Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#ситиһии

💠Бүгүн Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай таһымнаах грантовай күрэхтэр кыайыылаахтарын кытары көрүстэ.

Бу көрсүһүүгэ алта грант кыайыылаахтара тыл эттилэр. Ол иһигэр Үөһээ Бүлүүттэн О. Д. Федорова аатынан кииннэммит бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Тамара Саввинова бэйэтин бырайыагын туһунан кэпсээтэ. Кини Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан, "Ситис" коммерческайа суох тэрилтэ аатыттан кыттан, "Чехов сахалыы тылынан" диэн испэктээги туруоруутун бырайыага кыайыылаах буолбута 👍👍🌟💫💫💫

Санатан эттэххэ, сылын ахсын ыытыллар культурнай инициативалар пуондаларын Граныгар Үөһээ Бүлүү улууһа аан бастакытын кыайбыта бэлиэтэнэр.

#Үөдүгэйсонуннара
Forwarded from selo_adm_vervil
Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин иһинэн үлэлиир Алексей Николаев салайааччылаах Марс МАТ волонтер үлэһиттэрэ сайынын аайы сэлиэнньэбит ис тас көрүҥэ ырааһырыытыгар ис сүрэхтэриттэн кыһанан туран үлэлииллэр.Ол да иһин бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ кинилэри таптаан , сөбүлээн "сэлиэнньэбит санитардара" диэн ааттыыллар.Бу күннэргэ кинилэр ПМК Б, Бэрэ түөлбэлэрин саамай кирдээх миэстэлэрин ыраастаатылар.Ол эрээри,
маннык түгэҥҥэ саныыгын ээ,ардыгар хомойоҕун да ,бөх сыыс бэйэтэ мээнэ күөрэйэн тахсыбата чуолкай ини, ким эрэ быраҕан, киртитэн эрдэҕэ.Ол да иһин этэн эрдэхтэрэ "Чисто там, где не убирают,а не мусорят " диэн .Уонна дьэ хаһан өссө хайдах дьиэлэннэхпитинэ, уоттаннахпытына, сайыннахпытына, ким эрэ хомуйуо диэн сэлээннээбэккэ, ыраастык, чэнчистик туттан олорор буолабыт.
#сво #своихнебросаем

⭐️ Олоҥхо дьиэтин саалатыгар Дьахталлар кэмитиэттэрин көҕүлээһининэн хаххаланар сетка баайыыта саҕаланна.

Сетка баайыллар адарайын Револий Петрович Петров бэйэтин матырыйаалынан оҥорон биэрдэ. Таксистар таһаҕаһы кэлгийэр сеткалара.

Баайар матырыйаал элбэх барарын эттилэр. Бүгүн сыах таҥаһын кырадаһынын баайдылар. Бу саҕалааһыны Ирина Васильевна Потапова, Ольга Ивановна Тумусова иилээн-саҕалаан эрэллэр.

Ийэлэр, эбээлэр сүрэхтэрин сылааһын иҥэрэн баайар сеткалара дурда-хахха буолара мэлдьэҕэ суох.

Оҕолорбут этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр бигэ эрэнэбит. Иннибит диэки КЫАЙЫЫГА!

Васма Иванова

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Үөһээ Бүлүү улууһугар ойуур баһаардара от ыйын 10 күнүн киэһээ 17:00 чаас туругунан:

Быракаан нэһилиэгин территориятыгар 100 га иэннээх ойуур баһаара буола турар. Баһаары умуруорааһыҥҥа 60-тан тахса киһи, 6 техника үлэлиир.

Кэнтик нэһилиэгин территориятыгар 65 га иэннээх ойуур баһаарын утары 91 киһи 7 техника үлэлиир. Билиҥҥи туругунан ойуур баһаара төгүрүллэн тутулунна.

Оҥхой нэһилиэгин Хомустаах сиригэр 70 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 70 Оҥхой, Далыр, Мэйик олохтоохторо уонна ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, ону тэҥэ 8 техника үлэлиир. Баһаар тохтотулла илик. Тыраахтардарынан үлэ бара турар.

Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!

Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа күүс-көмө буоларгытыгар ыҥырабыт.

Ойууру уоттан быыһыырга кыттыһаргытыгар Лесхоз тэрилтэригэр 84113341569, ол эбэтэр улуустааҕы ЕДДС нүөмэригэр 84113341501 эрийэн билсиҥ.

Күннээҕи хамнас кээмэйэ 2900 солкуобай.
Тыалбыт күүстээх буолан баһаардар улаатан эрэллэр, түргэнник быһаарыныы ылынан баһаардарбытын саба тутуоххайыҥ!

#ВерхневилюйскийУлус
#ЛесныеПожары

t.iss.one/ValeriNikolaev
#сво #своихнебросаем

⭐️ Хоро нэһилиэгиттэн "Сэгэйэ" түмсүү байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастарга анаан харысхаллары уонна инчэҕэй салпыаккалары иистэнэр сыахха туттардылар.

Оттон "Айылгы" түмсүүлэр 2 хаххалыыр сетканы анаан бэлэмнээбиттэр.

"Дойдум тыына" иистэнэр сыахха күннэтэ байыаннай дьайыы буола турар сиригэр сулууспалыы сылдьар уолаттарбытыгар ананан бэлэмнэммит мал-сал, таҥас-сап, туттар тэрил күннэтэ кэлэ турар. Бары биир санаанан салайтаран Кыайыы туһугар туруулаһабыт.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#хорсунбыһыы

⭐️ Икки оҕону ууттан быыһаабыт хорсун эбээ - Наталья Дмитриева

Бэҕэһээ, от ыйын 10 күнүгэр эбиэт кэннэ ууга былдьанан эрэр оҕолору биир биэнсийэлээх дьахтар быыһаабыт диэн сурах ватсап ситимин устун тарҕанна.

Биһиги бэҕэһээҥи дьоруойу буллубут. Наталья Алексеевна Дмитриева Туобуйаттан төрүттээх Үөһээ Бүлүү олохтооҕо эбит. Өр сылларга Ньурба Үөдэйигэр олорон баран 8 сыллааҕыта кэргэнинээн дойдутугар көһөн кэлбит. Төһө да биэнсийэлээх диэтэллэр, билигин да үлэлии сылдьар эбит. Н.И.Бойлохов аатынан оҕо искусствотын оскуолатыгар ырааһы тутар, көрөр-истэр үлэлээх. Бу тэрилтэҕэ үлэлээбитэ ахсыс сылыгар барбыт.

Бэҕэһээ эрдэттэн сөтүөлүүр санаата суох эбит да буоллар, тоҕо эрэ эмискэ 15 чааһы ааһыыта сөтүөлүү киирбит. Кэргэнэ массыынанан эбэҕэ киллэрэн, биэрэккэ көрөн олорор үгэстээх эбит.

- "Кэргэним ууга киирэрин хаһан да көрбөтөҕүм, төрүт сөтүөлээбэт киһи. Биэрэккэ ууттан тахсан сынньана олордохпуна, арай оҕолор хаһыылара иһиллибитэ. Чугас эргин оҕолордоох дьахталлар олороллоро. Оҕолор хаһыытыылларын истэн эргим-ургум көрүтэлээбиттэрэ. Тула өттүбүн көрүммүтүм, ким да сүүрэн киириэх айылаах кими да көрбөтөҕүм. Өйдөөн көрбүтүм, ыраах икки оҕо төбөтө ууттан сүтэ-сүтэ көстөллөрө.

Мин "быыһааҥ" диэн хаһыыны чуолкай истэн баран, миигин ыҥыраллар дии санаабыт курдук, ойон турдум да, тугу да толкуйдуу барбакка, сүүрэн тиийэн ыстанан кэбиспиппин бэйэм да өйдөөбөккө хаалбытым. Харбаан барбытым.

Урукку киһи буолан ыттыы эрэ сатаан харбыыбын. Төһө да ырааҕын иһин харбаабытым. Атаҕым сири билбэт буолар дириҥтэн, дьиҥэр, куттанар этим. Ол эрэн ол түгэҥҥэ куттанарбын да санаабатах эбиппин.

Харбаан тиийэн баран, илиибин биэрдэхпинэ кыайан харбыам суоҕа диэммин, кыыска "атахпыттан тутус" диэтим. Кыыһым, хата, атахпын харбаан ылан тутуста. Онтон тутуһаат да "бырааппын" диэн хаһыытаата. "Бырааккын илиититтэн харбаан ыл" диэтим. Оннук сосуһан харбаан кэллибит. Ол иһэн санныбыттан тутус диэн, сотору атаҕыҥ сири билиэҕэ, харбыы сатаа диэн саҥара, уоскута истим.

Атахпыт кумахха тиийбитин кэннэ тахсан истэхпитинэ биир эдэр киһи сүүрэн кэлэн уолу харбаан ылбыта. Кыыс биэрэккэ хааман тахсан баран, олоро түһээт, ытаан барбыта. Мин көрдөхпүнэ, 5-6 кылаас оҕолоро курдук этэ.
Бэйэм да тыын быһаҕаһынан тыынан биэрэги булбутум. Чугас эргин олорбут дьахталлар сатаан харбаабат буолан киирбэтибит дэспиттэрэ. Бэйэм да уолуйан хаалбытым, инньэ гынан, хайдах киирэн тахсыбыппын билбэккэ да хаалбытым.

Сайын аайы сиэммин киллэрэн сөтүөлэтээччибин. Ыраах барбатын курдук көрөр үгэстээхпин", - диэн дьоруойдуу дьыаланы оҥорбут хорсун кэрэ аҥаар буолуохтааҕын курдук кэпсээтэ.

Арай бу күн кини эбэҕэ киирбэтэх буоллун? Ким да бу оҕолорго сүүрэн тиийбэт дуо?
Бэйэни умнан туран атын дьон олоҕун быыһыырга дьулуһар дьон диэн туһунан. Оттон икки кырачаан оҕо олохторун быыһаабыт ийэ, эбээ хорсун быһыыта үрдүкү наҕарааданы ылар аналлаах. Бу быыһаммыт оҕолор төрөппүттэрэ махтаныах эрэ тустаахтар.

Төрөппүттэр оҕолоргутун көрүүтэ-истиитэ суох өрүскэ ыытымаҥ. Оҕо төрөппүттэрин, улахан дьону кытта эрэ сөтүөлүү барыахтаах. Улахан ууга ыраах барбаттарын курдук сэрэтэр, кэпсэтэр наада. Улахан массыыналар кумах таспыт сирдэрэ буолан улахан дьаамалары үөскээбиттэр, онон отой сэрэхтээхтик сылдьар ирдэнэр. Анал бэлиэ туруоруллубут миэстэтигэр эрэ сөтүөлүүр көҥүллэнэрин умнумаҥ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM