This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#оттооһун #үлэсыла
⭐️ Туран биэрбит күнү-дьылы баттаһа сылбырҕатык туттан-хаптан, кыстыыр оту булар түбүгэ диэн маннык буолар👍
Сургуулук нэһилиэгэр Баһылаайаптар 6 буолан Кэнэлийэ күөлүгэр оттуу сылдьаллар. 2,600 га иэннээх сири охсон, номнуо мунньан бүтэрдилэр. Сарсын Молоххо мунньа бараллар. Онно 3 оту туруоруохтаахтар. Ол кэннэ Сэргэххэ барыахтаахтар. Онно үрдүттэн сытан оттуохтаахтар.
Өссө биир видеоны комментарийга киирэн көрүҥ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#оттооһун
⭐️ БАРЫ КҮҮҺҮ - ОККО!
Кэтэх хаһаайыстыбалаах Үөдүгэй нэһилиэгин олохтооҕо Субудай Чоросов дьиэ кэргэнинээн 10 оту туруордулар.
- Быйакы күөлүгэр аҥаар аҥаарга оттоон 2 оту ыллыбыт. Салааһын сирин хаһаайыттарыттан уларсык ылан 3 оттоннубут, Чүүккэ 4 улахан уонна 1 кыра оту туруордубут. Сирбит улахан аҥаара ууга барбыта, ол уута түһэрин кэтэһэр кэммитигэр, санаабытын түһэрбэккэ, дьон сиригэр бырыһыаҥҥа оттоотубут. Аймаҕынан көмөлөөн оттуубут, үс улахан киһини кытта оскуолаҕа үөрэнэр оҕолор, бырааттарбыт сылдьыһаллар. Быйыл от үүнүүтэ үчүгэй, күбуйаас күннэри баттаһа оттоон оппутун ардахха баттаппатыбыт, - диэн Субудай Едюгеевич кэпсээтэ.
Эдэр ыал хаһаайыстыбатыгар икки ыанар ынаҕы, 2 тарбыйаҕы, 4 субай сүөһүнү көрөллөрүн таһынан, 9 төбө сылгыны туталлар.
Субудай Чоросов хаартыскаҕа түһэриилэрэ.