Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#отчуот

Нам нэһилиэгэр оҕо саадын тутуутун боппуруоһа эргиллэн кэллэ

Саха өрөспүүбүлүкэтин Үп-харчы министиэристибэтин миниистирин солбуйааччы Гаврил Алексеев хоруйун бу устууга көрүҥ🙌🏻
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Нам

Олохтоох почта дьиэтэ тымныытынан сабыллар кутталлаах. Икки нэһилиэк тутаах тэрилтэтэ суох хаалара олохтоохтору долгутар.

Муҥутуур тымныыларга дьиэ температурата +10, сорох хосторго -20 кыраадыска тиийэ тымныйбыт.

Эппиэт: Почта тэрилтэтэ федеральнай таһымнаах, салалталаах бөдөҥ тэрилтэ буоларынан, барыта үөһэттэн быһаарыллар.

2023 сылга Саха сиригэр 8 отделение саҥардыллыахтаах, ол иһигэр Уус-Мая, Өлүөхүмэ, Сунтаар улуустара хапсыбыттар.

Тустаах үлэ бэйэ өттүттэн барыан наада диэн тоһоҕолоон эттилэр.

Отчуот манан түмүктэннэ, мунньахха 87 киһи кытынна👍🏻
Бырабыыталыстыба отчуота утары телеграм-ханаалга тахсарын сөбүлээтигит дуо?
Anonymous Poll
59%
Бэрт да бэрт👍
35%
Сөбүлээтим
6%
Сөбүлээбэтим
Forwarded from "Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр" (Полина Николаева)
РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин Агростартап граныгар биир киһиэхэ көрүллэр муҥутуур суума кээмэйэ 7 мөл солк буоларын туһунан быһаарыы ылыныллыбытын иһитиннэрдэ.

Ити эрээри бу сууманы үүт уонна эт оҥоруутугар анаммыт бырайыактаахтарга бэриллэр диэн чуолкайдаабыттар.

#агростартап #село #агрогранты
📄 Алименты без обращения в суд — через нотариуса

Соглашение — это договор между родителями по вопросам выплаты алиментов на содержание детей. Оно имеет силу исполнительного листа: его можно предъявить в банк или направить работодателю для взыскания денег, не обращаясь в суд.

Вот как оформить этот документ.

🔹 Составить соглашение
Это могут сделать родители или нотариус. Можно согласовать такие условия:
🔵 размер алиментов
🔵 способы выплат — их можно сочетать между собой
🔵 срок и периодичность выплат
🔵 размер штрафов за просрочку

❗️ Размер алиментов по соглашению не может быть ниже тех, которые положены через суд.

🔹 Подготовить документы
🔵 паспорта родителей
🔵 свидетельство о рождении ребенка
🔵 дополнительные документы, которые подтверждают право на получение алиментов: например, медицинские справки

🔹 Обратиться к нотариусу
Госпошлина — 250 ₽, дополнительно — правовые услуги.

🔹 Можно ли изменить или расторгнуть соглашение
Только при согласии обоих родителей. В одностороннем порядке — нельзя. Но можно оспорить через суд при наличии оснований.

17 постов о взыскании алиментов

@gosuslugiforparents

#алименты
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Хоро

1400 нэһилиэнньэлээх Хоро нэһилиэгин баһылыгынан Альберт Иванов ааспыт сыл балаҕан ыйыттан талыллан, үлэлии олорор.

Саха өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын ситэриилээх былааһын 2022 сыллаах үлэтин-хамнаһын түмүктүүр отчуота Хороҕо кэллэ🙌🏻
#Хоро

Бүгүҥҥү отчуот спорт саала дириэктэрэ, Хоро нэһилиэгэр өр сылларга баһылыктаан олорбут Семен Чиряевка сэмэй кылаатын сыаналаан, өрөспүүбүлүкэ 100 сылын чэрчитинэн, наҕарааданы туттарыыттан саҕаланна🥳👏🏻
#Бырабыыталыстыбаотчуота, #Кэнтик

Олунньу 17 күнүгэр СӨ бырабыыталыстыбатын 2022сыл түмүгүнэн отчуоттуур 1 бөлөҕө СӨ суолун хаһаайыстыбатын уонна транспорын миниистирэ Владимир Сивцев уонна Үөһээ Бүлүү
муниципальнай оройуон баһылыгын үп-харчы боппуруостарыгар солбуйааччыта Наталья Гурьева
салайааччылаах Кэнтик нэһилиэгэр мунньахтыыр.
👏👏👏👏
Нэһилиэк баһылыга Валерий Николаев үрдүк тэрээһиннээхтик, дьонун сэргэтин толору мунньан кулууп сырдык саалатыгар көрүстэ.

❇️Сүрүн боппуруостарга киириигэ сонуннары күүтүҥ
#Хоро

Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Илья Ильич ТКО - кытаанах эттиктээх бөҕү-саҕы урукку курдук миэстэтигэр дьаһанан олорор наадалааҕын ыйда. Үөһээ Бүлүү сыбаалкатыгар ыйын ахсын илдьэн тохпотторун, кураанахтыы харчы хомуйуута буоларын эттэ.

Куйаас да, тымныы да күннэргэ бөх тиэйэр дьону күүтэр эрэйдээҕин бэлиэтээтэ.

Эппиэт: олохтоох дьаһалта нэһилиэктэн бэдэрээччит быһыытынан оператор булунан, үлэлэтиэн сөп.
#Хоро

Акушерка Туйаара Николаева балыыһа тутуутун туруорсар.

Балыыһа 1961 сыллаах тутуу, манна Оҥхой, Мэйик, Дүллүкү нэһилиэктэрин ыарыһахтара сытан эмтэнэллэр.

Эппиэт: Олохтоох балыыһа тутуута 2025 сылга былааҥҥа сайаапка быһыытынан киирбитэ.
Кэлэр икки сылга Кырыкыйга ФАП, ол кэннэ улуус киинигэр оҕо поликлиникатын тутуулара былааҥҥа тураллар. Ол кэннэ, үлэ хаамыытынан барыахтаах.
#Хоро

Учуутал Мариса Николаева Хоро биэрэгин бөҕөргөтүүтүн үлэтин туоһулаһар.

Бырайыагын суумата 7 мөлүйүөн 404 тыһыынча, уопсай үлэтэ
60 мөлүйүөн суумалаах.

Эппиэт: үлэ бара турар, инники былааҥҥа баар.