Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#Түмэр

Тохсус кылаас оҕолоругар 30-с нүөмэрдээх Санкт-Петербургтааҕы губернаторскай физико-математическац лицей преподавателэ Олег Вадимович Ренев анаан-минээн кэлэн, математикаҕа аһаҕас уруок ыытта.

Оҕолор олус сэргээн үөрэннилэр, ыраахтан кэлбит преподаватель оҕолор билиилэрин таһымын биһирээтэ.

@ulusmedia
#быыбар

⭐️ Бүгүн Олоҥхо дьиэтигэр Дойду Президенэ Владимир Путин итэҕэтиилээх киһитэ Алексей Егоров - Өркөн Үөһээ Бүлүү улууһун култуура эйгэтин үлэһиттэрин кытта көрсүстэ.

Улахан эппиэтинэһи сүгэн кэлбит киһи быһыытынан бэйэтин тус санаатын олус интэриэһинэйдик тириэртэ:

- Өрөспүүбүлүкэҕэ сыллата уоннуу эбийиэк тутуллар эбит да, биһиги, олохтоохтор харахпыт үөрэнэн хаалан сэҥээрбэт буолбуппут курдук. Олохпут сайдыы өттүгэр барарын бэлиэтии көрө үөрэниэхпитин наада эбит. Суол хаачыстыбата тупсубутугар үөрэнэн хаалан гравий суолу сирэр буолбуппут. Дойду Президенэ Владимир Путинныын Москва куоракка итэҕэллээх дьон көрсүһүүтүгэр тиийэ сылдьан салааларынан арахсан үлэлээтибит. Араас омук биир санаанан салайтаран олохсуйан олорор дойдулаахпыт быһыытынан национальнай култуураны, омуктар төрүт тылларын харааннааһыҥҥа, итиэннэ "Пушкин каартата" олус табыгастааҕын, онон сибээстээн сааһынан хаарчаҕын уларытан, кыра саастаах оҕолорго уонна ыччат туһанарын курдук кэҥэтиэххэ диэн этии киллэрбиппит. Бу санаабыт Президиэн туһаайыытыгар номнуо иһиллибитэ. Арассыыйа төһө түмсүүлээҕин көрдөрөр кэммит кэллэ. Арассыыйаны иһиттэн эрэ ыһыахха сөп. Дойдубутун иһиттэн ыстарбат туһугар бары түмсэммит, сомоҕолоһуулаахпытын көрдөрүөхтээхпит. Быыбарга куоластааччылары күүскэ таһаартаан, бырааһынньыкка курдук сыһыаннаһан быыбардыахха!

Улуус баһылыга Валерий Николаев дуоһунаһыгар үктэнэн баран үлэтин хайдах саҕалаабытын билиһиннэрдэ.

Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарыгар солбуйааччынан анаммыт Анна Михайловна Уларова эппиэтинэстээх кэмҥэ чугас дьоммут, оҕолорбут, сиэннэрбит инникилэрин санаан туран, дойдубут туһугар сөптөөх быһаарыныы ылынан, быыбарга көхтөөх кыттыыны ылыахха диэн ыҥырда.

Улуус Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев улууска күүскэ ыытыллыбыт үлэлэри санатан туран, "баһылыкпыт тула сомоҕолоһон үлэлээтэхпитинэ эбии үбүлээһин ылан сайдыахпыт, буолаары турар быыбарга мустаммыт, биир өйгө-санааҕа киирэн, Ил Дархан Айсен Николаевы өйүүрбүтүн биллэрэн, үрдүк көрдөрүүнү биэриэххэ диэн ыҥырабын".

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Туобуйа, Быракаан, Өргүөт нэһилиэктэригэр олохтоох нэһилиэнньэни кытта көрүстүбүт.

Нэһилиэктэр аайы элбэх дьон - сэргэ кэлэн, көхтөөхтүк кытыннылар. Улууска бара турар үлэ - хамнас туһунан сэргээн иһиттилэр, улуус инники сайдыытыгар, үлэҕэ хамнаска сыһыаннаах хайысхаларга элбэх ыйытыылар киирдилэр. Туруорсуу бэрээдэгинэн санааларын этиннилэр.

2024 сыл Түмсүү сылынан биллэриллибитэ. Онон үлэҕэ - хамнаска түмсэн, буолаары турар, дьон - сэргэ олоҕор олус суолталаах Арассыыйа Президиэнин талар быыбарга көхтөөхтүк кыттын диэн ыҥырдым.

Нэһиликтэр буолаары турар быыбарга Путин Владимир Владимирович кандидатуратын  өйүүллэрин биллэрдилэр.

#РабочиеПоездки
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev
Сегодня радостный день для нашей республики – 12 марта мы открыли сразу 12 социальных объектов в районах и городах! Это и школы, больничные комплексы, объекты спорта, системы водоснабжения и дома для переселенцев - все это стало возможным благодаря национальным проектам нашего Президента Владимира Владимировича Путина.

С 2018 года в республике построено 329 социальных объектов, из них в прошлом году – 57. А в этом году мы планируем ввести рекордные 76 крупных объектов социальной инфраструктуры. Ввод сразу 12 современных объектов – это огромное событие для всей республики, это пример неизмеримой поддержки, которую мы получаем от нашего Президента. На строительство этих объектов в сумме направлено 6 532 млн рублей, из них 5 173 млн рублей из федерального бюджета.

▫️Очень счастлив был разделить этот день вместе с десятками тысяч жителей нашей республики. Такие дни дают нам уверенность, что вместе со всей нашей страной мы идем правильным путем, не останавливаясь ни перед какими трудностями - вперед к новым победам!

t.iss.one/aisen_nikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
«Тускул» оҕо киинин иһинэн үлэлиир «Саҥа Стэп» салайааччыта Анна Григорьева оҕолорго маастар кылаас ыытта.
⭐️ Ытык кырдьаҕас Никандр Прокопьевич Тимофеев уонна айар бөлөх маастар- кылаастара:
• Ийэ тылынан иһирэхтик саҥарыы,
• Тылы сатаан өйдүүргэ хоһоону үөрэтии ньымата,
• Кылыһах арааһын таһаарыы,
• Өй-санаа өттүнэн олоҥхону толорууга бэлэмнэнии кистэлэҥэ

Үөһээ-Бүлүүгэ кулун тутар 18 күнүгэр 10:00 баар буолуоҕа.

Маастар-кылааска сылдьыбыттарга сертификат туттарыллар.

Билиэт сыаната: 500 солк.
Онлайн бу ссылканан киирэн https://quicktickets.ru/yakutsk-teatr-olonho/s107 ылыаххытын сөп 🙌

Эрдэттэн ватсабынан сайаапка хомуйар төлөпүөн нүөмэрэ
+7 (914) 300-34-60 - Сахаайа Яковлева
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM