Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.36K videos
9 files
3.87K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#Кыайыыкүнэ

⭐️ Саһарбыт хаартыскаларга уоттаах Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ...

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кыайыыкүнэ
Үөһээ Бүлүүгэ 🚩🚩🚩🚩🚩Улуу Кыайыы 78 сылын бэлиэтиир ытык күнэ Өрөгөй оһуохайынан, Арассыыйа былааҕын триколор өҥнөөх буруотунан уонна кэнчээри ыччаппыт УРА! хаһыытынан түмүктэннэ🚩👏👏👏👏
#Үөһээбүлүүхаһыат
#Кыайыыкүнэ

⭐️ Сургуулук нэһилиэгиттэн төрүттээх Үөһээ Бүлүү олохтооҕо Игнат Васильев тыыннаах сибэккини Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Сургуулук нэһилиэгиттэн баран олохторун толук уурбут буойуттар ааттара суруллубут стелатыгар анаан-минээн аҕалан уурда.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#видеодня🔥🔥🔥
#Кыайыыкүнэ

"ҮС ХОҺУУН" стадионугар Кыайыы күнүн уруйдуур оскуола оҕолорун хаамыыта үрдүк таһымҥа барда👏🏻
#бэйэ🎥

#Кыайыыкүнэ

⭐️ Улуу Кыайыы күнүн көрсө Ороһу орто оскуолатын 7-с кылааһын оҕолоро уонна Ороһу норуот тыйаатырын артыыстарын холбоһуктаах үлэлэрэ - П. Н. Тобуруокап "Биэс сурук" хоһоонугар дьүһүйүү

https://youtu.be/xlHYSQ_17Ns

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Кыайыыкүнэ

⭐️ Көрүҥ, тэрилтэлэр хайдах курдук бэлэмнэнэн кэлбиттэрин👍

8 холбоһуктаах хамаанда "Семнадцать мгновений весны", "Аты-баты шли солдаты", "А зори здесь тихие", "Летят журавли", "Белорусский вокзал", "Журавли над Ильменем", "Небесный тихоход", "Офицеры" киинэлэри сэриэбий быһыытынан талан ылбыттара. Бу киинэлэртэн быһа тардыылары сыанаҕа театрализованнай дьүһүйүү нөҥүө көрдөрүөхтэрэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Кыайыыкүнэ

⭐️ "Открытка Победы" куонкурус кыттыылаахтарын үлэлэрэ

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Кыайыыкүнэ

⭐️ 8-с нүөмэрдээх "Аленушка" оҕо саадын орто бөлөҕүн түннүгэ Кыайыы күнүн маннык симэнэн көрсөн эрэр.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх 79 сылынан эҕэрдэлээн "Үөһээ Бүлүү улууһа (оройуона)" муниципальнай оройуон аатыттан Үөһээ Бүлүү уонна Үөдүгэй сэлиэнньэлэрин анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, дьиэ кэргэттэригэр, уопсайа 80 ыалга, продуктовай набордары туттардыбыт.

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара саҥа Кыайыыны уһаансар, фашизм утары саа саадах сэриилэһэр хорсун буойуттарбыт. Аҕа көлүөнэ суолунан, өстөөҕү кыайыахтара диэн бигэ итэҕэллээхпит!

#КыайыыКүнэ
#ҮөһээБүлүү
#ДеньПобеды

t.iss.one/ValeriNikolaev
#кыайыыкүнэ

Улуу Кыайыы 79 сылын Т. И Петров аатынан Өргүөт орто оскуолата өрө күүрүүлээхтик көрүстэ. Оскуола библиотекара И.А.Иванова кинигэ быыстапкатын оҥордо, музейга сэрии ветераннарын хаартыската, суруктара, ахтыылара турдулар, кылаас салайааччылара былаан быһыытынан декада устата араас тэрээһиннэри ыыттылар: "Окна Победы" акциянан түннүктэри киэргэттилэр, оҕолор хос эһээлэрин туһунан өйтөн суруйан кылаас чаастарыгар кэпсээтилэр. 3-с кылаас салайааччыта А.А.Захарова Кыайыыга анаммыт ырыа хомуурунньугун, ырыа суруллубут историятын кэпсээтэ. Биһиги оскуолабыт тиэргэнэ - историческай миэстэ. Сэриигэ барааччылар Быракаантан, Туобуйаттан, Өргүөттэн түмүллэн барбыттар. Бугун 2 чаастан миитиннээтибит, ветеран учууталбыт Д.А.Абрахов ахтыы оҥордо, оҕолор хоһоон аахтылар, ырыа ыллаатылар, обелиск иннигэр венок уурдулар.

Өргүөттэн Лариса Николаева
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#Кыайыыкүнэ
⭐️⭐️⭐️⭐️⭐️
Уруйдан, Улуу Кыайыы күнэ!!!
Бүгүн 1941-45 с.с. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыргыһыы хонуутугар охтубут, сэрии толоонугар олохторун толук уурбут буойуттар сырдык ааттарын ахтан-санаан, биһиэхэ бэлэхтээбит эйэлээх олохторун иһин махтанар Улуу күммүт.

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Саха сирэ 62 тыһыынчаттан тахса бастыҥ ыччатын Ийэ дойду көмүскэлигэр атаарбыта. Олортон кыргыһыы хонуутугар 38 тыһыынчаттан тахса киһи сырдык тыынынан толук уурбута. Ордук ыар сүтүгү Үөһээ Бүлүү оройуона ылбыта. Биһиги улуустан 2163 киһи барбытыттан 1131 киһи сэрии толоонугар хаалбыта. 746 киһи тыыннаах дойдутун булбута. Улуу Кыайыы маннык ыар толугунан ситиһиллибитэ.

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сырдык тыыннарын толук уурбут Үөһээ Бүлүү буойун уолаттарыгар, тыылга өлбүттэр сырдык ааттарыгар, Кыайыыны уһансыбыт сэрии уонна тыыл бэтэрээннэригэр махталбыт бэлиэтин тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн сылын ахсын уурабыт 💐

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
@ulusmedia

⭐️⭐️⭐️⭐️⭐️
#Кыайыыкүнэ

⭐️⭐️⭐️⭐️⭐️
Кыайыы болуоссатыгар полевой куукуна үлэлээтэ.

Хас биирдии кэлбит киһи минньигэс гречканы амсайда👍🏻😋

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#Кыайыыкүнэ
⭐️⭐️⭐️⭐️⭐️
Тымныыны аахсыбат биһиги оҕолорбут😎🤩👏🏻 Махтанабыт👏🏻

Комментарийга киирэн оҕолоргут хаартыскаларын көрүҥ👍🏻

@ulusmedia
#Кыайыыкүнэ
⭐️⭐️⭐️⭐️⭐️
Кыайыы кынаттаах тыыннаах хаартыскалар🤩

Бэйэҕитин, билэр дьоҥҥутун булуҥ👍🏻

@ulusmedia
#Кыайыыкүнэ

Үс Хоһуун стадиоҥҥа оскуола үөрэнээччилэрин байыаннай хаамыылара буолла. Хаамыыны байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Бүлүү бөлөх улуустарга быыһыыр-көрдүүр сулууспа салайааччыта Михаил Ан салайда.

Улуус баһылыга Валерий Николаев Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлээтэ уонна байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Иван Сагайдак "Хорсунун иһин" уордьанынан өлбүтүн кэннэ наҕараадаламмытын тапталлаах кэргэнигэр туттарда.

Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, бэтэрээнэ Александр Семенов эҕэрдэтин эттэ уонна Кыайыы хайаан да кэлэрин баҕарда.

Ким дa умнуллубат, туох да умнуллубат!

@uoheebuluu
#Кыайыыкүнэ

Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр Өргүөт нэһилиэгиттэн 128 күүстээх - уохтаах уолаттар ыҥырыллан барбыттарыттан 104 киһи уоттаах сэриигэ, 13 киһи араас обьектары харабыллааһыҥҥа, 11 киһи үлэ фронугар Тиксиинэн, Үөһээ Дьааҥыннан, Киренскэйинэн сылдьыбыттарын кэриэстээн, бһиги көҥүл олоххо олорорбут туһугар олохторун олук ууралларын кэрэйбэккэ сэриилэспит эһээлэрбитигэр, хос эһээлэрбитигэр махтанан Кыайыы памятнигын иннигэр митинг буолла.

"Туллукчаан" дьааһыла сад үлэһиттэрэ полевой кухня тэрийэн саллаат хааһытынан, итии чэйинэн күндүлээтилэр. Түмүгэр тэрилтэлэринэн военизированнай эстафета -куоталаһыы буолбутугар бастакы миэстэни администрация "Сардаҥа" хамаандата, иккиһи
оскуола "Мохсоҕоллор" хамаандалара,
үсүһү "Катюша" оҕо саадын хамаандата ыллылар.

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат.

Өргүөттэн Лариса Николаева

@uoheebuluu
#Кыайыыкүнэ

Кыайыы эстафетатын кыайыылаахтарын эҕэрдэлиибит👏👏👏
Бастакы миэстэ - РЭС, Энергосбыт, ДЮСШ, "Теремок" оҕо саадын холбоһуктаах хамаандата. Салгыы боротокуолга көрүҥ👍👏

@uoheebuluu
#Кыайыыкүнэ #суруйаллар

Бүгүн, Үс хоһууҥҥа буолбут байыаннай хаамыыга, Киин балыыһа үлэһиттэрэ көхтөөхтүк кытыннылар.

Хамандыыр - реанимационнай отделение медбрата Бырдакаров Афанасий Григорьевич.

@uoheebuluu