Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитигэр, СӨ тыа хаһаайыстыбатын туйгунугар, Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээн үлэни өрө туппут Саха Сирин бастыҥ сылгыһытыгар - Васильев Павел Павловичка - Кымыс Байбалга ыалдьыттаатыбыт.

Кымыс Байбалы 75 сааһын туолбут үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээн өйдөбүнньүк бэлэҕи, махтал суругу туттардыбыт.

Павел Павлович оҥорон таһаарар кымыһа Саха Сиригэр аатырар бренд буолар. Кымыс Байбал туһунан элбэх киһи истэн билэр.
Кини энтузиаст, тыа хаһаайыстыбатыгар бэриниилээх үлэһит, саха сылгытын иитиигэ, элбэтиигэ сүҥкэн кылааты киллэрбит киһи.

Аан маҥнай сылгыһыт идэтинэн Үөһээ Бүлүү улууһун, Ороһу нэһилиэгиттэн саҕалаан баран билигин Дьокуускай куорат кытыытыгар, "Үс Хатыҥ" ыһыахтыыр сир аттыгар уһаайба тэринэн үлэлиир-хамсыыр.

Павел Павлович 2007 сыллаахха оччотооҕу ЯГСХА ректорын Леонид Владимиров ыҥырыытынан үөрэх кыһатын производственнай баазатыгар Кэнкэмэҕэ сылгылары иитэн саҕалаабыта. Онно сылгыны иитиигэ элбэх устудьуон практикатын ааһан үөрэммитэ.

Онтон 2015 сыллаахтан тыа хаһаайыстыбатын Академиятыттан арахсан, туһунан бэйэ хаһаайыстыбатын тэринэргэ санаммыта. Онуоха Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев Дьокуускай куоратка баһылыктаан олорор кэмигэр Кымыс Байбалга "Үс Хатыҥҥа" 8 гектардаар сири арендаҕа биэрэн күн бүгүҥҥэ диэри бу сиргэ Кымыс Байбал дьиэ кэргэнинээн сылгыларын иитэн-тутан олороллор.

Билигин Кымыс Байбал «Эйгэ» фермерскай хаһаайыстыба тэринэн үлэлиир. Хаһаайыстыбатыгар 100 кэриҥэ төбө сылгылаах, ол иһигэр 70 ыанар биэлээх.

Биэлэрин күн аайы ыаннар кымыс оҥорон, ону тэҥэ биэ үүтүн атыылаан эргинэллэр.

Павел Павлович бэйэтин өр сыллаах баҕатын - "Кымыс оҥорор киини" тэрийээһин туһунан үллэһиннэ. Тустаах тэрилтэлэри кытта холбоһуктаах үлэ ыытан, доруобуйаны бөҕөргөтүүгэ биэ үүтүн туһаныыны киэҥ эйгэҕэ тарҕатар баҕа санаалаах.

Кымыс Байбал сыралаах, бэриниилээх үлэтин түмүгэр, биир сылгыттан саҕалаан 100 төбөлөөх улахан хаһаайыстыбаҕа тиийэ кэҥээн билигин Саха Сиригэр бастыҥ сылгыһыт аатын сүгэр.

Ытыктабыллаах Павел Павлович!

Эһигини 75 сааскын туолбут үбүлүөйдээх күҥҥүнэн "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин.
Баҕарабын чэгиэн доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу-соргуну, уйгуну-быйаҥы!
Бүтүн Саха Сирин биир бастыҥ чулуу үлэһитэ, биллэр сылгыһыта биһиги биир дойдулаахпыт буоларынан киэн туттабыт!
Павел Павловичка, кини дьиэ кэргэнигэр күннэтэ ыытар сыралаах үлэлэригэр сүгүрүйэбит уонна махтанабыт!

#КымысБайбал
#Кымыс
#ЯкутскиеЛошади
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev