Forwarded from Газета "Таатта" (Warwara)
*Балаҕан ыйыгар хомуллар эмтээх оттор*
Көмүс күһүммүт тиийэн кэллэ.
Айылҕабыт барахсан иһийэр, хомунар, уһун кыстыкка, утуйарга бэлэмнэнэр кэмэ. От-мас саһаран, кытаран, араас өҥүнэн күлүмүрдүү сырдаан, баччаларга ойуурга сылдьыы киһиэхэ эмиэ ураты кэрэни, хатыламмат иэйиилэри бэлэхтиир, өйү-санааны сааһылыыр, куту-сүрү чэбдигирдэр.
Балаҕан ыйыгар, сир тоҥо илигинэ, сүрүннээн силистэри хомуйабыт. Силистэр бу кэмҥэ ордук күүһүрэллэр.
Үүнээйи уһун тымныы кыһыны туораары туох баар күүһүн силиһигэр мунньунар.
Маны таһынан сир кырсыттан хомуллар үүнээйилэрбит эмиэ бааллар.
_______
*Бу ыйга хомуллар оттор:*
1. Дөлүһүөн силиһэ.
2. Кучу (иван-чай) күһүҥҥү хаппыт сэбирдэҕэ уонна силиһэ.
3. Ньээм-ньээм (одуванчик) силиһэ.
4. Үрүҥ эрбэһин, эмтээх валериана (валериана лекарственная) силиһэ.
5. Бөрө сиир отун силиһэ (щитовник пахучий).
6. Сир хортуоскатын (зопник клубненосный) силиһэ.
7. Манчаары (аир болотный) силиһэ.
8. Унньуула (сусак) силиһэ.
9. Силиргэхтээх ача (пырей ползучий) силиһэ.
10. Баҕа батаһын (касатик) силиһэ.
11. Кытыан (можжевельник) аһа уонна иннэтэ.
12. Сугун абаҕатын уга (багульник).
13. Киис отонун уга (шикша).
14. Бүлүүһэ от (девясил) силиһэ.
15. Кладина (муох көрүҥэ).
16. Хатыҥ саһарбыт сэбирдэҕэ.
17. Эрбэһин бары көрүҥнэрэ (ыраастанарга).
18. Уулаах, уҥуохтаах отоннор астара уонна сэбирдэхтэрэ.
19. Собо тыла (грушанка) сэбирдэҕэ.
20. Ымыйах (кровохлебка) силиһэ.
21. Сарбынньах (рябина) аһа.
Силистэри тууруу сыралаах үлэ.
Онон анаан-минээн, оҥостон тахсар ордук.
Төһө кыалларынан атын мастар силистэрин алдьаппат курдук харыстабыллаах сыһыан эрэйиллэр.
Сөп буолары эрэ ылабыт. Айылҕабытыттан көрдөһөрбүтүн, махтанарбытын умнубаппыт.
#тааттахаһыат
#ватсапситимиттэн

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#ватсапситимиттэн #спорт
⭐️ ⭐️ ⭐️ Бу дьикти киһи!
Математиканы үөрэтиигэ 2023 сылга Россия бастыҥ учуутала, мас тардыһыытыгар 2023 сылга аан дойду чемпиона!
Эһэтэ Сааба Дмитриев диэн Үөһээ Бүлүү Хоротугар олорбута. Дьоһуннаах учуутал, математик, сэһэҥҥэ киирбит улуу күүстээх киһи. Мордьонноохобу кытта икки бууттаах гиирэни дьиэ нөҥүө бырахса оонньуура үһү. Оҕолорунан, сиэннэринэн сылыктаатахха, улуу өйдөөх киһи кэлэн барбыт курдук сэрэйэбин. Олоҕор биир дьикти түбэлтэ буолан ааспыт этэ. Ону кэпсииргэ билигин бэйэм бэлэмэ суохпун. Александр ситиһиилэрин туһунан иһиттим да эһэтин санаан кэлэбин. Аны туран, бу уолу ииппит, бэлэһигэр силлээбит киһи ол эһэтэ Сааба. Бу буоллаҕа ааты ааттатар диэн!
Уйбаан Шамаев
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#ватсапситимиттэн
Быракаан, Өргүөт, Туобуйа нэһилиэктэрэ холбоһуктаах «Дойду ахтылҕана» кэнсиэр отчетнай видеотын (Backstage) көрүҥ, сэргээҥ.
Кэнсиэр үрдүк таһымнаахтык ааста❤️
(клипмейкер, монтаж Ион Иванов)
@uoheebuluu

Forwarded from Газета «Олох суола» Вилюйского улуса
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
- Бу Бүлүүгэ булчуттар күрэхтэрэ. Оператор крутой, тэҥҥэ сүүрэ сылдьыбыт😅👍✊
- Ээ, барахсаны да!😍Хамаандатын туһугар ыалдьар диэн инник буо✊✊✊😅👍👍👍
- Хата барытын көрдөрдө, бэрт✊😅👍
#ватсапситимиттэн
@oloxsuola
@ulusmedia