Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.88K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр - Максимовтарга атырдьах ыйын 6 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев ыалдьыттаабыта.

Ыал ийэтэ Вилена бэйэтин кыһалҕатын, кыһыны кыстыырыгар көрсүбүт ыарахаттарын, ититии систиэмэтэ саҥардыллыан наадатын туһунан үллэстибитэ.

Ил Дархан кыстыкка киириигэ дылы Максимовтарга ититии систиэмэтин саҥардарга сорудахтаабыта.

Айсен Сергеевич сорудаҕын толорон Максимовтар котельнайдарыгар ититии систематын саҥардыыга, газ оһох турбатын уларытыыга, итиини эргитэр насоһу уонна ууну ититэр бойлеры уларытыыга үлэ түмүктэннэ.

"Отопление үлэтин үс күн иһигэр оҥорон бүгүн бүтэрдилэр. Улахан барҕа махтал. Саамай улахан кыһалҕам быһаарыллынна, баҕа санаам толору туолла", - диэн махталын ыал ийэтэ Вилена Максимова үллэһиннэ.

Максимовтар дьиэ кэргэҥҥэ баҕарабыт бары үтүөнү, алаһа дьиэҕит сылаас буоллун уонна саамай сүрүнэ Аҕаҕыт, байыаспыт кыайыы кынаттаах этэҥҥэ эргиллэн дойдутугар, дьиэтигэр кэллин.

#СВОихНеБросаем
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
#своихнебросаем

Намтан Тарасова Розалия Петровна салайааччылаах "Ситим" түмсүү КЫАЙЫЫ туһугар кыһамньылаахтык көмөлөһөр.

Бу сырыыга 100 - ахсааннаах ДЭЙБИИР - ХАРЫСХАЛЫ, АЛГЫСТААХ КЫТЫАНЫ МӨҺӨӨЧЧҮКТЭЭН АҔАЛАН ТУТТАРДЫЛАР. Намнарга этиэх эрэ кэрэх, болдьоҕор баар буолар.

Дэйбиир - харысхалы бэрт сатабыллаахтык оҥорор ньыматын баһылаатылар. "Баҕалаах маска ыттар" диэн өс хоһоонун курдук, баҕардылар - оҥордулар!

Сонуннарга анаан Васма Иванова "Дойдум тыына" иистэнэр сыах