Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#үлэкиһитэ #ытыксаас

⭐️ Кардашевскай Иннокентий Васильевич тыыл, холкуос, сопхуос тутулун бэтэрээнэ эдэр сааһыгар үлэ бөҕөнү үлэлээн-хамсаан 5 оҕону атахтарыгар туруортаан, үөрэттэрэн, үлэһит оҥортолообут киһи.

Кини эдэр сааһыгар хапсаҕайдаһан тустууга элбэхтик тустан, оройуон күрэхтэригэр элбэхтик бастаабыта. Кэлин бэтэрээннэргэ республика күүстээх тустууктарын Саха АССР хапсаҕайга маастардарын Выбор Быкалыровы, Уйбаан Григорьевы оройуон ыһыаҕар кыайталаан турар.

Уолаттара аҕаларын утумнаан, спордунан дьарыктанан, Аскалон Кардашевскай ССРС көҥүл тустууга, Саха Республикатын хапсаҕайга, Александр Саха Республикатын хапсаҕайга спордун маастардара, республикаҕа бэйэлэрин кэмнэригэр күүстээх тустууктар этилэр. Спартак Кардашевскай улуус күүстээх мадьыныта.

Александр Иннокентьевич Нам нэһилиэгэр үһүс болдьоҕор баһылыгынан үлэлиир. Кини үлэлиир кэмигэр Нам нэһилиэгэ биллэ тубуста, элбэх социальнай объектар, ол иһигэр оскуола, оҕо саада, КРСТ программатынан 2 квартиралаах дьиэ, уулусса уотун ситимэ, РФ хаарбах дьиэттэн көһөрүү программатынан 16 квартиралаах таас дьиэ үлэҕэ киирдилэр. Култуура киинэ үлэҕэ киирээри турар. Элбэх оҕо оонньуур, спорт былаһааккалара, стадион үлэҕэ киирдилэр.

Иннокентий Кардашевскай 2022 сылга оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин үөрүүлэригэр уйдаран 90 сааһын бэлиэтээбитэ. Ытык кырдьаҕас 91 сааһыгар диэри Верхоян диэн атын миинэн айылҕаҕа сылдьарын сөбүлүүр.

Киэсэ Кардашевскайы бүгүн көрсөн, кэпсэтэн, кырдьаҕас киһи алгыһын ылан хааллым.

Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга Степан Дмитриев

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үлэкиһитэ

Биир дойдулаахпыт, СӨ норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, "Россия үтүөлээх фермера" бочуотунай бэлиэ хаһаайката Анна Трофимовна Семенова бүгүн Ил Дархан "Үлэ киһитэ" анал бириэмийэтин тутта👏👏👏💐💐💐

Анна Трофимовна дьиэ кэргэнинээн 30-тан тахса сыл "Булгунньахтаах" бааһынай хаһаайыстыбаны үлэлэтэр, биһиги улууска саамай бөдөҥ хаһаайыстыбанан буолар. Олохтоохтору, оҕо тэрилтэлэрин хаачыстыбалаах ынах-сүөһү, сибиинньэ этинэн хааччыйар👍👍👍

Үлэ киһитигэр Анна Трофимовна Семеноваҕа Уруй-Айхал! 👏👏👏

@uoheebuluu
#үлэкиһитэ

Киэн туттар биир дойдулаахпыт, И.Седалищев аатынан дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ көмөлөһөр киин асчыта Евдокия Георгиевна Иванова бу күн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев илиититтэн "Үлэ киһитэ" бэлиэни тутан, 300 тыһ. солк. наҕарааданан бириэмийэлэннэ 👍❤️

Элбэх оҕолоох Евдокия Георгиевна оҕо дьиэтигэр 40-ча сыл асчытынан үлэлээн, оҕо-аймах бэриниилээх тапталын ылан, бу үрдүк наҕарааданы ылыан ылла 👍🙌🌹🌹🌹

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат