Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#күрэх #оскуолаттан

🏃‍♂️ Сааскы сылаас ылааҥы күҥҥэ оскуолабыт эр дьон үлэһиттэрэ уонна уолаттар муус аннынан балыктааһыҥҥа сырыттылар.
Оҕолор сибиэһэй салгыҥҥа сылдьан, мааны айылҕалыын алтыһан, чэй, мин өрүнэн, шашлык амсайан дьоһуннаах күнү атаардылар. Тэрээһин сүрүн сыалынан уол оҕоҕо булт үөрүйэхтэрин иҥэрии, айылҕаҕа сиэри-туому тутуһан сылдьарга үөрэтии буолар.

Күөгүлээһин түмүгүнэн бастыҥнар бэлиэтэннилэр: "Бастакы балык" - Петров Айхал 6 кыл., "Саамай кыра балык"- Константинов Никита, 6 кыл., "Саамай улахан балык" - Петров Айхал 6кл., "Саамай элбэх балык"- Руфов Юлиан, 5 кыл., "Тулуурдаах балыксыт"- Ксенофонтов Айтал, 5 кыл., "Кэскиллээх балыксыт"- Егоров Андриан, 7 кыл., "Бастыҥ буурдьут"- Петров Арсен Петров, 9 кыл. ааттары ыллылар.

Биирдиилээн күрэхтэргэ
тоҥуу хаарынан сүүрүүгэ Игнат Иванов (8кыл.), Сергей Иванов (9 кыл.), сыал ытыыга Мирослав Нургалин (9 кыл.), Коля Дорофеев (6 кыл.), ырааҕы быраҕыыга Никита Бугулов (10 кыл.), Данил Бочётов (8 кыл.) иннилэригэр кими да түһэрбэтилэр. Онтон
хамаанданан ханаат тардыһыытыгар,
хомуур тустууга күрэхтэстилэр.
Кыайыылаахтар грамоталары📝, мэтээллэри🥇🥈🥉 уонна бэртээхэй бириистэри туттулар.👏👏👏

Сыл аайы уолаттарга үгэс быһыытынан ыытыллар кэтэһиилээх күҥҥэ быйыл эмиэ элбэх эдэр балыксыт сатабылларын, үөрүйэхтэрин үллэһиннилэр. Күрэхтэһэн буһан-хатан, астына-дуоһуйа сынньанан дьиэлэригэр тарҕастылар.

"Эрчим" эдкорпост, хаартыскаҕа Эрхаан Мандаров (5 кыл.), Петя Семенов (11 кыл.) түһэрдилэр. Дүллүкү оск., Үөһээ Бүлүү.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#дьаарбаҥка #оскуолаттан

🏃‍♂️Д.С.Спиридонов аатынан 4-с нүөмэрдээх оскуолаҕа бүгүн күһүҥҥү атыы-эргиэн дьаарбаҥката сүрдээх күргүөмнээхтик тэриллэн ыытылынна.

Оскуола аактабай уонна спортивнай саалатын былаһын тухары атыы-кутуу бэрт хамаҕатык барда. Манна туох суоҕай? Булт аһыттан мааныта, оҕуруот аһын эриэккэһэ, минньигэһэ дэлэйдик тардыллан, оҕолор да, учууталлар да астына атыыластылар. Оҕолор барахсаттар аҕалбыт астарын бэйэлэрэ атыылаан, дохуот киллэринэн астыннылар, үөрдүлэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тэрээһин #оскуолаттан

⭐️ТЫМНЫЫ ОҔУҺУН иккис муоһа тостор күнүгэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһин Ю.Н. Прокопьев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи спортивнай орто оскуолаҕа олус бэркэ табылынна!

Сахалыы тыыҥҥа иитиигэ, өбүгэлэрбит олохторун үйэтитиигэ, оскуолабыт үөрэнээччилэригэр уонна үөрэтээччилэригэр үтүө өйдөбүлү иҥэрбиккитигэр убаастыыр уһуйааччыбытыгар Дулусхаан Баппаҕай уола Баппаҕайга барыбыт аатыттан БАРҔА МАХТАЛ! Аны оҕуспут моонньоох баһа тостон түһүүтүгэр мустуохпут.

Сонуннарга анаан Наталья Иванова

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM