Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Forwarded from Кэрэ Эйгэ
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Үөһээ Бүлүү улууһа, Үөһээ Бүлүү сэл. "Ситим" эр дьон бөлөҕө. (видеоматериал из фонда МБУ ВВДНТ им. П.Н. Тобурокова).#кэрээйгэ #сахалыыырыалар
#кэрээйгэ

⭐️ Ил Түмэн депутата Владимир Поскачин скульптор Николай Чоччасовы персональнай быыстапкатынан эҕэрдэлээтэ.

Арассыыйа худуоһунньуктарын Сойууһун уонна Саха Өрөспүүбүлкэтин худуоһунньуктарын бырабылыанньатын чилиэнэ, киэн туттар биир дойдулаахпыт Николай Никитич Чоччасов "Рождение мифа" быыстапкатын Дьокуускай куоракка туруорда.

Владимир Поскачин быыстапкаҕа сылдьан: "Эн айбыт үлэлэриҥ куорат араас муннуктарын киэргэтэллэр, дьону сөхтөрөллөр. Саха сиригэр кэлбит ыалдьыттары аэропортка уруйдуу көрсөр хомпоруун хотой төбөтө, хорсун саха кырачаан кыыһа Карина, Сэбиэскэй Союз Героя Н.А.Кондаков скульптуралара саха норуота модун санаалааҕын, ханнык да ыарахаттартан чаҕыйан турбакка олох иһин охсуһарын, инникигэ эрэллээҕин туоһулууллар. Оттон "Чурочник" уонна "Дворник" диэн дьикти оҥоһуктаргын араас кэмнэргэ Дьокуускай куорат сайдарыгар бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрбит, билигин да киллэрэр боростуой үлэһит дьоҥҥо анаабыккын. Бу үлэлэриҥ Эн норуоттан тахсыбыккын, ол иһин норуокка чугаскын, кинини сыаналыыргын, ытыктыыргын кэрэһэлииллэр. Биһиги, Үөһээ Бүлүүлэр, киэн туттар кэрэ символбыт, "Хотун Бүлүү" эбэҕэ анаммыт скульптура биир тутаах автора Анисим Прокопьевтан тымыр тардар буолаҥҥын, айар кутуҥ силистээх-мутуктаах, дириҥ күүстээх. Эһэҥ айбыт "Хотун Бүлүүтэ" Аан дойдуга өрүскэ анаммыт биир бастакы скульптура буолар, ону салҕаан, саха дьонун тыйыс дойдуга уһун тыыннаабыт улуу эбэбит Өлүөнэ уобараһын айбытыҥ Өлүөхүмэ куорат биир саамай кэрэ киэргэлэ буолан турар. Дьэ онтон, дойдуҥ, Үөһээ Бүлүүҥ, иккис символа буолбут "Үс хоһуун" скульптураҥ геройдара, аатырбыт бөҕөстөр, Ийэ Дойдуларын уоттаах сэриигэ көмүскээбит буойуннар, умнуллубат Манчаары оонньуутун саҕаттан "үс куттаах үс хоһуун, үс саха биир ньыгыл сүдү күүс буоланнар, кыайыыга кынаттыы тураллар"! Бу
скульптура "Үөһээ Бүлүү өрүү үөһэ, өрүү үөһэ Үөһээ Бүлүү" диэн Сомоҕолоһуу бэлиэтэ буолан, биһигини инники кыайыыларга, түмсүүгэ, сайдыыга ыҥыра туруо!" - диэн эҕэрдэ тылын анаата.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Кэрэ Эйгэ
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Үөһээ Бүлүү улууһа, Балаҕаннаах нэһилиэгэ. "Балаҕаннаах бэтиэхэлэрэ" толоруутугар сценка "Сөтүө содула". (видеоматериал из фонда МБУ "Балаганнахский ЦК").#кэрээйгэ #сценка
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэ #култуура

⭐️ ДЬОЛ УЙАТА, ДЬОЛ ТҮӨЛБЭТЭ – ТҮМСҮҮЛЭЭХ ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮЛЭР!

