Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
https://www.instagram.com/tv/Ca9wcLagTJD/?utm_medium=copy_link

⠀⠀🔆🔅🔆Бүгүн, кулун тутар 11 күнүгэр, Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр бөлөх Дүллүкүгэ кэлэн мунньахтаата.

⠀⠀Ыһыах сүрүн режиссера Руслан Игоревич Олоҥхо ыһыаҕын ис хоһоонун билиһиннэрдэ. Ону тэҥэ култуура департаменын салайааччыта Сардана Сергеевна улууспутугар ыһыахха бэлэмнэнии үлэтин сырдатта.

⠀⠀Мунньах кэмигэр Олоҥхо ыһыаҕын өрөгөйүн ырыатын матыыбын айыытыгар биллэриллибит куонкуруска кыттыбыт олохтоох мелодиспыт Эдуард Гаврильевич Чоросов оҥорон, таҥан таһаарбыт ырыатын истэн дуоһуйдубут.

⠀⠀Кэпсэтии бириэмэтигэр Дүллүкү нэһилиэгин биллэр олоҥхоһута Никита Семенович Александров - Ынта Никиитэ туһунан сюжет уһулунна. Онно олоҥхоһуппут хаан-уруу аймаҕа Владимир Макарович Федоров Ынта Никиитэ туһунан тугу өйдүүрүн сиһилии кэпсээтэ.

⠀⠀Маннык түмсэн кэлэн, олохтоохторго Олоҥхо ыһыаҕын тыынын биллэрбиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх!

⠀⠀Дүллүкүттэн Николай Седалищев.

#олоҥхоыһыаҕаүөһээбүлүүгэ2022 #дүллүкү
🔆🔅🔅Муус устар 14 күнүгэр Оҥхой нэһилиэгин култууратын үлэһиттэрэ Олоҥхо ыһыаҕын илдьитэ - алгыстаах чороону Дүллүкү нэһилиэгэр аҕалан, "Дүллүкү нэҺилиэгэ" МТ баһылыгар Е.А.Николаевка туттардылар.

Киэһэтин икки нэһилиэк кыттыылаах концерт буолла.
Олоҥхо чороонун Дүллүкү нэһилиэгин тэрилтэлэрэ өрө көтөҕүллэн туран көрүстүлэр.

Олоҥхо чорооно улахан ыһыах илдьитэ буолан, бука барыбытын оҕотуттан, кырдьаҕаһыгар тиийэ сүргэбитин көтөхтө, үөртэ - көтүттэ уонна бүгүн Хомустах нэҺилиэгэр салҕыы айанаата.

#олоҥхоыһыаҕа #олоҥхочорооно #үөһээбүлүү #дүллүкү
#бырабыыталыстыбаотчуота #Дүллүкү

Дүллүкү нэһилиэгэр бүгүн Саха өрөспүүбүлүкэтин Бырабыытылыстыбатын 2023 сыл түмүгүнэн отчуоттуур мунньаҕа буолан ааста.
Саха өрөспүүбүлүкэтин транспорын уонна суол хаҺаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев салайааччылаах үһүс бөлөх сырытта.
Сахалыы тылынан оҥоҺуллубут видео - отчуоту көрөн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар үлэлэри олохтоохтор сэҥээрэ көрдүлэр.

СӨ бырабыыталыстыбатын үлэһиттэрэ нэҺилиэнньэ олохтоохторун ыйытыыларын, тус санааларын иҺиттилэр уонна сөптөөх хоруйдары биэрдилэр. Салгыы киирбит ыйытыктарга үлэлэҺиэхпит диэн эрэннэрдилэр.
#бырабыыталыстыбаотчуота #Дүллүкү

Олохтоохтор туруорсар боппуруостара:

Дүллүкү орто оскуолатын, саҥа кулууп дьиэтин, почта дьиэтин тутуулара

Хоро - Дүллүкү суолун өрөмүөнэ

нэҺилиэккэ аптека баар буоларын ситиһии

гаазтааҺын, электричество уотун күүһүрдүү, свалка тиэйиитин боппуруостара

Мунньахха кэпсэтиилэр кэннэ сүнньүнэн Саха өрөспүүбүлүкэтин Быраабыытылыстыбатын 2023 с. отчуотун биҺирииллэрин биллэрдилэр. Үлэлэригэр ситиһиилэри баҕардылар 👍👍👏👏👏
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Дүллүкүыччата #Дүллүкү #муусустар

Дүллүкү эдэр ыччата Николай Васильев - Харыйалаах уола, Николай Седалищев, Никита Иванов уонна Константин Романятов төрөөбүт дойдуларын кэрэ көстүүлэрин видеоҕа үйэтитэн "Муус устар" бэстибээл финалыгар киирдилэр.

Видеограф Айаал Евдокимов.

Көрүҥ, сэргээҥ😍

@uoheebuluu
#ыччат #дүллүкү

⭐️ Кулун тутар 2 күнүгэр сааскы күммүт улууспут эдэр ыччатын сылааһынан сыламныы көрүстэ.

Дүллүкү нэһилиэгэр Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх устудьуоннар «Ураан» түмсүүлэрин салайааччыта Уйгулаана Гаврильева "Движение Путина" волонтер бырагырааматынан ыалдьыттаата. Кинилэри кытта Дүллүкү нэһилиэгин эдэр ыччатын Сүбэтэ көрсөн, билсэн, эрдэ киирбит сайаапканан нэһилиэк ытык кырдьаҕастарыгар, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын төрөппүт оҕотун дьиэ кэргэнигэр күүс-көмө буолан хаар күрдьүүтүн, таһыытын үлэтигэр сырыттылар.

Дүллүкү орто оскуолатын үөрэнээччилэрин кытта көрүстүлэр, идэни талыыга көхтөөх кэпсэтиини ыыттылар.

Тыа сиригэр үлэ күөстүү оргуйда, оҕолор үөрэн-көтөн, мичилиһэн, сорунан кэлбит үлэлэрин үмүрүттүлэр. Эдэр ыччаттарга олохтоохтор истиҥ махталларын тиэртилэр, итии чэйинэн, сылаас алаадьынан күндүлээтилэр. Салгыы атын нэһилиэктэргэ айаннарын туттулар.

Дүллүкү нэһилиэгин эдэр ыччатын Сүбэтэ эдэр ыччаты куруук олоххо көхтөөх буоларга ыҥырар.

Дүллүкү эдэр ыччатын Сүбэтэ

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM