Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Forwarded from БОРБУЕВ (Борбуев)
“Уорууну» баҕаран бүтүөххэ, "үөрүүнү" баҕарыахха

Бүгүҥҥү саха тылын туттуу, харыстааһын тэрээһиннэрин түмүгүнэн маннык дьаһаллары ылыахпыт:

1. Хас биирдии оскуола оҕото төлөпүөнүгэр сахалыы сириип туруоруутун ситиһии. Бу маны саха тылын учууталлара көрүөхтэрэ. Туруорбукка "туйгун" сыана туруоруохтара.

2. "Саха тылынан бассаапка кэпсэтэр бастыҥ дьиэ кэргэн" күрэх биллэрэбит. Үөрэх түмүгүнэн бу үөрэх сылын устата дьиэтээҕи бөлөххө ыал төһө сахалыы кэпсэтэрин көрүөхпүт. "Ивановтар", "Семья" диэн бөлөх ыал ахсын баар. Бу бөлөххө кэпсэтиини көрүөхпүт. Сүрүн бириис - дьиэнэн улуустан Казань куоракка путевка ылыахтара👨‍👩‍👧‍👦

3. "Сахалыы суруйсар бастыҥ кылаас". Бу күрэх улахан оскуолаларга биллэриллэр. Кылаас бөлөҕөр сахалыы кэпсэппиттэр "Өлүөнэ очуостарыгар" путевка ылыахтара🙋🏻‍♂️

4. "Сахалыы суруйсар бастыҥ оскуола". Бу кыра оскуолаларга, холобур, сорох оскуолаҕа оҕо ахсаана улахан оскуола биир толору кылааһын ахсааныгар тиийбэт. Ол иһин, кинилэргэ ирдэбил - бүтүн оскуола бөлөҕө. Бастаабыт оскуола «Өлүөнэ очуостарыгар" барыахтара.

Төлөпүөн сабыдыала олус улаатта, бары онно олоробут, кэпсэтэр эйгэбит бассаап буолла. Туттуллубат тыл сүтэр, өлөр. Тыл күннээҕи туттууттан ордук тутулуктаах. "Килиэпкин ыл", "Муускун киллэрээр" о.д.а. дьиэтээҕи кэпсэтии бассаапка буолла.

Күрэх барылын, түмүгүн саха тылын түмсүүтэ оҥоруоҕа, таһаарыаҕа
#сво #своихнебросаем

⭐️ Фонд «Защитники Отечества» помогает якутянам участникам СВО и их семьям

C начала работы в филиал обратилось около 3000 человек с более 7000 вопросами.

🤝 Около 300 якутян социальные координаторы посетили на дому. Большая часть обращений касалась денежных выплат, мер соцподдержки и медицинской помощи.

За пять месяцев фонд организовал более 50 патриотических и культурно-спортивных мероприятий для членов семей участников спецоперации, в первую очередь для детей.

О внимании к поддержке детей участников СВО накануне напомнил Президент Владимир Путин.

💬 «К детям наших ребят нужно проявлять особое внимание и заботу о них, как о своих собственных», – сказал Президент на встрече с Кабардино-Балкарии.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#нам #тыасирэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэ хараҥаҕа үөһэттэн көстүүтэ🤩

Нэһилиэккэ сырдатыы үлэтэ күүскэ барбыта көстөр👍🏻⚡️

Никита Никифоров устуута 🎥

“Үөһээ Бүлүү" хаһыата.
@ulusmedia
@uoheebuluu
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#деньмилиции
👮‍♀️👮‍♀️👮‍♀️👮‍♀️👮‍♀️
Подполковник полиции в отставке Александр Афанасьевич Макаров 26 лет добросовестно проработал в системе МВД👮‍♀️
На фото запечатлены вся его жизнь и работа👍🏻

Поздравляем всех сотрудников МВД с профессиональным праздником!

@ulusmedia
@uoheebuluu

“Үөһээ Бүлүү" хаһыат
👮‍♀️👮‍♀️👮‍♀️👮‍♀️👮‍♀️
#фотодня

Дьокуускай куоракка Саҥа Дьыл тыына бэлиэр биллибит🎄



@ulusmedia
“Үөһээ Бүлүү” хаһыат
🔸Биллиилээх государственнай, политическай деятель, суруйааччы, ученай П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 1️⃣3️⃣0️⃣ сылынан Ытык Күөл киин библиотеката бэлэмнээтэ⬇️
🚩"Саталаах, саргылаах күннэргэ" : Ойуунускай уонна Саха автономията⤵️

https://taattalib.ru/читателям/видеоматериалы/саталаах-саргылаах-күннэргэ-п-а-ойуу/

🚩 "Туруҥ, туруҥ, туойуҥ!" хоһоону 100 киһи ааҕыыта⤵️ https://taattalib.ru/читателям/видеоматериалы/былатыан-ойуунускай-туруҥ-туруҥ-туой/
🚩П.А. Ойуунускайга аналлаах сценарийдар, айымньылар ырытыылара, викториналар, виртуальнай выставкалар, кынаттаах тыллар⤵️
https://taattalib.ru/профессионалам/методические-материалы/в-помощь-библиотекарю/методические-материалы/мин-тылым-мин-тохтор-тойугум-мин-тылы/

#центральнаярайоннаябиблиотека

@taattagazeta @ulusmedia
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

🌿🌿🌿Бүгүн, сэтинньи 11-с күнүгэр, саха норуотун чулуу уола, бөлүһүөк өйдөөх судаарыстыбаннай диэйэтэл, аптаныамыйаны төрүттэспит мындыр бэлиитик, үрдүк таһымнаах салайааччы, билими тэрийээччи, дэгиттэр талааннаах суруйааччы, улуу киһибит Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сыла🌿🌿🌿

«Үөһээ Бүлүү» хаһыат
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#муҥха2023
#сургуулук

⭐️ Сургуулуктарга Байанай мичик гыммыт, Таалахаан эбэ көмүс хатырыктааҕыттан биэстии куулу утары ууммут👍🏻👏🏻

@ulusmedia
@uoheebuluu

“Үөһээ Бүлүү” хаһыата
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
«Вебер» проанализировал мнения жителей нашей страны накануне ежегодной распродажи 11.11.

Как выяснилось, 40% людей сожалеют о покупках, совершенных в период распродаж. Основная причина – неиспользование приобретенных товаров. 29% считают, что во время сезонных распродаж невозможно делать выгодные покупки.

А у вас получается продуктивно закупиться во время ежегодных распродаж? Делитесь в комментариях!
#ийэтыл #сахатыла

⭐️ Бүгүн Хороҕо Дьокуускайтан кэлбит "Күн" оҕо хамсааһына өрүс уҥуоргу нэһилиэктэр оскуолаларын оҕолорун кытары көрсүһүүтүн саҕалаата 👫👭👬

Оҕолор бары сахалыы сайбаччы таҥнан, ох курдук оҥостон, сир курдук симэнэн кэлбиттэр. Ийэ тылы туругурдар үлэлэри ыытар туһунан үгүс кэпсэтиилэр, бырайыак көмүскээһиннэрэ, дьыалабыай оонньуулар буолуохтара 🤩🤩🤩💫💫💫

Туругурдун, төрөөбүт төрүт тылбыт👏👏👏

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#ийэтыл #сахатыла

Хороҕо "Күн" түмсүү оҕолорунаан оһуокай түһүлгэтэ төрүттэннэ. Саха таптыыр оһуокайа дьиэрэйдэ 👍👍👍👏👏
Былатыан Ойуунускай туһунан билиигэр билии гынарга
1. Саха аптаныамыйатын төрүттээччи.
2. Лингвистическай наука кандидата.
3. Суруйааччы Анемподист Иванович Софронов-Алампа мэтириэтин уруһуйдаабыта.
4. Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйын кытта Суруйааччылар бастакы сийиэстэригэр дэлэгээт.
5. Нуучча улуу суруйааччыта Максим Горькай “Кыһыл Ойуун” олоҥхо-тойугун тылбааһын ааҕан биһирээн “Правда” хаһыакка суруйбута.
6. Худуоһунньук Афанасий Мунхалов - Ойуунускай аатынан бириэмийэ бастакы лауреат.
7. Жехсорусцев – бастакы псевдонима.
8. Сэбиэскэй литэрэтиирэни төрүттээччи.
9. ЮНЕСКО биллэриитинэн 1993 с. Ойуунускай сыла этэ.
10. Емельян Ярославскай сорудаҕынан бастакы айымньытын “Үлэһит ырыата” хоһоону суруйбута. “Марсельеза” тылбааһа этэ.
11. “Кыһыл ойуун” олоҥхо-тойугун биэс сыл устата суруйбута.
12. 30 олоҥхоттон таҥан “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону суруйбута. Бу олоҥхону грампластинкаҕа Гаврил Колесов толорбута.
13. “Кыһыл Ойуун”, “Син - биир буолбаат?!!” айымньыларын доҕоругар Максим Аммосовка анаабыта.
14. Жак Карро “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону французтуу, Владимир Державин нууччалыы тылбаастаабыттара.
15. Олоҥхону-“саха остуоурйата”(“якутская сказка”) диэбитэ.
16. Бииргэ төрөөбүт балта Марина Үөһээ Бүлүү киһитигэр Спиридон Семеновка кэргэн тахсыбыта.
17.Тыл уонна культура институтун төрүттээбитэ.
Өссө Эн тугу Былатыан Ойуунускай туһунан билэҕин?