#планерка #бэрээдэк
✅ Үөһээ Бүлүү улууһугар сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан Үөһээ Бүлүүтээҕи ис дьыала отделын салайааччытын солбуйааччыта, полиция старшай лейтенана Петр Павлов иһитиннэрдэ.
Нэдиэлэ устата ис дьыала отделын дьуһуурунай чааска 47 араас ис хоһоонноох иһитиннэрии киирбит. Ол иһигэр ыарахан туруктаах буруйу оҥоруу бэлиэтэммэтэх.
Уопсайа 124 административнай боротокуол оҥоһуллубутуттан, ГАИ үлэһиттэринэн 90 боротокуол толоруллубут.
Улуус киин уулуссатыгар массыына төһө түргэнник сылдьарын кэтиир-маныыр камералар холбоннулар.
✅ Суоппардар истиилэригэр, суолга болҕомтолоох буолуҥ, дьон олоҕор кутталы үөскэппэт туһуттан суол быраабылатын тутуһуҥ. ГАИ үлэһиттэрэ боротокуол толороллоругар сылтах биэрбэт туһуттан, бэйэҕит тус олоххутун харыстыыр сыалтан ремеҥҥитин баана сылдьыҥ.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Нэдиэлэ устата ис дьыала отделын дьуһуурунай чааска 47 араас ис хоһоонноох иһитиннэрии киирбит. Ол иһигэр ыарахан туруктаах буруйу оҥоруу бэлиэтэммэтэх.
Уопсайа 124 административнай боротокуол оҥоһуллубутуттан, ГАИ үлэһиттэринэн 90 боротокуол толоруллубут.
Улуус киин уулуссатыгар массыына төһө түргэнник сылдьарын кэтиир-маныыр камералар холбоннулар.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM