Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#биирдойдулаахпыт

🏃‍♂️ Дүллүкү нэһилиэгиттэн төрүттээх Вячеслав Константинов Ленскэй оройуонун Бэтинчэ нэһилиэгин култуура киинигэр бэрт сэргэхтик үлэлии сылдьар.

Байанай күрэх үбүлүөйдээх тэрээһинигэр ыытааччы быһыытынан үлэлээтэ.

Үөһээ Бүлүүлэргэ бэйэтин эҕэрдэтин ыытта

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#биирдойдулаахпыт

⭐️ Бүлүү улууһун I-кы Чочу нэһилиэгин төрүт олохтооҕо, "Россия чулуу киһитэ" бэлиэлээх салайааччы, суруйааччы Гоголев Николай Семёнович 75 сааһыгар аналлаах ахтыы киэһэтигэр биһиги биир дойдулаахпыт, Нам нэһилиэгиттэн төрүттээх Бүлүү куорат олохтооҕо Владимир Васильев хора кыттыыны ылла.

В.Васильев аатынан хор Бүлүүтээҕи Н.И.Ылахова аатынан "Алгыс" култуура киинин иһинэн үлэлиир.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#биирдойдулаахпыт

⭐️ Нам нэһилиэгиттэн төрүттээх Георгий Корякин Санкт-Петербург куоракка олорор.

Ретро-массыыналар фестивалларыгар түбэһэ түһэн, видео ыытта.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#биирдойдулаахпыт #үбүлүөй

⭐️ Үөһээ Бүлүү Сургуулугуттан төрүттээх бөдөҥ общественнай-политическай, хаһаайыстыбаннай диэйэтэл, философскай наука доктора, профессор Лазарь Степанович Филиппов олунньу 20 күнүгэр 85 сааһын томточчу туолла.

Бу кэрэ-бэлиэ күн Лазарь Степанович төрөөбүт дойдутугар кэлэн тэрилтэлэринэн дьонун-сэргэтин кытары көрсө сылдьар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#биирдойдулаахпыт #үбүлүөй

Сахабыт сиригэр уос номоҕор киирбит күөх төлөнү саҕааччы, аан бастакынан Саха сиригэр айылҕа гааһын туһаныыны тэрийбит, Саха АССР оттукка промышленноһын миниистиринэн үлэлээбит Лазарь Филиппов ССКП Ленскэй оройуонунааҕы комитетын секретарынан үлэлии сылдьан Саха сирин арҕаа тэллэҕэр тайаан сыппыт айылҕа гааһын уонна ниэбин саппаастарын көрдүүр экспедициялар үлэлэрин салайбыта уонна ити арыйыыларга кыттыбыта.

Кини бүгүн "Сахатранснефтегаз" Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалыгар сылдьан үлэһиттэри көрүстэ, ыллыктаах сүбэлэрин тириэртэ.

"Сахатранснефтегаз" тэрилтэ үлэһиттэрэ Лазарь Степановичка үбүлүөйдээх күнүнэн өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттардылар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#биирдойдулаахпыт #үбүлүөй

Лазарь Степанович Филиппов 1969-1971 сс. Саха АССР коммунальнай хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччытынан үлэлиир кэмигэр Дьокуускай куорат инженернэй хааччыллыытын систематын бастакы оҥорооччулартан биирдэстэрэ буолар.

Кини бүгүн улуустааҕы ОДьКХ тэрилтэтин үлэһиттэрин кытары көрүстэ. Коммунальнай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ эргиччи талааннаах философскай наука докторын, общественнай - политическай деятель Лазар Степановиһы кытары олус истиҥник кэпсэттилэр, интэриэһинэй боппуруостары биэрэн көхтөөх көрсүһүү буолла.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#биирдойдулаахпыт #үбүлүөй

Лазарь Степанович Филиппов 1992 сылтан Саха АССР Үлэтин миниистиринэн үлэлээбитэ.

Бүгүн кини улуустааҕы социальнай көмүскэл управлениетын үлэһиттэрин кытары сэһэргэстэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#биирдойдулаахпыт #үбүлүөй

Лазарь Степанович Филиппов учуонай, миниистир, бөдөҥ салайааччы буоларын таһынан мелодист, элбэх ырыа автора, хас да ырыанньыктаах. Онтон норуокка киэҥник биллибит "Тус хоту үөскээбит буоламмын" диэн хит буолбут ырыалаах.

Лазарь Степанович тустуук быһыытынан эдэригэр чаҕылхайдык тахсан испитэ. Көҥүл тустууга Сэбиэскэй Сойуус спордун маастарыгар кандидат.

Улуустааҕы киин бибилэтиэкэҕэ нэһилиэнньэни кытары көрүстэ.


" Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#биирдойдулаахпыт #үбүлүөй

"Тус хоту төрөөбүт буоламмын" диэн Лазарь Степанович Филиппов айбыт матыыбыгар элбэхтик ылланар ырыаны истиҥ, ыллаһыҥ

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#биирдойдулаахпыт #үбүлүөй

Сургуулук нэһилиэгэ Саха сиригэр уонтан тахса учуонайы, уонунан бөдөҥ өрөспүүбүлүкэ салайар үлэһиттэрин бэлэхтээбит ураты кэрэ сир буолар.

Бүгүҥҥү көрсүһүүгэ улууспут киэн туттар киһитэ, историческай наука доктора Никита Деевич Архипов кэлэн үөлээннээҕин Лазарь Степановиһы эҕэрдэлээтэ, оҕо, эдэр саастарын, үөлээннээхтэрин туһунан олус истиҥник аҕынна 👏👏👏

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#биирдойдулаахпыт #үбүлүөй

Лазарь Филиппов - философия билимин доктора, профессора. СВФУ-га 20 сыл устата Саха сиригэр үрдүк үөрэхтээх исписэлиистэри бэлэмнэспитэ уонна научнай каадырдары иитиспитэ.

Лазарь Степанович үөрэммит оскуолатыгар - И. Н. Барахов аатынан орто оскуолаҕа сылдьан үрдүкү кылаас оҕолорун кытары көрүстэ. Инники олохторугар, идэни талыыга, үөрэххэ, үлэҕэ, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга сүбэ - ама биэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#биирдойдулаахпыт #үбүлүөй

Биир дойдулаахпыт Лазарь Степанович Филиппов улуус дьаһалтатын үлэһиттэрин кытары көрүстэ. Олоҕун, үлэтин кэрчик кэмнэриттэн кэпсээтэ.

Саха сиригэр аан бастакынан күөх төлөнү саҕааччы, Дьокуускай куорат инженернэй хааччыллыытын систематын бастакы оҥорооччулартан биирдэстэрэ, философскай наука доктора, профессор, мелодист, спортсмен, Үөһээ Бүлүү дьиҥ-чахчы патриота 85 сааһыгар кэлэн дьонун-сэргэтин кытары көрсө, сүбэлии - амалыы сылдьарыттан бары олус үөрэбит, долгуйабыт.

Бүгүҥҥү көрсүһүүлэр хас биирдиибитигэр олоҕу таптыырга, үөрэҕи, үлэни баһылыырга, бэйэни эргиччи сайыннарарга саҥа санаалары сахпыт, толкуйдары үөскэппит буолуохтаахтар

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#биирдойдулаахпыт #үбүлүөй

Үөһээ Бүлүүлэр биир сүдү киһибит Лазарь Степанович Филиппов бүгүн киинэ түспүт, киһи буолбут, биһигин ыйаабыт төрөөбүт төрүт дойдутугар - суон сурахтаах Сургуулукка тиийдэ. Киэн туттар ытык киһилэрин Сургуулуктар күөх отунан хаамтаран, кырылыы сылдьар чороонноох кымыһынан, арыылаах алаадьынан, алгыс тылынан айхаллаан көрүстүлэр 👏👏👏

Лазарь Степанович төрөөбүт дойдутун салгынынан сайа тыынан, оҕо сылдьан колхоз бүппэт үлэтин быыһыгар оонньоон ааспыт, үөрэх үлүскэнигэр элбэхтэ хаампыт сирдэрин көрөн, дойдутун дьонун кытары ирэ- хоро кэпсэтэн күүстээх ахтылҕан алыбыгар куустарда

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#биирдойдулаахпыт #үбүлүөй

Лазарь Степанович бырааттыы Боескоровтар ааттарынан Сургуулук орто оскуолатын кэлэктиибин, оҕолору кытары көрүстэ.

Бу кэпсэтиигэ кини оҕо инники идэтин баҕаран туран сөпкө таба тайанан таллаҕына, баһылаатаҕына, соҕотох да киһи улахан хамсааһыны таһаарар улахан күүс буоларын, норуотугар элбэх туһаны аҕаларын туһунан чопчу бэлиэтээн эттэ.

Ону тэҥэ киһи сайдарыгар, саҥаны саҕалыырыгар хаһан да хойут буолбат. Киһи баарын тухары дьонугар-сэргэтигэр, дойдутугар туһаны аҕала, саҥаны айа - тута, чинчийэ, сайда сылдьыахтаах диэтэ.
Оҕолор бу көрсүһүүттэн элбэҕи ылыммыт буолуохтаахтар.

Салгыы Сургуулуктааҕы модельнай бибилэтиэкэҕэ үбүлүөйдээх үтүө - мааны киһибит кинигэтин быыстапката тардылынна, нэһилиэнньэни кытары истиҥ-иһирэх кэпсэтии саҕаланна 👍👍👍

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#биирдойдулаахпыт #үбүлүөй

Николай Тарасов тылларыгар, Лазарь Филиппов мелодиятыгар
"Дойдукам барахсан Сургуулук" ырыанан үбүлүөйдээх көрсүһүүлэри түмүктүүбүт

Дьиримниир сулустаах халлааным
Саҕахтыын ыпсыһар быыһыгар,
Сургуулук - төрөөбүт алааһым,
Эн миигин кэтэһээр - биһиккэр.

Сындалҕан айантан сылайан
Илин бас сыырыттан түһэргэ
Сургуулук уоттара сандааран
Кэрэ да буоларыҥ, эбэккэм...

Билиини - көрүүнү батыһан,
Ыраата барарбын сайыһан,
Сургуулук киэһээҥи уоттара:
"Уолчааным, кэлээр," - дии хаалтара.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#биирдойдулаахпыт #күрэхтэһии #спорт

Кулун тутар 20-21 күннэригэр Аллараа Бэстээххэ биир дойдулаахпыт, Саха АССР спордун маастара, Улуу Кыайыы буойуна Василий Тихонович Ильин - Күүстээх Ылдьыын төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах 2009-2010 сс төрүөх уолаттарга хапсаҕайдаһан тустууга күрэхтэһии саҕаланна.

Барыта 24 улуустан 264 бөҕөс күөн көрсүөхтэрэ. Күрэхтэһиини Үөһээ Бүлүүлэр киэн туттар тустуукпут Былатыан Саввинов тэрийсэ сылдьар. Комментатор - Александр Васильев - Көрдүгэн үлэлиир.

Бүгүҥҥү күҥҥэ бөҕөстөргө ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ. Ким кыахтаах - ол кыайдын!
#биирдойдулаахпыт #күрэхтэһии #спорт

Василий Ильин - Күүстээх Ылдьыын аатынан хапсаҕайдаһан тустуу күрэхтэһиитин кини оҕолоро, аймахтара улууска 1999 сылтан, өрөспүүбүлүкэҕэ 2005 сылтан үрдүк таһымнаахтык ыыталлар.

Бу тустуу күрэхтэрин түһүлгэлэриттэн элбэх спорт маастардара үүнэн таҕыстылар. Быйылгы турнир кыайыылаахтара - "Азия оҕолоро" норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууга путевка ылыахтара.

Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата биир дойдулаахпыт Күүстээх Ылдьыын төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах тустуу күрэхтэһиитигэр бириискэ 30000 солк. сэртэпикээти туруорда.
#поэзиякүнэ #биирдойдулаахпыт

Биир дойдулаахпытын, биллиилээх бэйиэти, суруйааччыны, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнин, СӨ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнин Валерий Васильевич Васильевы - Муттуххай Бороҥу Бүтүн Аан дойдутааҕы Поэзия күнүнэн ахтан- санаан ааһыаҕыҥ 📖🖌🖌🖌

Убайбытын, бырааппытын, доҕорбутун, Бүтүн Саха сиригэр Үөдүгэйин , Мааркыһын аатырдыбыт, нэһилиэгин айар куттаах дьонун түмэн, айар үлэ суолугар сирдээн киллэрбит киһибитин 🙌🙌🙌