Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#кинигэ

“Килиим” кинигэ дьоруойа Клим Федоров ким хайа иннинэ биэнсийэҕэ барбыт, дьиэ түбүгүттэн сылайбыт, күннээҕи кыһалҕаттан тахсыбатах ийэлэри, эбэлэри түмэн төһөлөөх круизтары, айаннары, сырыылары, үөрүүнү-көтүүнү бэлэхтээтэй?
Итинник сырыылартан сүргэлэрэ көтөҕүллэн кэлбиттэр элбэхтэр. Маннык айаннары тугунан эмэ киэргэтэргэ, ырыаны-тойугу көҕүлүттэн туттарарга, санааны көнньүөрдэргэ, эрэли тилиннэрэргэ, саҥа былааннарынан сирдэтэргэ киһи эрэ сатаан угуйбат. Сатыыр киһи сатыыр, дьарыгырар киһи дьарыгырар. Оттон Клим Федоров күн бүгүн, өрөспүүбүлүкэҕэ итинэн дьарыктанааччы баар да буоллаҕына, бастыҥнара диэхпин баҕарабын.
Оттон бу хантан кэлбит Климий? Туох киһиний? Итинник ыйытыкка толору харданы “Килиимтэн” ылыҥ, кинигэттэн ааҕан билиҥ. Кини эриэккэс сөҕүмэр дьоҕура хаһан ханна сайдыбытын, атын даҕаны туох дьоҕурдааҕын онтон билиҥ!
Анисим Неустроев,
эмээхситтэр айаннарыгар ымсыырбыт биэнсийэлээх.
#кинигэ

Саха тыла-кэскиллээх

“Айар” кинигэ кыһатыгар урут Алып Чаҕаан диэн Сунтаар төрдүлээх үөлээннээҕим, уруккута учуутал киһи, олус бэрт “Тыл оонньуута” диэн кыра кээмэйдээх кинигэни таһаарбыта. Миэхэ ол баар, наһаа туһанар уонна сөбүлүүр кинигэм. Аны бу соторутааҕыта “Чабырҕахтары” таһаарбыт. Дьэ, махтал буоллун, доҕор, үтүө киһиэхэ—эйиэхэ, учууталга!
Тоҕо итинник этэбиний? Урукку “Тыл оонньуутугар” тылы имитиигэ наһаа үчүгэй хоһоон кэриэтэ хомуйан оҥорбут этиилэрдээх. Устунан киһи бэйэтэ эбэн барыан баҕарыах курдук. Итинник этитэн көрөн үөрэтэ сырыттахха  оҕо устунан чэпчэки баҕайытык тылга араас дэгэттэрин таба туттар буолар.
Анисим Неустроев
#кинигэ

Бу Азбуканы ылан оонньуу таарыйа чэпчэки баҕайытык ааҕыҥ, истиҥ уонна оонньооҥ!
#Оскуолачугаһаата 
#кинигэ

Уһуйаан оҕотун энциклопедията

Чараас, дьоҕус, бөдөҥ буукубалардаах, өҥнөөх уруһуйдардаах, киһи билбэтэҕэ дьиктитик суруллубут бу кинигэ оскуола кыра кылааһын оҕолоругар туһаайыллара ордук эбит диибин. Уһуйааннар, биллэн турар, иитээччи көмөтүнэн көрүөхтэрэ, сэҥээриэхтэрэ. Оттон оҕо бэйэтэ аахпытын ордоруо чуолкай, арыйталаан ханна туох туһунан кэпсэммитин чуо булаттыа. Киниэхэ итинник дьарык иһийэн олорон ааҕарыгар туһалаах. 
#кинигэ

“Ыйдаҥа түүннэр” сотору үүнүөхтэрэ. Кытаатыҥ, кыһалҕаҕа иҥнибиттэр төлөрүтүнэргэ турунуҥ, бу туһааннаах дьылҕаны кырдьыктаахтык кэпсиир кинигэни булан ааҕыҥ.
#кинигэ #угуйук

⭐️ «Айар» кинигэ кыһатыгар ҮС БААТТААХ БЭЭТИНСЭ!🎊📚🤩

Оттон бу бээтинсэҕэ, сэтинньи 10 күнүгэр, "Айар" кинигэ маҕаһыыныгар 6️⃣0️⃣% диэри ЧЭПЧЭТИИ!
Ону таһынан куубукта бырах уонна ЭБИИ 30% диэри ЧЭПЧЭТИИТЭ ыл!🤩🤩

🤩🤩🤩ҮС БААТТААХ БЭЭТИНСЭНИ мүччү тутума!

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр, Ленин аатынан уулусса 20-гэр, "Вилюй" атыы-эргиэн дьиэтигэр баар "Айар" маҕаһыыныгар күүтэбит!

АЙАР телеграм-ханаалыгар холбоһуҥ https://t.iss.one/ayarbook
Саҥа таһаарыылары, акциялары, сонуннары көтүтүмэҥ🤗
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM