Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#баьылыкотчуота #Балаганнаах

Улуус дьаһалтатын 2023 сыллааҕы үлэтин-хамнаһын отчуоттуур мунньах Балаҕаннаахха саҕаланна. Улуус баһылыгын эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорор Люция Спиридоновна Тойтонова салайар отчуоттуур бөлөҕө нэһилиэнньэни кытары көрсүһэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#баһылыкотчуота
#Бала5аннаах

Улуус үрдүнэн элбэх учуонайдааҕынан арааһа, Сургуулук кэннэ иккис миэстэҕэ сылдьар Балаҕаннаах нэһилиэгин сүрүн оскуолата агро оскуола быһыытынан биллэр.

Сэллик ыарыыта өрө турбут кэмигэр, СЭС-тэри кытары сүбэлэһэн, анал бырагыраама оҥорон, бу оскуола базатыгар быһыыта ылар уонна контактаах оҕолорго анаан кымыһынан эмтиир профилактическай оҕо сайыҥҥы лааҕыра арыллан оҕо доруобуйатын бөҕөргөтүүгэ үлэлээн улаханнык абыраабыта. Билиҥҥэ диэри сайынын бу агро оскуола оҕолорго биэ кымыһын иһэрдэр.

Оскуола дириэктэрэ Степан Жендринскай саҥа тутуллуохтаах оскуола бырайыагын, тутуутун уонна агро оскуолаҕа бырыһыан көрүллүө дуо диэн ыйыталаста.

Бу боппуруоска УПСиРИ начаалынньыга Николай Николаев чопчу эппиэттээтэ. Бырайыагын оҥоруу эһиилги сылга былааҥҥа турар диэтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Кырыкый нэһилиэгэр саҥа фельдшерскай-акушерскай пуун тутуллан, үлэтин сылаас, сырдык дьиэҕэ саҕалаата.

Биир дойдулаах, эмчит идэлээх уоллара Ксенофонтов Василий Федотович пуун арыллар үөрүүлээх түгэнигэр элбэх функциялаах принтеры бэлэхтээн төрөөбүт нэһилиэгин дьонун үөртэ-көтүттэ.

@uoheebuluu
Forwarded from РСХБ
Вы тоже уже потратили все декабрьские выплаты и ждете зарплату за январь?

Собрали в офисе советы по выживанию:

🔸 Отказаться от кофе и вкусняшек. После новогодних салатов — самое то.

🔸 Продолжить чаще бывать в гостях. Особенно у мамы и бабушек.

🔸 Еще можно начать подъедать запасы круп, варенья и прочей долгохранящейся провизии. ❤️ — если еще со времен коронавируса осталось.

🔸 И самое частое, что слышали: кредитная карта СВОЯ. У нее 115 дней льготного периода, бесплатный выпуск и обслуживание без условий. В первый месяц снятие наличных — бесплатно.

Делитесь своими способами, январь в самом разгаре ⬇️

#РСХБ
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#баһылыкотчуота
#Балаҕаннаах

Балаҕаннаах элбэх оҕолоох ийэтэ Туйаара Егорова элбэх оҕотунан ылыахтаах сэртипикээтин ылар кэмигэр оҕото сокуоннай сааһын туолбут буолан ыйыталаспытыгар, 50% харчынан биэрэбит диэбиттэр. Тоҕо оннук буолуохтааҕый диэн өр күүппүт ийэ мунаарарын биллэрдэ.

Олохтоохтор барыбытын долгутар анал быстах байыаннай дьайыыга улууска кубуотаны биэрии туһунан ыйыттылар.

Анал байыаннай дьайыыттан кэлбит дьоммутун көрсөргө, кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытары үлэлэһэргэ, өйүүргэ сүрүннүүр киин тэриллиэн наада эбит диэн санааларын этиннилэр.

Улуус меценаттара, урбаанньыттара анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарга төһө көмөлөһөллөрүн туоһуластылар.

Үөһээ Бүлүүттэн анал байыаннай дьайыыга сураҕа суох сүппүт дьоҥҥо хайдах
быһаарыы оҥоһулларый диэн чуолкайдастылар.

Үүт харчыта быйыл тоҕо хойутаата диэн ыйыталастылар.

Бу кэпсэтиилэр тустарынан сиһилии хаһыаппыт кэлэр нүөмэригэр ааҕаарыҥ

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#баһылыкотчуота
#Балаҕаннаах

Балаҕаннаах нэһилиэгин олохтоохторо нэһилиэктэрин историятын үөрэтиигэ улахан болҕомтолорун уураллар. Өр сылларга дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччынан үлэлээбит оскуола киэн туттар учуутала Нина Спиридоновна Софронова Оленск куорат Балаҕаннаахха баар буола сылдьыбыт диэн гипотезаны дакаастаан, үөрэтэр оҕотунаан чинчийэннэр улуустааҕы научнай- практическай конференцияҕа кыттан былырыын үһүс миэстэ буолбуттара. Итиниэхэ Бурхалей Макаров салайааччылаах улуус устуоруктарын уонна краеведтарын түмсүүтэ бу сайын экспедиция оҥорбуттара. Нина Спиридоновна бу түмсүүгэ киирэн инникитин бииргэ үлэлиэхтэрэ.
Нэһилиэк баһылыга Степан Дмитриев нэһилиэк историятын үйэтитиигэ күүскэ ылсан үлэлэһэр. Руф Кардашевскай туһунан дакылаатынан былырыын Дьокуускайга буолбут устуоруктар уонна краеведтар научнай - практическай конференцияларыгар кыттан биһирэбили ылбыта.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#баһылыкотчуота
#Балаҕаннаах

Улуус дьаһалтатын 2023 сыллааҕы отчуотун 19 киһи иһиттэ.

Барыбытын долгутар анал байыаннай дьайыыга аналлаах үгүс боппуруос, этинии киирдэ, истиҥ кэпсэтии буолла.

Балаҕаннаахтар улуус дьаһалтатын ааспыт сыллааҕы үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Правительство России утвердило долгосрочные планы комплексного развития 16 дальневосточных городов. Это повысит качество жизни людей, развит перспективные отрасли экономики, создаст новые рабочие места и дополнительные возможности для самореализации людей. Среди городов, которые получат новый импульс к развитию, - Якутск и Нерюнгри. Что получат жители этих городов?
#баһылыкотчуота
#Нам

Нам нэһилиэгэр улуус дьаһалтатын ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуоттуур мунньаҕа саҕаланна.

Нам нэһилиэгин дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Лилия Васильева биэрэги бөҕөргөтүү үлэтин туруоруста. Биэрэкпит сиҥнэ турар, нэһилиэгинэн ууга барар кутталлаахпыт диэтэ.

40 - тан тахса сылгылаах Спартак Кардашевскай биэ төбөтүгэр ааспыт сылга көрүллүбүт сууманы чуолкайдаста.
Бэйэтэ атыыласпыт пресс- подборщигын улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департамена возмещайдыан сөп дуо диэн ыйыталаста.

Намнар барыта 22 киһи мунньахха кыттыыны ыллылар. Түмүккэ, улуус дьаһалтатын үлэтин-- хамнаһын биһириибит диэтилэр.

Бу кэпсэтиилэр тустарынан хаһыаппыт кэлэр нүөмэригэр ааҕаарыҥ диэн санатабыт

" Үөһээ Бүлүү" хаһыат
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
В Международный день «Спасибо» решил не оставаться в стороне и присоединиться к марафону «Спасибо».

Отдельной благодарности, конечно же, заслуживает моя семья, близкие мне люди, а также моя команда и большая семья РСО! Спасибо! ✊🏻

Дорогие друзья, в комментариях к этой публикации вы можете выразить слова благодарности своим коллегам, друзьям, соотрядникам, семьям и другим близким людям, а потом обязательно поблагодарите их лично) а здесь будет этакий черновик ваших спасибо)

#Якутия_говорит_Спасибо
#Россия_говорит_Спасибо
#үөрүүлээхсонун

Бүгүн, Дьокуускай куоракка Бэчээт дьиэтигэр Россияҕа Бэчээт күнүн көрсө өрөспүүбүлүкэ суруналыыстарыгар семинар ыытылла турар.

Үтүө үгэһинэн, ааспыт сыл түмүгүн "Саха бэчээт" генеральнай директора Ньургуйаана Стручкова таһаарар.

Ааспыт сыл түмүгүнэн, Хоту улуустарыгар "Сыл бастыҥ редакторынан" Булуҥ хаһыатын редактора Артем Ослопов, онтон Киин улуустарга биһиги редакторбыт, "Үөһээ Бүлүү" хаһыат редактора Кристина Семенова "Сыл бастыҥ редакторынан" буолла😍😍😍👏👏👏

Тапталлаах редакторбытын Кристина Афанасьевнаны ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит👏👏👏

@uoheebuluu
В Якутии выберут лучший видеоролик о туристическом потенциале республики

📹🗺️Агентство развития туризма в Якутии впервые проводит конкурс видеороликов «Тайны якутских просторов» в рамках молодежного фестиваля «Муус устар».

Подробнее - в материале Улус.Медиа.

https://t.iss.one/muusustar

@ulusmedia