Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.36K videos
9 files
3.87K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#саҥадьиэ

Бүгүн, Быракаан нэһилиэгэр үөрүүлээх, күүтүүлээх түгэн тосхойдо. Ол курдук, Дойду президенэ Владимир Путин олохтообут "Хаарбах дьиэттэн көһөрүү" бырагырааматынан 2 этээстээх, 8 кыбартыыралаах толору хааччыллыылаах дьиэ үлэҕэ киирдэ. Дьиэни "Эрчим" ХЭТ (сал. Николай Родионов) уурбут-туппут курдук тутан таһаарда.

Манна икки кыбартыыра олохтоохторо көһөн киирдилэр, итиэннэ инникитин кэлии специалистары олохсутар былааннаахтар.

Олохтоохтор үөрүүлэрин үллэстэ улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Иванов, улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев, Өргүөт нэһилиэгин баһылыга Андрей Николаев, улуус архитектора Николай Дмитриев о.д.а кэллилэр.

Быракаан нэһилиэгин баһылыга Алексей Оконосов саҥа дьиэ олохтоохторун малааһынынан эҕэрдэлээтэ, нус-хас, дьоллоох олоҕу баҕарда.

@uoheebuluu