Ыам ыйын 25 күнүгэр Бүлүү эбэбит күнүн көрсө Борис Павлов “СЮЗАННА” айымньытынан, аатырбыт Чолбон рок-бөлөх ырыаларынан, норуот театрын туруоруутугар – “Кыната суох санаа умсугуппат, кэрэтэ суох олох туругурбат” музыкальнай испиктээккэ кыттыан баҕалаахтары күргүөмүнэн көстүүлэргэ, тэттик оруолларга, үҥкүүлэргэ холонуон баҕалаахтары Олоҥхо дьиэтигэр, кулун тутар 25 күнуттэн түбүктээх үлэ чааһын кэннэ, аралдьыйа, сынньана, дьоҕуру арыйа, сэргэх дьоннуун алтыһа кэлэргитин театырбытыгар күүтэбит.

Билсэр сэлэспэҕит нүөмэрэ: 89148200182, 89142357396
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#култуура #кэрээйгэ

⭐️ Бүгүн, кулун тутар 16 күнүгэр, Саха академическай театрыгар Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин "Балаҕаннаах бэтиэхэлэрэ" норуот театра көр-күлүү дьоро киэһэтин Дьокуускай куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар бэлэхтээтэ.

Концерды "Саҥа күн" биэрии ыытааччыллара Ньургуйаана Ботуева, Никита Аянитов иилээн-саҕалаан ыыттылар.

"Эн сулускун" проект кыттыылааҕа Варвара Поскачина, "Туймаада" государсвеннай ансамбль солиһа Валерий Раменскай ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр.

Көрөөччүлэр театр артыыстара оонньообут көрдөөх сценкаларын дохсун ытыс тыаһынан биһирээтилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэ #кыһа

🏃‍♂️ Муус устар 25 күнүгэр киэһэ 18:00 чаастан Үөһээ Бүлүүтээҕи Оҕо искусствотын оскуолатын дьиэтигэр И.Н.Барахов аатынан орто оскуола сандал сааһы көрсө ырыа-үҥкүү аргыстаах сыллааҕы отчуоттуур эҕэрдэ кэнсиэригэр ыҥырар!

Кэлиҥ, сылдьыҥ, ыалдьыттааҥ! Астына-дуоһуйа сынньаныҥ!
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэ

⭐️ Ороһу норуот тыйаатыра аатын көмүскүүр харах уулаах "Кэрэ көмүскэлэ" испэктээги нэһилиэнньэ көрүүтүгэр таһаарда.

Туруорааччы режиссер Розалия Акимова

Сарсын 16:00 чаастан дьүүллүүр сүбэ иннигэр көрдөрүөхтэрэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэ

⭐️ Ольга Григорьева аатынан Боотулуутааҕы норуот тыйаатыра аатын көмүскээтэ

Бэс ыйын 7 күнүгэр "Норуот самодеятельнай коллектива" дьүүллүүр сүбэ иннигэр аатын чиэстээхтик көмүскээтэ.

Варвара Буртахова режиссердаах норуот тыйаатыра бу күн сыанаҕа Былатыан Ойуунускай айымньытынан «Ыраахтааҕы ыйааҕа» испэктээги уонна «Боккуойа» музыкальнай инсценировканы туруорда.

Аттестациялыыр хамыыһыйаҕа Өрөспүүбүлүкэтээҕи Норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта Алексей Захаров, П.Ойуунускай аатынан Сахатеатр артыыһа,
Михаил Апросимов уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи Норуот айымньытын дьиэтин генеральнай дириэктэрэ Николай Дмитриев үлэлээтилэр.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэ

⭐️Үөһээ Бүлүүттэн норуот маастара Анастасия Борисова "Душа России" куонкуруска

Дойду тэбэр сүрэҕэр - Москва куоракка Гостинай дворга бэс ыйын 8 күнүттэн 16 күнүгэр диэри "Душа России" диэн кырадаһыннарынан аттаран тигии куонкурса буола турар.

Үөһээ Бүлүүттэн адвокат идэлээх Анастасия Борисова өрөспүүбүлүкэ, Бүтүн Россия, норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустар кыттыылааҕа, дипломаннара. Бу куонкуруска Саха сирин аатыттан уопсайа үс кыттааччылаах. Онтон биирдэстэрэ Анастасия Борисова.

"Саха Дьон" диэн ааттаах валяние коллекциятынан кыттан дьон сэҥээриитин ылла. Куонкурус түмүктэннэҕинэ түмүгэ тахсарын долгуйа кэтэһэбит.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM