#кыраайыүөрэтии #устуоруйа
Улуус кыраайы үөрэтээччилэрэ мустан сыллааҕы үлэлэрин ырыттылар. Былааннаммыт үлэ туолбут уонна туолбатах өрүттэрин анааран көрдүлэр.
Онтон бэлиэтиир буоллахха, икки эрэгийиэннээҕи таһымнаах кыраайы үөрэтэр, чинчийэр, нэһилиэнньэни кытта көрсөр " Айаннары" тэрийдилэр. Улуус таһымнаах научнай- практическай конференцияны ыытан 29 сонун үлэ киирэн, миэстэлэспиттэр Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтээччилэр научнай- практическай конференцияларыгар баран кыттан, 7 киһи миэстэлэһэн кэлбитэ. Быйылгы сыл саамай бастыҥ үлэлэринэн " Куорамыкы" диэн сурунаал бэчээттэнэн таҕыста👍👍👍👏👏👏📕📒📗🖌🖌🖌
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

# устуоруйа #кыраайыүөрэтии
Ороһу нэһилиэгэ улуу суруйааччыбыт П.А.Ойуунускайы кытары ыкса сибээстээх нэһилиэк буоларын устуоруйа арылхайдык туоһулуур. Ол туһунан Ороһу олохтооҕо, тапталлаах учууталбыт, кыраайы үөрэтээччи Сардана Николаевна Васильева билиһиннэрэр.
1937 с. Ороһу оскуолатын бүтэрбит уолаттар Ойуунускай кинигэтин кистэммиттэр.Ньукулай Аҕа дойду сэриитигэр сураҕа суох сүтэр. Баһылай 1950 с. сэрииттэн кэлэн баран сөмөлүөт саахалыгар түбэһэн өлбүт. Уолаттар ийэлэрэ Матрена Тимофеева уолаттарын кэриэстээн, кистээбит кинигэлэрин - П.Ойуунускай " Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куотун" уурунан сыппыт. Ол туһунан кыраайы үөрэтээччи Сардана Васильева " Мотуруоһа кылаата" диэн кинигэтигэр толору сырдатыллар. Бу - Ойуунускайы билинии, саха литературатыгар сүгүрүйүү бэлиэтэ буолар 🫶🫶🫶👏👏👏👏

#устуоруйа #кыраайыүөрэтии
Платон Алексеевич Ойуунускай Ороһу нэһилиэгин кытары өссө биир быстыспат ситимэ - Ороһуттан төрүттээх худуоһунньук Владимир Иванов Ойуунускай айымньылара сыанаҕа туруутугар кини айымньыларын толору арыйар, сытыытык көрдөрөр, норуокка тириэрдэр ураты күүстээх, уһулуччу тыыннаах уруһуйдаах задниктары бэлэмнээн, айан- тутан таһаарбыта буолар 🔥🔥🔥
Суруйааччы айар үлэтин кытары бу ураты күүстээх задниктар "Кыһыл Ойуун" курдук улахан айымньыны норуот өйдүүрүгэр сүрүн күүс буолбуттара 🌈🌈🌈

Ороһу нэһилиэгин кытары Платон Ойуунускай быстыспат ситимин туһунан үһүс төрүөтүнэн буолар - Ороһуттан төрүттээх тыл билимин дуоктара Н.Н. Тобуруокап " Кто он, Платон Ойунский?" диэн улахан научнай үлэтинэн Ойуунускайы аан дойдуга киэҥник хабан ырытан билиһиннэрбитэ 👏👏👏👍👍👍
Онон Ойуунускай уонна Ороһу нэһилиэгэ устуоруйа кэпсиир ситиминэн быстыспат ситимнээхтэр, ол үйэлэртэн үйэлэргэ ыччакка кэпсэнэ туруоҕа ✊✊✊
"Үөһээ Бүлүү " хаһыат