ГАЗЕТА ВЕРХНЕВИЛЮЙСКОГО РАЙОНА «ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮ»
4.08K subscribers
27.2K photos
5.1K videos
9 files
4.68K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#култуура #күрэх

⭐️ М.И.Константинова - Эдьиий Морууса төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах "КҮҤҤЭ БУЛБУТ АРГЫҺЫМ - КӨМҮС ТИМЭХ БАЯНЫМ" баянынан ырыа күрэҕин Гран-при хаһаайыттарынан Үөһээ Бүлүүттэн Ньургустаана Бугулова салайааччылаах "ҮРДЭЛ" вокальнай ансаамбыл ылла💐💐💐

Нам нэһилиэгин баһылыга Александр Кардашевскай бирииһин 50 тыһ.солк. сертификатынан наҕараадаланнылар.👍👍👍

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍6
#култуура #күрэх

⭐️ Биирдиилээн ырыаһыттарга муҥутуур кыайыылааҕынан - Гран-при хаһаайкатынан Нам нэһилиэгин олохтооҕо Розалия Тарасова буолла уонна Мария Игнатьевна аймахтара Николаевтар дьиэ кэргэттэрин бирииһин - 50 тыһыынча солкуобайы уу харчынан бэлэх тутта💐💐💐

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#култуура #күрэх

⭐️Бүлүү улууһуттан олус кэрэ куоластаах Камилла Семенова I-кы степеннээх лауреат үрдүк аатын ылан, 30 тыһ.солк. биһирэннэ.💐💐💐

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
📣Күндү ааҕааччыларбыт, өрөбүл күҥҥэ, сынньалаҥҥытыгар, Ulus Media Prod. ютуб ханаалыгар тахсыбыт биэриилэри бу ссылкаларынан киирэн көрөргүтүгэр ыҥырабыт 🤗

1️⃣ Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, «БАРС-2» батальон байыастарын кытта сэһэргэһии ↪️ https://youtu.be/0G4ynrHSuO0.

2️⃣ Ulus.Media бастакы документальнай киинэтэ 👇

Үтүө үгэс үйэлэри уҥуордуур: Мэҥэ Хаҥалас улууһугар култуура уонна спорт эстафетата ↪️ https://youtu.be/azbeK3Hs_ns

3️⃣ «Сэһэргээ» биэрии ыалдьыта, риелтор Аркадий Назаров ↪️ https://youtu.be/yc71DBNmLu4

4️⃣ Таатта талба талааннааҕа Ульяна Матвеева туойтан ураты оҥоһуктара ↪️ https://youtu.be/fUHM4XVp3aw

5️⃣ Ленский улууһун «Транснефть-Восток» үлэтин-хамнаһын туһунан ↪️
https://youtu.be/sIa6SCYFfyk

Ulus Media Prod. ютуб ханаалыгар суруттарыҥ, доҕотторгутугар кэпсээҥ ☺️

@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Как изменятся правила доставки пенсий с 1 мая

Уже со следующего месяца выдавать все виды пенсий, которые выплачивают россиянам наличными, будет «Почта России». Такой закон вступает в силу с 1 мая. Для чего понадобилось менять правила доставки пенсий и кого затронет новшество читайте подробнее на сайте https://clck.ru/34DgEu
#планерка

⭐️ Муус устар 24 күнүнээҕи улуус дьаьалтатын нэдиэлэтээҕи үлэни былаанныыр мунньаҕа Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө Исиидэр Бараахапка аналлаах "Устуоруйа чахчытын туоһута" быыстапкаттан саҕаланна.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
1
#бэлиэкүн #ДеньРеспублики

⭐️ Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө ыытыллар тэрээһиннэр былааннара.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улууска коммерческайа суох тэрилтэлэр (НКО) тэриллиилэрин уонна Граннарга кыттыыларын туһунан экономика салалтатын салайааччыта Дария Петрова иһитиннэрэр.

Биһиги улууспутугар бүгүҥҥү күҥҥэ 13 общественнай тэрээһин бэлиэтэнэн турар.

РФ Президент Гранын Фондатыгар улуустан 2018 сылтан 2021 сылга диэри сайаапка барбыт. Быйылгы сылга уопсайа 3 сайаапка ыытыллыбыт.

СӨ Ил Дарханын Граныгар 2020-2022 сс үс Граҥҥа кыайыылаах буолбуттар.
Оттон 2023 сылга улуустан 7 сайаапка барбыт.

Хас биирдии тэрилтэ бэйэтин иһигэр коммерческайа суох тэрилтэ тэринэн, араас хайысханан ыытыллар Граннарга, куонкурустарга кыттан, бырайыактары үбүлээһиҥҥэ үп-харчы ылыахтарын сөп. Оччотугар бу уустук кэмҥэ үлэлииргэ-хамсыырга өйөбүл баар буолуо этэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍5
#планерка

Үөдүгэй нэһилиэгэр ууну-хаары ыытыы, суолу-ииһи ыраастааһын, сэлиэнньэни көҕөрдүү, тас көстүүтүн тупсарыы үлэлэрин уонна былааннарын туһунан Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыга Альберт Иванов иһитиннэрэр.

- Үөдүгэй нэһилиэгэр хаары ыраастааһын үлэтигэр төлөбүрдээх өҥөнү "Үөдүгэй" муниципальнай автономнай тэрилтэ оҥорор.

- Ханаабаларынан уу барыытын хонтуруоллуурга бэлэмнэнэллэр, насостар, уу ыытар рукавтар бэлэмнэнэн тураллар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍7
#планерка

Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэр сааскы үлэлэр тустарынан нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Егор Михайлов отчуоттаата.

"Марс" МАТ кыһыҥҥы өттүгэр 3 киһи үлэлиир эбит буоллаҕына сааскы, сайыҥҥы үлэҕэ анаан штаты 7 киһиэхэ диэри элбэттилэр. Ууну оботторор мотопомпалары кыамтатыттан көрөн бензининэн үлэлиир мотопомпаҕа уларыппыттар.

Речной микрооройуоҥҥа газ ситимин тардыы үлэтэ аны күһүн саҕаланыахтаах. Билигин докумуон үлэтэ ыытыллар.

Куорамыкы күөлүгэр мас олордуута саҕаланыахтаах.

Бу бээтинсэҕэ, муус устар 28 күнүгэр, ыам ыйын 1 күнүн - Эйэ, Үлэ, Күөх Маай бырааһынньыгын ыраастык көрсөр туһугар күргүөмнээх субуотунньукка тахсарга олохтоох дьаһалта ыҥырар.

Тэрилтэлэр сыһыарыллыбыт территорияларын, маҕаһыыттар, чааһынай ыаллар олбуордарын иннин үлэлиир, олорор уулуссаларыгар диэри ыраастаныахтаахтар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍5