#акция
⭐️ Бүгүн О.Д.Федорова аатынан улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэҕэ "Улахан этнографическай диктант" норуоттар икки ардыларынааҕы акция чэрчитинэн ааста. 📃📜🖊🖊🖊
Бу диктант Арассыыйаҕа олорор норуоттар култуураларын кытары билиһиннэрэр сыаллаах ыытыллар. 30 боппуруостаах тест. Хас биирдии киһи бу диктаны толорон, этнокультурнай грамотноһын таһыма сыаналаныаҕа 👍✊✊
Этнокультурнай диктант сылын ахсын Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр сөп түбэһиннэрэн ыытыллар 👫👭👬. Быйылгы диктаҥҥа дьон-сэргэ көхтөөх. 📋📋📋🖊🖌🖍
Түмүк сэтинньи 13 күнүгэр диэри диктант сайтыгар тахсыаҕа 📍📍📍
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Байанайыйа #аҕаүөрэҕэ
⭐️ Бүгүн "Эйгэ" этнографическай комплекс уонна "Ийэ тыл сүбэтэ" түмсүү кыттыгас бастакы тэрээһиннэрэ буолла. Кыырт Далыгар улахан балаҕаҥҥа "Сэтинньи ый - Баай Барыылаах Байанай ыйа" диэн оҕолору саха итэҕэлигэр сыһыарар, сиргэ- уокка булт кэмигэр сиэрдээхтик сылдьыы сиэрин-туомун үөрэтэр, булт кистэлэҥигэр уһуйар сыаллаах тэрилиннэ.🐻🐰🦊🐻🐰🦊🦊
"Ийэ тыл" түмсүүтүттэн Бурхалей Макаров Байанай өйдөбүлүн, сиргэ-уокка сылдьыы сиэрин- туомун туһунан сиһилии сэһэргээтэ.
В.С.Кузьмин туһаҕы, чаархааны иитиини көрдөрдө. Оҕолор бураанынан ойуурга баран куобах, киис суолун көрдүлэр. Туһаҕы, чаархааны иитэргэ үөрэннилэр, сыал ыттылар. 👍👍👏👏✊✊
Уолаттар бу тэрээһинтэн олус астынан, элбэҕи билэн, сатаан, үөрэнэн, харахтара уоттанан, сэргэхсийэн, бэйэҕэ эрэллэрэ күүһүрэн, айылҕа оҕолоро буолалларын чахчы итэҕэйэн тарҕастылар. 👏👏👏

#аҕаүөрэҕэ #байанайыйа
🖼️ Уолаттар туһаҕы, чаархааны иитэргэ аан бастакытын үөрэнэн, олус үөрдүлэр, астыннылар 🤩🤩🤩
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Байанайыйа #Аҕаүөрэҕэ
🖼️ Оҕолор бүгүн суотабай төлөппүөнтэн, компьютертан араҕан, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьан, айылҕалыын алтыһан, сахалыы эйгэҕэ сыстан дуоһуйа сынньаннылар 😊👍👍👍🙌🙌🙌
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
VID-20231103-WA0056.mp4
3.5 MB
Видео от Валентина
#сомоҕолоһуу
🖼️ Норуот сомоҕолоһуутун күнүн көрсө Оҕо сайдар киинин "Үрүйэчээн" уһуйаанын "Чуораанчык" бөлөҕүн иитээччилэрэ кырачааннарга анаан Түгэхтэй алааһыгар саха балаҕаныгар аралдьыйыы ыыттылар.
Көмүлүөккэ уот оттон, холумтан тула олорон сахалыы остуоруйа кэпсээтилэр, араас сахалыы оонньуу ыыттылар, күөрчэх ытыйан алаадьы, лэппиэскэ астаан амсаттылар.
Иитээччи Владимир Васильев "Саха сирин" гимнин оҕолорго үөрэтэн ыллатта. Бу курдук сэргэх тэрээһиннэр оҕо эргиччи сайдарыгар олус көмөлөөхтөр.
Барыгытын Сомоҕолоһуу күнүнэн эҕэрдэлиибит👏🏻Сир үрдүгэр эйэлээх олоҕу! Туругурдун ситиһии, эрэллээх доҕор аттыгытыгар куруук баар буоллун!
Түгэнинэн туһанан"Эйгэ" МАТ, салайааччытыгар Мария Платоноваҕа улахан махталбытын тиэрдэбит🥳👏🏻
Сонуннарга анаан иитээччи Вероника Протопопова
@uoheebuluu