Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.84K subscribers
21K photos
4.16K videos
9 files
3.66K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#хоһоон

Истиҥник иэйиигэ хоһуллан
Таҕыста ньургуһун кырдалга,
Тобуруокап хоһуйар хонуутун
Таптаата бу нарын сибэкки.

Күн сирин күндүтүн бу манна,
Көрөҕүн эбээт, эн манна,
Кэрэчээн ньургуһун арааһын
Кырдалга сырсыһа үүммүтүн.

Тобуруокап хоһуйбут кырдала
Санатар кинини өрүүтүн,
Нап-нарын бу кэрэ сибэкки
Олорон, суруйан ааспытын.
12.05.2023 сыл
Сүргэн.
#иэйии
#хоһоон

Тиит маһым хаххалаах хатыҥым
Турара тапталын билинэ
Эйэргээн көхсүнэн өйөнөн
Эркиннээх кэриэтэ сананан.

Сарсыарда суһуоҕун түһэрэн
Саҥа күн тахсарын көрүстэ
Сиигинэн сууна тараана
Сапсына куурдуна бу тыалга.

Олоххо да баары ойуулаан
Оҥорор Айылҕа бэйэтэ
Күндүттэн күндүнү айара
Көрүөхтэн кэрэни бу сиргэ.
16. 09. 23 с
Сүргэн
#үөһээбүлүүхаһыат