Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#Үбүлүөй #техникум #ссузы

⭐️ Үбүлүөйдээх дьоро тэрээһин Харбалаах нэһилиэгин олохтооҕо Дмитрий Кононов тылларыгар, олохтоох мелодист Николай Чуручанов матыыбыгар "Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум өрөгөй ырыатын" үлэһит үтүөтэ, иитээччи бастыҥа дьонноох иллээх-эйэлээх коллектив толоруутунан түмүктэннэ👏👏👏

Хас биирдии ыалдьыты үбүлүөйү бэлиэтиир минньигэс тордунан күндүлээтилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from СПОРТ ЯКУТИИ (Александр Посельский)
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🚀Пелагея Дьячковская (Григорьева) из Верхневилюйского улуса установила новый рекорд Якутии по прыжкам через нарты среди женщин👏🏼

Теперь высшее достижение в республике равна 444 нартам и принадлежит Пелагее Дьячковской☝🏼Рекорд зафиксирован на чемпионате Якутии по северному многоборью в Верхневилюйске 06.04.2024🔹Прежний рекорд 331 принадлежал Валентине Борисовой…

Напомним, Пелагея также является мастером спорта России по легкой атлетике, где занимается у тренера Татьяны Юрьевны Жирковой🔝

«Спорт Якутии»
Forwarded from Верхневилюйская ЦРБ (ГосПаблики)
В ГБУ РС(Я) «Верхневилюйская ЦРБ» требуется:
- на постоянной основе
1. ВРАЧИ-ТЕРАПЕВТЫ УЧАСТКОВЫЕ в с.Ботулу, с.Оргет, с.Тобуя;
2. ВРАЧ-ХИРУРГ;
3.ВРАЧ-ЭНДОСКОПИСТ,
4.ВРАЧ-НЕВРОЛОГ,
5.ВРАЧ-ТРАНСФУЗИОЛОГ, 6.ВРАЧ-ФУНКЦИОНАЛЬНОЙ ДИАГНОСТИКИ,
7.ВРАЧ-АНЕСТЕЗИОЛОГ- реаниматолог,
8.ВРАЧ- ПСИХИАТР-НАРКОЛОГ,
9. ВРАЧ- ПЕДИАТР;
10.ВРАЧ-НЕОНАТОЛОГ,
11. ВРАЧ- ТЕРАПЕВТ
участковый поликлиники
12. Врач - дерматовенеролог
13 врач - травматолог - ортопед
12. Фельдшер в Сургулукский ФАП;
13. Фельдшер в Кырыкыйский ФАП;
14. Фельдшер в Магасский ФАП
15. Фельдшер в Харбалахский ФАП
16. Фельдшер в Дюллюкинскую ВА
17. Фельдшер в Хоринскую ВА
18. Фельдшер в Тамалаканскую ВА
Условия:
- В селах предоставляется жильё главами поселений
- Достойная заработная плата;
- Компенсация аренды жилья (50%) для врачей;
- Возможность участия в программе «Земский доктор»;
- Фельдшерам ФАП участие в программе "Земский фельдшер"
По всем вопросам обращаться по телефону отдела кадров +74113341406, +79142388270, эл.адрес: [email protected]
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Сегодня, 6 апреля в ДДН им. А.Е. Кулаковского состоится концерт памяти отца якутского рока Михаила Тумусова — Тумус Мэхээлэ. В 1980 году он создал группу «Кэнтик», которая позже была переименована в «Чолбон». Он также сыграл значительную роль в становлении таких коллективов, как «Чороон», «Айтал», «Дапсы», а его песни до сих пор исполняют звезды якутской эстрады. С 1989 года Тумус Мэхээлэ организовывал рок-фестиваль «Табык».

Подпишись @arhiv_nvk_sakha
Бүгүн, муус устар 6 күнүгэр, Майа сэлиэнньэтигэр Ураһалаах алааска ыытыллар XXIV төгүлүн өрөспүүбүлүкэтээҕи “Аҕа күрэҕэ -2024” бастакы күнэ бэрт тыҥааһыннаахтык барда.
Манна барыта 19 хамаанда ким сылбырҕатын, ким ордук кыахтааҕын-күүстээҕин быһаарар түөрт көрүҥҥэ күөн көрүстэ.

Ол курдук, бэрэбинэни суоруу - бастакы көрүҥ. Манна аҕа суорар, оҕо суоруллубут маһы анал тэрилинэн иҥнибэккэ ааһарын кээмэйдээн биэрэр. Түмүккэ, Уус Алдантан Руслан, Илья Поповтар – бастакы, Сунтаартан Степан, Гром Корниловтар – иккис уонна үһүс миэстэҕэ – Бүлүүттэн Дмитрий, Дьулусхан Ивановтар буоллулар.

Иккис көрүҥ - кыттааччылар мас хайытан, уот оттон, толору биэдэрэлээх ууну түргэнник оргутуохтаахтар. Манна бастакынан Мэҥэ Хаҥаластан Айаал, Айсен Карамзиннар буоллулар, иккиһинэн – Уус Алдантан Руслан, Илья Поповтар, үһүс – Анатолий, Арылхан Петровтар Ньурбаттан таҕыстылар.

Салгыыта ⏬️⏬️⏬️
Үһүс көрүҥ - бэрэбинэни илии эрбиитинэн эрбээн чууркалааһын. Бу түһүмэххэ Амматтан Николай, Аркадий Федоровтар – бастакы, Бүлүүттэн Дмитрий, Дьулусхан Ивановтар - иккис уонна үһүс миэстэҕэ Чурапчыттан Сергей, Саян Крыловтар таҕыстылар.

Төрдүс көрүҥ – биатлон. Манна 100 миэтэрэ тэйиччиттэн хайыһарынан күрэхтэһэн кэлэн, кыраҕы харахтааҕы быһаараллар. Түмүккэ, бастакы миэстэ - Хаҥаластан Владислав, Святослав Пермяковтар, Уус Алдантан Руслан, Илья Поповтар - иккис миэстэ уонна үһүс миэстэ - Бүлүүттэн Дмитрий, Дьулусхан Ивановтар буоллулар.

Төһө да тыаллаах, тымныы күн-дьыл турдар, кыттааччы аҕаларбыт уонна уолаттарбыт бары түһүмэххэ бэрт үчүгэйдик кытыннылар.

Сарсын, күрэхтэһии иккис күнүгэр, кыттааччылар өссө үс көрүҥҥэ илин-кэлин түсүһүөхтэрэ. Ол курдук, ойбон алларыытыгар, маһы хайытыыга уонна остуолбаҕа тахсыыга күрэс былдьаһыахтара.

Ким үлэлии үөрэммит, түргэн туттуулаах-хаптыылаах, ордук сатабыллаах, тобуллаҕас толкуйдаах кыайыы өрөгөйүн билиэҕэ. Ситиһиилэри баҕарабыт!

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
Мэҥэ-Хаҥаласка өрөспүүбүлүкэтээҕи "Аҕа күрэҕэ-2024" күрэххэ улууспут чиэһин көмүскүү сылдьар Айсен, Арсен Петровтарга ситиһиини баҕарыаҕыҥ!

Сарсын күрэхтэһии иккис күнэ. Кыайыылаах хамаанда аата ааттаныа🤞🏼✊🏻
Бүгүн Саха сиригэр Аҕа күнэ бэлиэтэнэр.
Эҕэрдэлиибит👏🏻👏🏻👏🏻
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Оҕо саҥатынан: кырачааннар аҕа туһунан

Дьокуускай куорат «Туллукчаан» уһуйаанын иитиллээччилэрэ аҕа күнүгэр күндү киһилэрин туһунан кэпсээннэрэ, эҕэрдэлэрэ.

Улус.Медиа оҕо сылыгар анаммыт таһаарыытын сиһилии видеоҕа көр.
Убаастабыллаах Аҕалар!
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Аҕа күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!


Ыал Аҕата дьиэ кэргэҥҥэ тутаах киһи. Киниэхэ сүгүллэр элбэх эппиэтинэс, дьиэ кэргэнин үтүө туруга, харысхаллаах буолуута Аҕаттан тутулуктаах.

Аҕа оҕону иитиитигэр оруола сүҥкэн, уол оҕоҕо көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр өбүгэлэрин сатабылын, тутулун булту, балыктааһыны, хаһаайыстыба үлэтин көрүҥнэрин, сүөһүнү, сылгыны иитээһини тиэрдэн, бу орто дойдуга саха ыала үксээн, саха үгэһэ тэнийэн өбүгэлэрбититтэн кэлбит төрүт дьарыктарбытын сүтэрбэккэ илдьэ сылдьабыт. Уолаттар бары да Аҕаларбытыттан, Эһээлэрбититтэн, Убайдарбытыттан элбэххэ үөрэнэн эрэллээх эр дьон буола улааттыбыт.

Бу күннэргэ 24 төгүлүн Мэҥэ Хаҥалас Майа сэлиэнньэтигэр ыытылла турар Өрөспүүбүлүкэтээҕи "Аҕа уолунаан - 2024" күрэххэ биһиги улуустан кытта сылдьар Петровтар дьиэ кэргэнин Аҕата Айсен үгүс аҕаларга холобур буолар. Уолунаан Арсенныын дьарыктананнар, улуус күрэҕэр кыайан, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ кытта сылдьаллар. Бу маннык дьиэ кэргэҥҥэ Аҕа оҕолорун кытта чугас сыһыаннаһара, үүнэр көлүөнэни дьоһуннаахтык иитэрэ хайҕабыллаах!

Ытыктабыллаах аҕалар, Аҕа буолар аналгытын тосхоллоохтук ылынан, бэйэҕит Аҕаларгыт, Эһээлэргит ииппит иитиилэрин, биэрбит билиилэрин салҕыы аныгыс көлүөнэҕэ тиксэрэр курдук оҕолоргутун иитиигэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан Айбыт Аҕа сүдү үлэтин толору толороргутугар баҕарабын.
Дьоллоох, доруобай буолун, дьиэ кэргэҥҥитигэр ил-эйэни,  ыччаттаргыт эһигини өрүү үөрдэ турдуннар! Аҕа уускут ууһаатын!

Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев

#АҕаКүнэ
#ҮөһээБүлүү
#СднемОтца

t.iss.one/ValeriNikolaev