Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#Байанайыйа #аҕаүөрэҕэ

⭐️ Бүгүн "Эйгэ" этнографическай комплекс уонна "Ийэ тыл сүбэтэ" түмсүү кыттыгас бастакы тэрээһиннэрэ буолла. Кыырт Далыгар улахан балаҕаҥҥа "Сэтинньи ый - Баай Барыылаах Байанай ыйа" диэн оҕолору саха итэҕэлигэр сыһыарар, сиргэ- уокка булт кэмигэр сиэрдээхтик сылдьыы сиэрин-туомун үөрэтэр, булт кистэлэҥигэр уһуйар сыаллаах тэрилиннэ.🐻🐰🦊🐻🐰🦊🦊

"Ийэ тыл" түмсүүтүттэн Бурхалей Макаров Байанай өйдөбүлүн,  сиргэ-уокка сылдьыы сиэрин- туомун туһунан сиһилии сэһэргээтэ.

В.С.Кузьмин туһаҕы, чаархааны иитиини көрдөрдө. Оҕолор бураанынан ойуурга баран куобах, киис суолун көрдүлэр. Туһаҕы, чаархааны иитэргэ үөрэннилэр, сыал ыттылар. 👍👍👏👏

Уолаттар бу тэрээһинтэн олус астынан, элбэҕи билэн, сатаан, үөрэнэн, харахтара уоттанан, сэргэхсийэн, бэйэҕэ эрэллэрэ күүһүрэн, айылҕа оҕолоро буолалларын чахчы итэҕэйэн тарҕастылар. 👏👏👏

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#аҕаүөрэҕэ #байанайыйа

🖼️ Уолаттар туһаҕы, чаархааны иитэргэ аан бастакытын үөрэнэн, олус үөрдүлэр, астыннылар 🤩🤩🤩
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Байанайыйа #Аҕаүөрэҕэ

🖼️ Оҕолор бүгүн суотабай төлөппүөнтэн, компьютертан араҕан, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьан, айылҕалыын алтыһан, сахалыы эйгэҕэ сыстан дуоһуйа сынньаннылар 😊👍👍👍🙌🙌🙌
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM