90 сыллар ырыатыгар үҥкүү 👍😃
#сонун #годпедагогаинаставника
🏃♂️ Быйыл дойду үрдүнэн биллэриллибит Педагог уонна уһуйааччы сылынан улуус үөрэҕин тэрилтэлэринэн сылдьар мэкчиргэни биhиги оскуолаҕа Далыр орто оскуолата кэлэн туттарбыта. Биhиги оскуола Оҥхой оскуолатыгар туттарыахтаахпыт. Нэhилиэкпит билии бэлиэтин атаарар дьоһуннаах тэрээhинэ бэ5эhээ, муус устар 29 күнүгэр буолан ааста. Оскуола, детсад коллективтарыттан билигин биэнсийэҕэ олорор, үлэлии сылдьар бэтэрээннэри ыҥыран чиэстээтилэр, махтал суруктары, Педагог уонна уhуйааччы сылыгар анаан оҥотторбут бэлиэлэрин оскуола директора Анатолий Иванов, олохтоох дьаһалта аатыттан Данил Николаев грамоталары, сертификаттары туттартаатылар.
Торжественнай чаас кэнниттэн олус үчүгэй концерт буолла. Биhиги кыргыттарбыт үҥкүүһүттэрэ, ырыаhыттара кими баҕарар сөхтөрөр. Мустубут дьон бары да астынан, дуоhуйа сынньанан тарҕастылар.
Маннык кэрэ киэhэлэр Мэйиккэ тиhигин быспакка ыытыллаллар.
Сонуннарга анаан Валентина Попова
Комментарийга киирэн концертан видеолары, хаартыскалары көрүҥ
⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#туссанаа #годпедагогаинаставника
🏃♂️ Бээһээҥи дьоһун тэрээһиҥҥэ бэлиэтии көрөн сэргээбиппин эбиэм. Оскуолабыт статуһа школа - сад диэн буолбута. Салайааччынан директор буолар. Онтон дошкольнай өттүгэр үөрэппит кыыһым Алена Макарьевна методист буолан иилиир-саҕалыыр. Кини налыччы наҕыл майгытынан, педагогическай сатабылынан коллективын бэркэ салайа сылдьара харахха быраҕыллар. Концертнай нүөмэрдэригэр, тиктэрбит оригинальнай сахалыы таҥастарыгар, тутта-хапта сылдьыыларыгар уонна бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарыгар тиийэ таһымнара үрдүк.
Аны бэйэм үлэлээн ааспыт оскуолам коллектива ыҥырбыттарыгар барҕа махтал буолуохтун. Үөрэнээччилэр, учууталлар, үлэһиттэр сахалыы көстүүмнээхтэрэ, таҥастаахтара көстүүтэ наһаа үчүгэй! Сахаттан сахаҕа сахалыы маннык бара туруохтун!
Үөрэппит кыыһым Туяра Васильевна кыыһынаан Лиралыын дуэттара дьоро киэһэни лаппа киэргэттэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Оҕолор, коллектив ырыалара-тойуктара, үҥкүүлэрэ туох да дьоһун. Кырачаан Дайаана Федорова күннээх Индия үҥкүүтүн сахалыы сэмэйдик үҥкүүлээн көрөөччүлэри үөртэ. Уопсайынан уус-уран концерт көрөн астынным. Үөрэппит оҕолорбут салайар кэмнэрэ кэлбитэ, үлэлии - хамсыы сылдьаллара саныахха да астык. Өссө төгүл барыгытын кэлбит Күөх Маайынан, сааһынан! Бары этэҥҥэ чэгиэн, доруобай буолуҥ.
Зоя Васильевна Бускарова, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна.

#спорт
⭐️ Мэйиккэ оскуола оҕолоро боксанан дьарыктанар буолбуттара ыраатта.
Энтузиаст тренер Анатолий Николаев дьарыктыыр буолуоҕуттан, бэрт элбэхтик республикаҕа да, Бүлүү, Ньурба улуустарыгар ыытыллыбыт улахан күрэхтэргэ илдьитэлии сырытта. Оҕолоро өрүү миэстэлэhэллэр.
Ол курдук, Нам улууһугар ыытыллыбыт боксаҕа спорт маастара Васильев Василий Васильевич бирииһигэр республикатааҕы аһаҕас турнирга Айыллаан Иванов 2-с миэстэни ылары ситистэ.
Бу улахан турнирга республика араас улуустарыттан уопсайа 240 кыттааччы күөн көрсүбүт, олортон биhиги оҕобут Айыллаан Иванов иккис миэстэни ылбыта улахан ситиhии. Тренербитин, үөрэнээччибитин Айыллаан Иванову бу улахан ситиhиилэринэн нэhилиэк аатыттан эҕэрдэлиибит.
Сонуннарга анаан Мэйиктэн Валентина Попова

Forwarded from ️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
✅Спиридон Олегович мин биир саамай сыаналыыр салайааччым буолар. Кини биир сүрүн уратыта - "тыл барда, ох барда" диэх курдук. Эппитин барытын сыспакка-соспокко, түргэн-тарҕан соҕустук быһааран иһэр. Холобура, "гендернэй" кылаастар, оскуолалары биир саастаахтары түмэн, "каникулярнай" лааҕырдары тэрийии, үөрэххэ да, спортка да күрэхтэһии бөҕө ыытан, оскуола саастаах оҕолору да, учууталлары да сүрдээҕин түмтэ диэн сыаналыыбын. Биллэн турар, кини иннигэр эмиэ күүстээх начальниктар олорбуттара, олор үлэлэрин салгыы тохтоппокко ыытара хайҕабыллаах дьыала. "Мэхээлэ" хаһыат тахсыбытын көрөн үөрдүм аҕай. Биһиги көлүөнэ, син сааһырбыт дьон, эдэр политиктар тахсалларыгар улаханнык кыһаллыахтаахпыт. Бу кэмҥэ сатаан таһаарбакка хааллахпытына кырдьар саҕана тугу кыайыаххыный? Онон биһиги билиҥҥи ыытар Үөһээ Бүлүүлэри сомоҕолуур политика салҕанан бара туруохтаах, оччоҕо эрэ бигэ тирэхтээх буолуохпут, дорҕоонноохтук Үөһээ Бүлүүлэрбит дэниэхпит.
⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️
⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️
Ежегодно 30 апреля в России свой профессиональный праздник отмечает одна из самых жизненно необходимых служб быстрого реагирования — пожарная охрана.
Праздник учреждён Указом Президента РФ № 539 от 30 апреля 1999 года «Об установлении Дня пожарной охраны», учитывая исторические традиции и заслуги пожарной охраны, её вклад в обеспечение пожарной безопасности Российской Федерации.
В России деятельность по обеспечению пожарной безопасности определяется федеральным законом «О пожарной безопасности», подписанным 21 декабря 1994 года.