Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.2K photos
4.38K videos
9 files
3.9K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
🌠🕯 Сегодня по всей республике прошла патриотическая акция «Свеча памяти»

Представляем вам подборку фотографий с разных районов Якутии.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🌠🌠 С Днем Победы!

Пусть в ваших домах всегда будет согласие, покой и мир. Низкий поклон нашим ветеранам, которые приближали победу своим мужеством и упорством.
Поздравляем с 79-й годовщиной победы в Великой Отечественной войне!
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
С Днём Победы!
Улуу Кыайыы күнүнэн!


В этот священный день каждый из нас отдаёт дань уважения великому подвигу нашего народа, не дрогнувшего перед жестоким врагом. Мы преклоняемся перед стойкостью героических предков, сражавшихся в кровопролитных боях с немецкими захватчиками, сокрушивших нацизм и подаривших нам мирное небо над головой.

Прошли десятилетия, но память о Великой Отечественной войне продолжает жить в сердцах потомков поколения победителей, которые сегодня мужественно защищают свободу и справедливость в зоне проведения специальной военной операции. Наша история — это история несгибаемой силы духа и верности Родине. Наша гордость – наши воины, чей героизм сегодня воплощает заветы предков и приумножает их подвиг. Мы верим в правду и справедливость, и убеждены, что Победа будет за нами.

▫️Великая честь быть наследниками тех, кто победил в самой тяжёлой войне в истории человечества. Вечная память всем, кто отдал жизни за мир и свободу нашей страны! Низкий поклон и безмерная благодарность нашим дорогим ветеранам! Слава народу-победителю!

t.iss.one/aisen_nikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#УлууКыайыыкүнүнкөрсө

"Сказка" оҕо саадын иитиллээччилэрэ, бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоро күн бэҕэһээ Кыайыы пааматынньыгар сылдьан сибэкки дьөрбөлөрүн уурдулар. Ырыа ыллаан, хоһоон ааҕан ньиргиттилэр.

Суох буоллун сэрии, суох буоллун өлүү, туругур Эйэ, Эйэ, Эйэ!

Салгыы видеону көрөргүтүгэр ынырабыт👍

@uoheebuluu
#Окнапобеды

Улуу Кыайыы күнүн көрсө Үөһээ Бүлүүтээҕи 6 нүөмэрдээх "Солнышко" оҕо саад түннүктэрин киэргэппиттэрин көрүҥ😍👍🏼👍🏼

@uoheebuluu
Ытыктабыллаах Аҕа Дойду сэриитин, үлэ тыыл бэтэрээннэрэ, сэрии сылларын оҕолоро, Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!

“Үөһээ Бүлүү улууһа”  муниципальнай оройуон дьаһалтатын аатыттан уонна тус бэйэм Эһигини Улуу Кыайыы 79 сылынан  эҕэрдэлиибин!

1945 сыл ыам ыйын 9 күнэ - Россия хас биирдии олохтооҕор ытык күн, махтал күнэ, кэриэстэбил күнэ.... 

Бүгүн биһиги аан дойдуну фашизмтан босхолообут кыайыылаах көлүөнэҕэ дириҥ махталбытын биллэрэбит, булгуруйбат модун санааларын, Ийэ дойдуларыгар муҥура суох тапталларын иһин сүгүрүйэбит...

1418 күн устата барбыт Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ биһиги улуустан оту-маһы тутан көрөр саастарыгар сылдьар 2163 киһи  барбыта. Олортон 1131 киһи сэрии толоонугар охтубута, 746 киһи (о.и. 515 арҕаа фроҥтан, 231 – илинтэн) этэҥҥэ тыыннаах эргиллибитэ, 298 киһи үлэ фронугар кыайыыны уһансыбыта.         

Бүгүн  төбөбүтүн  төҥкөтөн, иһийэн туран, кэриэстиибит саа саадах өстөөҕү утары охсуспут буойуттарбытын, тыылга бэйэлэрин кэрэйбэккэ үлэлээбит дьоммутун, үгүс күөгэйэр күннэригэр сылдьан, кырыктаах кыргыска умса түспүт, билиэҥҥэ түбэспит, сураҕа суох сүппүт, дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн, эйэлээх олох тутуутугар сылдьан, дьарҕалара суойан, суох буолбут биир дойдулаахтарбытын…

Умнубаппыт “Тугу барытын – фроҥҥа, тугу барытын – Кыайыы туһугар!” диэн, фрону сэрии сэбинэн хааччыйар, аһатар-таҥыннарар туһугар тыылга, үлэ фронугар тоҥмут-хаппыт, өлбүт-сүппүт, Аҕа дойдуну чөлүгэр түһэрсибит, икки хараҥаны ыпсаран, ньуура-көлөһүнэ суох үлэлээбит  хорсун-хоодуот, хаан-уруу дьоммутун...

Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин 1945 с. бэс ыйын 16 күнүнээҕи, 1947 с. кулун тутар 13 күнүнээҕи уураахтарынан Үөһээ Бүлүү оройуонугар 1489 тыа сирин үлэһиттэрэ “1941-1945 сс.Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыттара.

Уруй-айхал, албан аат Улуу Кыайыыны уһансыбыттарга!

1941-1945 – тыыннаахтар умнубат сыллара... Эдэр ыччакка сэрии туһунан кырдьыгы кэпсиэххэ, кыайыы туһугар тугу толук уурбуппутун өйдөтүөххэ, Аҕа дойдуга сөҕүрүйбэт таптал уотун уматыахха, дьиҥнээх патриот, дойдуларыгар бэриниилээх дьон буола улааталларын ситиһиэххэ!

2022 сыл олунньу 24 күнүттэн Украинаҕа буола турар анал байыаннай дьайыы киһи аймаҕы барытын фашизм хара дьайыттан арчылыыр-араҥаччылыыр аналлаах. Кэриэстиибит нацизм саҥа көрүҥүн утары охсуһууга охтубут уолаттарбытын - бойобуой дьайыылар кыттыылаахтарын, чулуу буойуттарбытын...    

Айыы санаалаах Россия норуоттарын кута-сүрэ бөҕөх!

Фашизм иккистээн төбөтүн өндөтүө суоҕа!

Кыайыы биһиэнэ буолуоҕа!

 

Дириҥ ытыктабылы кытта

Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга                          Валерий Николаев.
#саһарбытхаартыскаларкэпсииллэр

Кыайыыны уһансыбыт, дойдуларыгар этэҥҥэ төннөн кэлбит олох, үлэ үөһүгэр сылдьар ытыктыыр дьоммут - Үөһээ Бүлүүлэр, Аҕа дойду улуу сэриитин бэтэрээннэрэ

Саныыбыт, махтанабыт, киэн туттабыт!

@uoheebuluu