Саха Өрөспүүбүлүкэтин уруйдаах күнүнэн!❤️
@ulusmedia
#үөһээбүлүүхаһыата
#бэйэустуута🎥

Саханы саха дэппит улуу күммүтүнэн✨🥳👏🏻
@ulusmedia
#үөһээбүлүүхаһыата
#бэйэустуута🎥
#өрөспүүбүлүкэкүнэ
Саханы саха дэппит улуу күммүтүнэн✨🥳👏🏻
@ulusmedia
#үөһээбүлүүхаһыата
#бэйэустуута🎥
Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Ытыктабыллаах Үөһээ Бүлүүм дьоно-сэргэтэ!
“Үөһээ Бүлүү улууһа (оройуона)” муниципальнай оройуон дьаһалтатын аатыттан бука барыгытын Саха өрөспүүбүлэкэтин күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Муус устар 27 күнэ Саха Сирин кэм кэрдииһигэр ураты суолталаах күн буолар. Үйэ аннараа өттүгэр, 1922 сыллаахха Саха Сирэ бэйэтин салайынар көҥүлэ төрүттэммитэ. Онтон 1992 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр Сахабыт сирэ бэйэтин интэриэһин, быраабын туһунан сүрүн сокуона – Конституция ылыллыбыта.
Бу саха норуотугар сүҥкэн суолталаах түгэннэр биһиги өрөспүүбүлэкэбит сайдыыта саҥа үктэлгэ тахсарыгар, туруга бөҕөргүүрүгэр сүрүн төрүөт буолбута.
Саха норуотун инники дьылҕатын өтө көрөн, Автономияны олохтуур төрүт суолталааҕын өйдөөн турууласпыт сүдү кылааттаах биһиги биир дойдулаахпыт, улуу убайбыт Исидор Барахов. Кини, доҕотторун, үөлээннээхтэрин Платон Ойуунускайы, Максим Аммосовы, Степан Аржакову, Степан Васильевы кытта эдэр саастарыгар Саха Сирин көҥүлүн төрүттүүрү күүскэ көтөҕөн, туруорсан, Үрдүкү Салалтаттан өйөбүл ылан, Саха сиригэр бастакы Быраабытылыстыба тэриллибитэ.
Сыллата муус устар 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн бэлиэтиибит. Бу күн биһигини – Саха сирин олохтоохторун бииргэ түмэр күммүт буолар.
Бу бэлиэ күнү биһиги бигэтик өйдүөххэ, киэҥ туттуохха уонна кэнчээри ыччаппытын патриотическай тыыҥҥа сөптөөхтүк иитиэххэ диэн ыҥырабын. Улуу убайдарбыт курдук инникигэ дьулуурдаах, саҥаттан саҥаны айа-тута, оҥоро сылдьыаҕыҥ, республикабыт уонна улууспут кэлэр кэскилин, сайдыытын туһугар биир санаанан салайтаран үүнүөҕүҥ-сайдыаҕыҥ!
Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо уонна ыалдьыттара!
Төрөөбүт дойдубут өссө да тупсарын, чэлгийэ сайдарын туһугар түмсэммит күүскэ үлэлиэҕиҥ! Эһигини кытта үөрүү, ил-эйэ эҥэрдэстин, чөл олох, дьол-соргу олохсуйдун!
Эҕэрдэни кытта Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев.
#ДеньРеспубликиСахаЯкутия
#ӨрөспүүбүлүкэКүнэ
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev