Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.2K photos
4.38K videos
9 files
3.9K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Үлэ нэдиэлэтин түмүктүүр сүбэ мунньах олохтоох бэйэни салайыныы күнүнэн дьаһалта, салалта үлэһиттэрин эҕэрдэлээһинтэн саҕаланна.

2013 сыллаахха муус устар 21 күнүн Арассыыйаҕа Олохтоох бэйэни салайыныы күнүнэн биллэриллибитэ. «Гражданскай общество, демократия сайдарын туһугар, олохтоох бэйэни салайыныы институтун оруолун улаатыннарар туһуттан» диэн Дойду Президиэнэ Владимир Путин бу күнү олохтуур туһунан Ыйааҕы таһаарбыта.

Үөрүүлээх быһыыга-майгыга дьаһалта уонна салалталар үлэһиттэригэр анал ааттаах блокноттары улуус баһылыгын собуйааччы Анна Михайловна Уларова туттарда.

Үөһээ Бүлүү улууһун култуураҕа уонна духуобунаска департаменын салайааччыта Айталина Михайловна Мойтохонова эҕэрдэ тойугу туойда.

Олохтоох бэйэни салайыныы күнүгэр Арассыйа, Саха Сирэ, Үөһээ Бүлүү олохтоохторун тустарыгар сыраларын ууран эппиэтинэстээхтик үлэлии сылдьар дьоммутугар ситиһиилээх, таһаарыылаах үлэни баҕарабыт!

Бүгүҥҥү бырааһынньык күн эһиги тулуургут, болҕомтоҕут, дьоҥҥо кыһамньыгыт, төрөөбүт дойдугут сайдарын туһугар туох кыалларынан барытын оҥоро сатыыр дьулуургут иһин махтанабыт!

#ОлохтоохБэйэниСалайыныыКүнэ
#ДеньСамоуправления
#ҮөһээБүлүү

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
Forwarded from РСХБ
Верите в ослабление рубля? Тогда откройте вклад в юанях!

По нашим премиальным тарифам ставка по вкладу до 4,6%, а по накопительным счетам – до 1,4%. Подробности тут ⬅️

А если не верите, то вот ссылка на вклад в рублях.

Вы на чьей стороне?

#РСХБ
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#спорт

⭐️ "Үс Хоһуун" спортивнай саалатыгар улуус тэрилтэлэрин икки ардыларыгар ыытыллар холбоһуктаах хамаандалар спартакиадаларын арыллыыта буолла.

Бу күнтэн саҕалаан 2024 сыл устата хамаандалар 20 спорт көрүҥүгэр, сорох хамаандалар саҥалыы састаабынан күрэстэһиэхтэрэ.

Үөрүүлээх арыллыыга улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Анна Уларова спортсменнары эҕэрдэлээн туран, чөл олох, физкультуранан, маассабай спорт көрүҥнэринэн дьарыктаныы өрө тутуллан, нэһилиэнньэ олоҕо чөл буоларыгар төһүү күүс буолуоҕун бэлиэтээн эттэ.

Күрэхтэһии үгэс быһыытынан дуобат күрэҕиттэн саҕаланар. Сыл түмүгэр кыайыылаах холбоһуктаах хамаандалар ботуччу суумалаах бириистэри тутуохтара. Ол курдук, 1-кы миэстэҕэ 150 тыһ. солк., 2-с миэстэҕэ 120 тыһ. солк. уонна 3-с миэстэҕэ 100 тыһ. солк. туттарыллыаҕа.

Быйылгыттан эбии көрүҥнэр киирдилэр. Спартакиадаҕа киирбит уларыйыылар туһунан сиһилии "Үөһээ Бүлүү" хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыаххыт.

Сорох хаартыскалары комментарийга киирэн көрүҥ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Правительством Якутии ведется работа по утверждению план-графика переселения из аварийного жилья, признанного таковым на 1 сентября 2023 года на территории Якутской городской агломерации. В план-график предварительно вошли 979 многоквартирных домов.

– До 2030 года должны расселить в городе Якутске аварийные жилые помещения, признанные таковыми на 1 сентября 2023 года. Мы такой план-график составили и отправили в Фонд развития территорий на согласование. В него вошли 979 многоквартирных домов, где проживает свыше 32 тысяч горожан – это очень большой объем. До 2030 года мы должны расселить 427 тысяч кв. метров аварийного жилья, – сообщил министр строительства Якутии Виктор Романов.

Напомним, в Якутии в рамках нацпроекта «Жилье и городская среда», инициированного Президентом РФ Владимиром Путиным, реализуется программа переселения граждан из ветхого и аварийного жилья. На сегодняшний день переселено 40,2 тысячи человек из 740,83 тысяч кв. метров аварийного жилищного фонда. Всего с 2019 года в рамках программы введено 244 многоквартирных дома в республике. В 2024 году ожидается завершение строительства ещё 93 многоквартирных домов.
Күн киһитэ көмүскэс, Айыы киһитэ аһыныгас🙏🏻

Диомидка көмөнү Дмитрий Дмитриевич Михалев аатыгар 89627357487 мобильнайдаах номерыгар ыытыаххытын сөп, бииргэ төрөөбүт убайа.

@ulusmedia
25 апреля в преддверии Дня Республики Саха (Якутия) состоится «Прямая линия» с Главой Якутии Айсеном Николаевым.

Трансляция эфира начнётся в 19:00 по якутскому времени.

Вопросы можно задать по многоканальному номеру 8-800-707-43-33 (звонок бесплатный).

Также вопросы принимает чат-бот в Telegram @voprosGlaveYakutii_bot.
#сокуон

Сокуоннайа суох маһы кэрдии административнай ыстараапка тириэрдэр

СӨ «Үөһээ Бүлүү лесничествота» ГКТ сокуоннайа суох маһы кэрдэн буруйу оҥорууга Үөһээ Бүлүү оройуонун гражданнарыгар профилактика уонна сэрэтэр үлэни ыытар. Ойуур олордуутун, сэппэрээктэри, лианнары сокуоннайа суох кэрдии РФ КоАП 8.28 ыстатыйатынан гражданнарга 3000 солкуобайтан 4000 тыһыынча солкуобайга диэри; дуоһунастаах дьоҥҥо 20000-тэн 40000 тыһыынча солкуобайга диэри көрүллүбүт административнай ыстараап түһэриллибитэ; юридическай сирэйдэргэ-200000- тэн 300000 тыһыынча солк., ону тэҥэ РФ холуобунай кодексын 260-с ыстатыйата (салгыы – РФ ХК) сокуоннайа суох маһы кэрдии иһин холуобунай эппиэтинэс көрүллэр.

Оттон ойуур олордуутун улаатыытын тохтотор эбэтэр ойуур олордуутуттан тутулуга суох үрдээһинин намтатарга хамсаныыны оҥорбут эбэтэр бу дьайыылар суолталаахтык толоруллуохтарыгар диэри 500000 тыһыынча солкуобайга диэри ыстарааптыыр. Эбэтэр 480 чааска диэри болдьоххо булгуччулаах үлэҕэ, эбэтэр 2 сылга диэри болдьоххо күһэлэҥ үлэҕэ, ону тэҥэ ыстарааптыыр кээмэйэ 100000-200000 тыһыынча солкуобай, эбэтэр хамнас кээмэйинэн, эбэтэр буруйу оҥорбут атын дохуота 1 сылтан 18 ыйга диэри, эбэтэр буруйданааччы көҥүлүн быһыан сөп.

Үөһээ Бүлүү улууһун гражданнара 2024 сылга ойуур маһын бэйэ туһатыгар атыылаһарга дуогабар түһэрсиэххитин сөп. Ол туһугар эһиги:
1. Лесничэй аатыгар маһы бэлэмнииргэ сайабылыанньа
2. Персональнай дааннайдары көрөллөрүгэр сөбүлэҥ биэрэҕит
3. Лесничэйтэн ДКП бирикээһин ылаҕыт
4. "Якутлесресурс"ГАУ тэрилтэттэн ойуур учаастагын (деляна) ылаҕыт
5. ДКП түмүгүн ойуур учаастактарын маастарыттан ылаҕыт.

Дуогабары түһэрсэр докумуоннар испииһэктэрэ

1.Паспорын куоппуйата.
2 ИНН куоппуйата.
3.СНИЛС куоппуйата
4.Дьыалабыай маска: олорор дьиэ паспорын эбэтэр сир учаастагын паспорын куоппуйата (ЕГРН выписката).
5.Чэпчэтиинэн туһанаргын туоһулуур дөкүмүөн

Салгыытын комментарийга көрүҥ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM