Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#саҥа дьыл #оҕосаас

⭐️ Саҥа 2024 сылы көрсө ахсынньы 27 күнүгэр култуура дьиэтигэр кыра дохуоттаах, элбэх оҕолоох уустук балаһыанньаҕа түбэспит ыаллар оҕолоругар аналлаах «Саҥа дьыл бэлиэтэ - от күөҕэ Дракон» диэн дьикти түгэннэрдээх бырааһынньыктааҕы утренник буолан ааста.

Бу тэрээһини Үөһээ Бүлүүтээҕи И.И.Седалищев аатынан дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ көмөнү оҥорор киин сылын аайы ыытара үтүө үгэс курдук. «Тускул» оҕо айымньытын киинин үлэһиттэрэ дьэрэкээн саалаҕа, лаглайбыт харыйа тула араас ойуулук сүрүн геройдара буолан оҕолору ыллатан, үҥкүүлэтэн, оонньотон, дуоһуйууну, үөрүүнү бэлэхтээтилэр.

Бырааһынньыктааҕы тэрээһиҥҥэ киин дириэктэрин солбуйааччы Василий Абрахов оҕолору эҕэрдэлээтэ, үөрэхтэригэр үчүгэй, көхтөөх оҕолорго грамота уонна бэлэх туттарда. Маны таһынан «Дьиэ симээһинэ», «Саҥа дьыллааҕы харыйа оонньуура», «Саҥа дьыл бэлиэтэ от күөх Дракон» күрэхтэргэ кыайыылаах дьиэ кэргэттэр туоһу суругу уонна сыаналаах бэлэхтэри туттулар.

Күүтүүлээх түгэнинэн Тымныы оҕонньор сиэн кыыһа Хаарчааналыын ыалдьыттаабыта буолла. Бу алыптаах күҥҥэ оҕолорго, төрөппүттэргэ истиҥ сыһыаны, бигэ туругу, или-эйэни баҕарда. Хоһоон, ырыа кэһиилээх кэлбит кырачааннарга үөрдэ-көтүтэ бэлэхтэри, минньигэстэри түҥэттилэр. Киэҥ саалаҕа астына сүүрэн, оонньоон, ыллаан-туойан, бэлэх тутан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Тэрийээччилэр ааттарыттан бэртээхэй бириистэри уонна Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри анаабыт тэрилтэ салайааччыларыгар Александр Адамовка (АКС), Николай Петровка (ЦТиЗ), Альберт Гаврильевка (ОДьКХ), Василий Евдокимовка (Алмазэргиэнбаан), Мотрена Осиповаҕа (Техникум), Ульяна Олесоваҕа (УИИ), Александр Антоновка "Профото", Люция Спиридоноваҕа «Бэллэкэ», Елена Михайловаҕа «Мила» уонна «Тускул» оҕо киинин үлэһиттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит. Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибит! Баҕарабыт ыстаал курдук кытаанах доруобуйаны, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри. Дьиэ кэргэҥҥитигэр, чугас дьоҥҥутугар дьол-соргу тосхойдун!

Үөһээ Бүлүүтээҕи И.И.Седалищев аатынан дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ көмөнү оҥорор киин

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#саҥа киинэ

⭐️ДЬОЛЛООХ ДЬИЭ КЭРГЭН -- ТАПТАЛ, ҮТҮӨ САНАА, КЫҺАМНЬЫ БИҺИГЭ, ДЬОЛЛООХ ДОЙДУ БӨҔӨ ТИРЭҔЭ !

Улууспут олохтоохторо уонна ыалдьыттара!!!

О.Д.Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа Дьиэ кэргэн сылын иитинэн олунньу 28 күнүгэр күнүс 14.00 чаастан Герой ийэ, Саха АССР үтүөлээх учуутала К.И.ЖИРКОВА уонна Саха АССР, РСФСР үтүөлээх учуутала Д.С.СПИРИДОНОВ дьоһуннаах олохторун бигэ тапталын кэрэһэлиир
"СВЕТ НЕМЕРКНУЩИЙ" кинигэ сүрэхтэнэр дьоро күнүгэр ыҥырабыт.

Бу күн быыстапка, кинигэ атыыта тэриллиэҕэ. Кэлин, сылдьыҥ, дуоһуйа сынньаныҥ!

Кииннэммит бибилэтиэкэ ситимэ

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM