ГАЗЕТА ВЕРХНЕВИЛЮЙСКОГО РАЙОНА «ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮ»
4.1K subscribers
27.1K photos
5.08K videos
9 files
4.66K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#ыһыах

⭐️ Бараахап аатынан сопхуос ыһыаҕар

СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Ольга Балабкина илии баттааһыннах Махтал суругу улуус баһылыга Валерий Николаев туруу үлэһит дьоҥҥо туттартаата.

Ол курдук, Нам нэһилиэгиттэн "Уйгу" ТХПК тырахтарыыһа Владимир Обоев, СӨ култууратын бэтэрээнэ Виктория Абрахова, ОДьКХ Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын маастара Василий Лазарев, бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Иван Чычахов, крестьянскай- фермерскэй хаһаайыстыба баһылыга Альберт Петров, Тамалакаан нэһилиэгиттэн "Барча" КФХ баһылыга Иван Барчахов, биэнсийэлээх Николай, Дмитриев, Харбалаахтан И.Барахов сопхуос отделениетыгар таһаарыылаахтык үлэлээбит механизатордар Анатолий Васильев, Гай Миронов, Балаҕаннаахтан механизатордар Николай Аянитов, Егор Гаврильев, Дмитрий Прокопьев уонна Ороһу нэһилиэгиттэн тырахтарыыһынан 40 сыл эҥкилэ суох үлэлээбит Егор Быккасов үрдүк сыанаҕа тахсан туттулар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍52👏1
#ыһыах

РФ Государственнай Дума дьокутаата, доруобуйа харыстабылын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Федот Тумусов илии баттааһыннаах Махтал сурук Исиидэр Бараахап сопхуоска ыанньыксыттаабыт, сылгыһыттаабыт, үгүс күүстээх үлэҕэ сылдьыбыт дьоҥҥо ананна.

Ол курдук, Нам нэһилиэгиттэн билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Николай Николаев, Юрий Саввинов, Каин Оконосов, Леонид Омукчанов, Владимир Гаврильев, Константин Степанов, Любовь Егорова, Лидия Алексеева, Спиридон Павлов, Тамалакаан нэһилиэгиттэн Афанасий Трофимов, Михаил Ботуев, Игнат Трофимов, Харбалаах нэһилиэгиттэн Олег Иванов, Михаил Борисов, Александр Григорьев, Людмила Федорова, Ороһу нэһилиэгиттэн Анна Ласточкина, Балаҕаннаах нэһилиэгиттэн Сусанна Ныннырова, Надежда Егорова, Альбина Адамова Госдума өйдөбүнньүк бэлиэтин кытта туттулар.

"Үөһээ Бүлүү"хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍41👏1
#ыһыах

⭐️ Түмэр Бараахап сопхуос

Ыһыах кэмигэр дуобакка ПОДА спортсменнарыгар Анапа куоракка ыытыллыбыт Россия чемпионатын кыайыылааҕа, Антальяҕа (Турция) ыытыллыбыт Аан дойду чемпионатын боруонса мэтээлин хаһаайкатыгар Антонина Тимофеевна Аввакумоваҕа төрөөбүт -үөскээбит Балаҕаннааҕын нэһилиэгин баһылыга Степан Иванович Дмитриев уонна билигин олорор, үлэлии-хамсыы сылдьар Намын нэһилиэгин баһылыга Александр Иннокентьевич Кардашевскай убаһа бэлэхтиир туһунан сертификаты туттардылар.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍61
#ыһыах

⭐️ Үөһээ Бүлүүгэ Үрүҥ Тунах ыһыах арыллыыта саҕаланна.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев, СӨ култуураҕа уонна духуобунаска миниистирэ Афанасий Ноев, СӨ тутууга миниистирэ Виктор Романов, СӨ тыраанспарга уонна суол-иис хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев, СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Сергин, СӨ экологияҕа, ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Анатолий Алексеев уонна ыаллыы Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров түһүлгэ маанылаах ыалдьыттара буолан кэллилэр.

Кымыс үрдүн охторууну улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлигэр Уйбаан Чыычаахапка эрэниллэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
9👍2
#ыһыах

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат түһүлгэҕэ хаартыскаҕа түһэрэн утары бэчээттиир өҥөнү оҥорор.

Ыһыах түһүлгэтигэр самаан сайын кэрэ-бэлиэ күнүн үйэтитиҥ. Тута илдьэ барыҥ.

@uoheebuluu
👍4
#ыһыах

Эдэр ыаллар күрэхтэрин кыттааччылара
Үөһээ Бүлүү улууһун Үрүҥ тунах ыһыаҕынан күндү бар дьоммун ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев биһиги үөрүүбүтүн үллэстибититтэн олус долгуйа үөрдүбүт!

Ил Дархан Айсен Николаев биир дойдулаахтарыгар туһаайан, Үөһээ Бүлүү улууһа сайдарын туһугар бары бииргэ түмсүүлээх буоларбытын
ыҥырда!

Күндү Үөһээ Бүлүүлэр, 2 күннээх ыһыахпытыгар үөрүҥ-көтүҥ, дуоһуйа сынньаныҥ, уйгу-быйаҥ сайыны уруйдаан-айхаллаан!

Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга, Валерий Николаев.

#ҮөһээБүлүү
#Ыһыах
#ИлДархан
#АйсенНиколаев

t.iss.one/ValeriNikolaev
👍10
#ыһыах

⭐️ Аҕыйах мүнүүтэнэн Үс иилээх хапсаҕай саҕаланыаҕа

Болҕомто киин түһүлгэҕэ

22 убаһа оонньонуоҕа

75 кг диэри ыйааһыннаах хапсаҕайдьыттар күөн көрсүөхтэрэ

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
2
#ыһыах

⭐️ Үс иилээх хапсаҕай туһунан сиһилии "Үөһээ Бүлүү" хаһыат бу бээтинсэтээҕи нүөмэригэр Владимир Федоров суруйуутугар ааҕыаххыт.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
1👍1
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#ыһыах

⭐️Үөһээ Бүлүү Үс иилээх хапсаҕайыгар уруй-айхал

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍20
#ыһыах

⭐️ "Төрүт түөлбэм - дьоллоох дойду" улуус Үрүҥ Тунах Ыһыаҕар

Түһүлгэ бэлэхтэрин дьоллоох билиэттэрин тардан таһаарбыт кырачаан ыһыахчыттар.

Сотору кэминэн сүрүн бэлэх - 150 тыһыынча уу харчынан оонньонуоҕа. Түһүлгэ бэлэҕин ылбыттар сүрүн түһүлгэҕэ чугаһааҥ.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ыһыах

🌿2025 сылга сүрүн ыһыахтар🌿:

Бэс ыйын 20-21 күннэригэр Сунтаарга С.А.Зверев-Кыыл Уолун төрөөбүтэ 125 с. өрөгөйдөөх ыһыаҕа

Бэс ыйын 28-29 күннэригэр Дьокуускайга Туймаада ыһыаҕа

От ыйын 4-5-6 күннэригэр. Нерюнгрига Олоҥхо ыһыаҕа

От ыйын 7-12 күннэригэр Тааттаҕа Манчаары оонньуулара

@uoheebuluu
Улуустааҕы Үрүҥ тунах ыһыах бэс ыйын 24-25 күннэригэр ыытыллара бүгүн, ыам ыйын 21 күнүгэр, тэрийэр хамыыһыйа мунньаҕар бигэргэннэ.

Быйылгы ыһыах Үөһээ Бүлүү улууһун 90 сылыгар, Улуу Кыайыы 80 сылыгар ананан ыытыллыаҕа.

Бүгүҥҥү мунньахха ыһыаҕы тэрийиигэ анал хамыыһыйа тэрилиннэ. Маны сэргэ, рабочай бөлөхтөр бигэргэнэннэр, ыһыахха бэлэмнэнии үлэтин былааннастыбыт.

Үбүлүөйдээх Үөһээ Бүлүү улууһун Үрүҥ Тунах ыһыаҕа үрдүк таһымҥа ыытылларыгар бары тэрилтэ салайааччыларыгар, тэрийэр хамыыһыйа бэрэсэдээтэлигэр сорудах туруорулунна.

Ыһыах бэлиэ тэрээһиннэрэ улууспут олохтоохторун үөрдэ киэҥ далааһыннаахтык ыытыллаллара былааннанар.

#Ыһыах
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
1👍1
#ыһыах

"Сахам маанылаах таҥаһа" куонкуруспутугар көхтөөхтүк кыттыбыт дьоммутугар махтанан туран кинилэри билиһиннэрэбит:

🌿И. Н. Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуола үөрэнээччитэ Дайаана Андреева

🌿Сургуулук нэһилиэгиттэн, Александр Федорович уонна Чена Васильевна Степановтар.

🌿Үөһээ Бүлүүттэн Револий Петрович, Елена Афанасьевна Петровтар

🌿Үөдүгэйтэн Катеринка Романова

🌿Үөһээ Бүлүүттэн Бажена Михайлова оҕолорунаан

Хаһыаппыт бу нэдиэлэтээҕи нүөмэригэр Степановтар хаартыскалара бастакы балаһабытыгар таҕыста 👍👍👍

☀️Саха буолан сандаарыҥ! ☀️

@uoheebuluu
👍10
#ыһыах

🌱 Ытык Нам нэһилиэгэ уйгу-быйаҥ ыһыаҕын ыста🌱

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👏5🎉1
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#ыһыах

🌱 Өргүөт нэһилиэгин уруйдаах түһүлгэтин дуораана

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍1
#ыһыах #Быракаан

Ааспыт субуотаҕа Быракаан нэһилиэгэр Улуу Кыайыы 80 сылын уруйдуур, Үөһээ Бүлүү оройуона тэриллибитэ 90 сылын айхаллыыр Үрүҥ Тунах ыһыах тэрилиннэ.

Оҕолорго оһуохай күрэҕэ, сахалыы таҥас күрэҕэ, ыччакка "Ыллаа-туой эдэр саас" ырыа куонкуруһа киэҥ сэҥээриини тарта, уруйдаах түһүлгэ кыайыылаахтары быһаарда.

@uoheebuluu
👍11