Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кытта көрүстүм.
Судаарыстыбаттан, өрөспүүбүлүкэттэн, улуустан көрүллэр көмө көрүҥнэрин туһунан социальнай фонда салайааччыта Альбина Ивановна Николаева уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи нэһилиэнньэ социальнай харысхаллаах буолуутун киинин салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Егомина Зоя Валентиновна иһитиннэрдилэр.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар туһуламмыт реабилитационнай бырагырааммалары Үөһээ Бүлүүтээҕи киин балыыһа сүрүн бырааһа Сардана Николаевна Павлова билиһиннэрдэ.
Үөһээ Бүлүүтээҕи нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин инспектора Обоева Наталья Николаевна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар ананан үлэлиир бырагырааммалары сырдатта, чуолаан үлэни булууга уонна профориентационнай курстарга үөрэнии туһунан кэпсээтэ.
Быйыл Үөһээ Бүлүү улууһугар дьарыктаах буолуу киин көмөтүнэн 8 анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа үлэҕэ киирбит, 3 киһи профкурстарга үөрэммит.
Төгүрүк остуол кыттыылаахтарыгар Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията ДНР, ЛНР, Запорожье уобалаһыгар быйылгы икки гуманитарнай сырыыбыт туһунан сырдаттым. Ону тэҥэ, бу ый бүтүүтэ үһүс сырыыбытыгар бэлэмнэнии хайдах бара турарын кэпсээтим.
Хас биирдии байыас Аҕа дойдубут туһугар сүҥкэн кылаатын сыаналаан, өйдөөн тураммыт анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар кинилэр дьиэ кэргэттэригэр болҕомто уурар, көмө, өйөбүл буолар ытык эбээһинэспит.
Кыайыыга - бары бииргэ!
#СВОихНеБросаем
t.iss.one/ValeriNikolaev

Биир дойдулаах анал байыаннай дьайыы байыастарыгар гуманитарнай көмө Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторуттан, урбаанньыттарыттан, тэриллиилээх хаһаайыстыбаларыттан күннэтэ киирэ турар.
Ол курдук, Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгин урбаанньытыттан, МУП "Булунское" тэрилтэ дириэктэриттэн Лукин Руслан Семеновичтан анал фондаҕа Тикситтэн: 3 хатыыс 3 сордоҥ уонна 3 куул уомул балык киирдэ.
Киирбит балыктары Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын үлэһиттэрэ тоҥорон, астаан айаҥҥа бэлэмнээтилэр.
Руслан Семеновичка кыайыыга кылаатын, биир дойдулаах уолаттарбытыгар өйөбүлүҥ иһин ис сүрэхтэн махтанабыт!
Гуманитарнай көмөнү хомуйуу салҕанар.
#СВОихНеБросаем
t.iss.one/ValeriNikolaev
Ол курдук, Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгин урбаанньытыттан, МУП "Булунское" тэрилтэ дириэктэриттэн Лукин Руслан Семеновичтан анал фондаҕа Тикситтэн: 3 хатыыс 3 сордоҥ уонна 3 куул уомул балык киирдэ.
Киирбит балыктары Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын үлэһиттэрэ тоҥорон, астаан айаҥҥа бэлэмнээтилэр.
Руслан Семеновичка кыайыыга кылаатын, биир дойдулаах уолаттарбытыгар өйөбүлүҥ иһин ис сүрэхтэн махтанабыт!
Гуманитарнай көмөнү хомуйуу салҕанар.
#СВОихНеБросаем
t.iss.one/ValeriNikolaev
Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Дойдуларыгар отпускаҕа кэлэ сылдьар анал байыаннай дьайыы байыастарын кытта көрүстүм.
Биир дойдулаах байыас уолаттарбыт кылгас отпускалара бүтэн сотору кэминэн сулууспаларыгар барарга бэлэмнэнэ сылдьаллар.
Байыастарга харысхал буоллун, кыайыыны аҕаллын диэн Чап уустара оҥорбут саха быһаҕын уонна дойдуларын Үөһээ Бүлүү улууһун былааҕын туттардым.
Хайаан даҕаны кыайыы кынаттаах эргиллэн кэлэргитин кэтэһэбит!
#СВОихНеБросаем
#ВерхневилюйскийУлус

#барыбииргэ #сво #своихнебросаем
⭐️ Байыастарга анаммыт баһыылкалар алгыстаннылар
Улуус баһылыга Валерий Николаев салайааччылаах Үөһээ Бүлүү улууһун дэлэгээссийэтэ байыаннай дьайыы буола турар сиригэр баран эрэр. Маныаха улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Уйбаан Чыычаахап буойуттарга анаммыт баһыылкалары барытын боҕуруоскай оту уматан, сыт таһааран арчылаата, алгыстаах тылын иҥэрдэ.
Аэропорт салайааччыта Дмитрий Иванов, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Кирилл Гаврильев уонна дьаһалта дьыалаларын дьаһайааччы, улуус баһылыгын солбуйааччыта Михаил Егоров буолан улуус аатыттан хомуллубут көмөнү илдьэн опорнай пууннарынан тарҕатыахтара. Улууспут уолаттарын сирэй көрсөн туох-хайдах сылдьалларын билсиэхтэрэ.
"Дойдум тыына" иистэнэр сыах илиитин сылааһынан бэлэмнэммит толору маллаах, дурда-хахха буолар поащ-балааккалаах 50 алгыстаах мөһөөччүк, биирдии байыаска дьонноруттан аадырыстаммыт баһыылкалар, нэһилиэктэр, тэрилтэлэр, түмсүүлэр хомуйбут маллара, анаан-минээн оҥорбут хаххаланар сеткалара, оскуола оҕолоро бэлэмнээбит чүмэчилэрэ, ис сүрэхтэриттэн тахсар үтүө санааларын иҥэриммит суруктара, уруһуйдара, сойбот сонуннаах, истиҥ илдьиттээх "Үөһээ Бүлүү" улуус хаһыата, олус күндүргэппит тоҥ эттэрэ балык күндүтэ о.д.а. наадалаах мал-сал, ас-үөл бэлэмнэнэн айаннаан эрэр.
Төрөөбүт дойдуларыттан ыраах сылдьар уолаттарбытыгар, хорсун санаалаах эрэттэрбитигэр анаммыт баһыылкалар тиийэн күүстэригэр күүс эбэригэр, саппаҕырбыт санаалара киэҥ кыйданан өрө көтөҕүллэригэр, дойдубут дьоно биһиги күүтэллэр, эрэнэллэр диэн санаалара өссө бөҕөргүүрүгэр улахан көмөлөөх буолуо диэн олус эрэнэбит. Алгыс түспүт баһыылкалара тиийэн уолаттарбытын - хотойдорбутун арчылаатыннар, араҥаччылаатыннар. Алгыс баһа сыаланнын. Дом!
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Бүгүн сарсыарда байыастарбытыгар анаммыт баһыылкалары бэлэмнээн икки микроавтобуһунан Дьокуускай куоракка ыыттыбыт.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаммыт гуманитарнай көмөнү Үөһээ Бүлүү улууһун бары олохтоохторо көмөлөөн хомуйдулар.
Аны салгыы баһыылкалары Дьокуускай куораттан Москваҕа диэри айаҥҥа бэлэмниибит. Москва куоракка баһыылкаларбытын бэйэбит көрсөн ылан, анал байыаннай дьайыы зонатыгар опорнай пууннарынан биир дойдулаах байыастарбытыгар тиксэрэрдии былаанныыбыт.
Түмсүүннэн - кыайыыга!
#СВОихНеБросаем
#ВерхневилюйскийУлус
t.iss.one/ValeriNikolaev
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаммыт гуманитарнай көмөнү Үөһээ Бүлүү улууһун бары олохтоохторо көмөлөөн хомуйдулар.
Аны салгыы баһыылкалары Дьокуускай куораттан Москваҕа диэри айаҥҥа бэлэмниибит. Москва куоракка баһыылкаларбытын бэйэбит көрсөн ылан, анал байыаннай дьайыы зонатыгар опорнай пууннарынан биир дойдулаах байыастарбытыгар тиксэрэрдии былаанныыбыт.
Түмсүүннэн - кыайыыга!
#СВОихНеБросаем
#ВерхневилюйскийУлус
t.iss.one/ValeriNikolaev
Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Анал байыаннай дьайыы зонатыгар Запорожье уонна Херсон уобаластарыгар, ону сэргэ Донецк республикатыгар гуманитарнай сырыыбытын түмүктээтибит.
5 күн иһигэр, сибээскэ тахсыбыт байыастарбытын кытта, уопсайа 51 биир дойдулаахтарбытын көрүстүбүт, баһыылкалары туттартаатыбыт.
Байыастар дойдуларын аһын тутан үөрүүлэрэ, биир дойдулаахтарыгар махталлара үгүс.
Үгэс быһыытынан, улууспут бүддьүөт үлэһиттэриттэн киирбит үбүнэн сэриигэ байыас олоҕун быыһыыр, харыстыыр кыахтаах техникалары: дрон утары тэриллэри, беспилотник утары тэриллэри (радиоэлектронная безопасность), квадрокоптердары, матаһыыкыллары, түүҥҥү прибордаты, тепловизордары ылан тиксэрдибит.
Сибээскэ кыайан тахсыбатах хоһууттарбытыгар баһыылкалары Новоазовск куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтин опорнай пуунугар хааллардыбыт. Опорнай пуун эппиэтинэстээх үлэһиттэрэ байыастары кытта биирдиилээн сибээскэ тахсан, бэрт сотору кэминэн баһыылкалары тиксэртиэхтэрэ.
Байыастар настарыанньалара бойобуой, дойдуларын сонунун истэн, баһыылкалары тутан санаалара көтөҕүллэн, олус сэргэх, сүр көтөҕөр көрсүһүүлэр аастылар.
Гуманитарнай көмөнү хомуйбут, ыыппыт бар дьонноругар махталларын биллэрэллэр.
Үөһээ Бүлүү улууһун делегациятын гуманитарнай сырыыта салҕанар.
#СВОихНеБросаем
#ГуманитарнаяПоездка

Нэдиэлэ устата анал байыаннай дьайыы сиригэр гуманитарнай сырыыбыт чэрчитинэн 58 биир дойдулаах байыастарбытын көрүстүбүт.
Сэтинньи 22 күнүттэн Запорожскай уобаластан саҕалаан, Херсон уобалаһыгар, Донецк, Луганск республикаларыгар уонна Курскай, Белгородскай уобаластарга биир дойдулаахтарбытын көрсөн гуманитарнай баһыылкалары тириэртибит.
Быйылгы сылга үһүс гуманитарнай сырыыбытын күһүҥҥү идэһэ, муҥха кэнниттэн былааннаабыппыт. Онон байыастарбытыгар дойдуларын аһыттан, этиттэн, балыгыттан илдьэ кэлэн тиксэрдибит. Байыастар дойдуларыттан ахтылҕаннаах астарын тутан олус сэргэхсийдилэр.
Маны сэргэ, 6 шт. матаһыыкыл, 3 шт. тепловизор, 3 шт. түүҥҥү прицел, 10 шт. "Асель" дрон детектор, биирдии устуука "Капюшон" уонна "Ромашка" РЭБ станциялар, 3 шт. FPV видео-шлем Skyzone COBRA X V4, 1 устуука дрон сигналын күүһүрдэр тэрил Инкубатор 2.0, ону кытта Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин аатыттан, баһылык Силигиянов Максим Филиппович туттарбыт 4 устуука дроннарын байыастарга тиксэрдибит.
Сибээскэ кыайан тахсыбатах байыастарбытыгар баһыылкалары Саха Сирин опорнай пууннарыгар хааллардыбыт. Опорнай пуунун үлэһиттэрэ баһыылкалары чопчу тиксэриэхтэрэ.
Сулууспалыы сылдьар Эр хоһууттарбытын кытта көрсөн туруктарын, хааччыллыыларын, үлэлиир усулуобуйаларын билистибит. Үөһээ Бүлүүлэр олус түмсүүлээхтик, бэйэ бэйэлэрин кытта билсэн, кэпсэтэн тэҥҥэ сылдьалларыттан киэн тутуннубут.
Анал байыаннай дьайыы хонуутугар саа саадах тутан эйэлээх олох туһугар охсуһа сылдьар биир дойдулаахтарбытын өйөөн, биир санааннан салайтаран түмүстэхпитинэ, байыастарга күүстээх тыыл олохтоотохпутуна кыайыыга хайаан да кэлиэхпит!
Гуманитарнай көмөнү хомуйарга кыттыспыт Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторугар, тэрилтэлэригэр, урбаанньыттарыгар, биир күннээх хамнастарын пуондаҕа анаабыт бюджет үлэһиттэригэр кыайыыга кылааккыт иһин ис-сүрэхтэн махтанабыт.
2024 сылга үһүс гуманитарнай сырыыбытын түмүктээтибит.
Иннибит хоту бары бииргэ! Түмсүүннэн - кыайыыга!
#СВОихНеБросаем
#ҮөһээБүлүү

Forwarded from Арыйаана Михайлова, член Общественной палаты РС(Я)
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Годдетства #СВО #Своихнебросаем
🔸🔸🔸Байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга күүс-көмө, өйөбүл буолар сыаллаах Үөһээ Бүлүү улууһун «Оҕо саас сирдьиттэрэ" федеральнай бырайыак уонна оҕо хамсааһыннарын оҕолоругар уонна иитэр үлэҕэ дириэктэр сүбэһиттэригэр, оҕо хамсааһыннарын тэрийээччилэригэр “Биһиги бииргэбит» ("Мы вместе") диэн аахсыйа сэтинньи уонна ахсынньы ыйдарга биллэриллибитэ.
➡️➡️➡️ https://верхневилюйск-газета.рф/bihigi-biirgebit-aahsyja5a-o5olorbut-kyttallar/
@uoheebuluu
@ulusmedia

Сегодня в Представительстве Верхневилюйского района в г. Якутске вручили Якутский нож от Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Николаева бойцу с позывным "Циркач". Этот символический подарок был передан от имени Главы РС(Я) руководителем Управления делами Администрации Главы и Правительства РС(Я) Иваном Васильевичем Лазаревым.
Боец "Циркач" был мобилизован в 2022 году из Верхневилюйского улуса. За свою отвагу и самоотверженность, продемонстрированные при выполнении боевых задач в ходе специальной военной операции, он был награжден Медалью Жукова.
Вот уже скоро боец отправится обратно на службу после короткого отпуска, и мы желаем ему удачи и безопасности в дальнейших действиях.
Вручение Якутского ножа стало не только знаком признания заслуг военнослужащих из Якутии, но и символом Победы, силы и защиты.
#СВОихНеБросаем
#ЯкутскийНож

#сво #СВОихНеБросаем
🔴 Үөһээ Бүлүү кусчуттара госпитальга көмө ыыттылар
Москва куоракка бааһырыыны ылбыт байыастар эмтэниини ааһар госпиталларыгар анаан Үөһээ Бүлүү кусчуттара кус хомуйан ыыттылар.
Бастаан бу кустар Дьокуускайга Арктикатааҕы агротехнологическай университекка тиксэриллэллэр. Онно барытын үргээн баран Москваҕа ыыталлар.
Саамай элбэх куһу - балтараа куулу Хоро нэһилиэгин кусчут эр дьоно биэрдилэр. Ону тэҥэ Тамалакаан, Ороһу, Үөһээ Бүлүү кусчуттара кыттыстылар.
Маннык үтүө санаалаах көмөнү сүүрэн-көтөн, бэлэмнээн ыытар Ороһу нэһилиэгин олохтооҕо Ольга Захарова Үөһээ Бүлүү балыксыттарыгар улаханнык махтанарын биллэрэр: "Балык көрдөөтүм да аҕала тураллар. Ол балыктар ыраастанан, буһарыллан, сороҕо тоҥнуу Украинаҕа инники кирбиигэ тиийэ бараллар уонна Хабаровскай, Уссурийскай, Москва госпиталларынан тиксэриллэллэр".
Истэ-билэ сылдьаргыт буолуо, балыксыттар түмсүүлэрин аатыттан сотору-сотору балык минньигэһин, күндүтүн хомуйан, Кыайыы туһугар киирсэ сылдьар байыастарбытыгар анаан-минээн ыыталларын.
Ону тэҥэ амарах дууһалаах дьон күүһүнэн хомуллубут көмүскэ тэҥнээх күндү аһы-үөлү босхо Дьокуускай куоракка диэри илдьэн биэрэр элэккэй, үтүө санаалаах таксистарга эмиэ махтал бастыҥын аныыр: "Босхо, гуманитарнай көмө диэтим даҕаны, аккаастаабакка эрэ улгумнук сөбүлэһэн ылар уолаттарга махталым муҥура суох. Хомойуох иһин, аккаастыыр таксистар эмиэ бааллар. Босхо диэн тылы истэн баран аккаастыыр аакка бараллар", - диэн хомойбут санаатын эмиэ этиннэ.
Хас биирдии хамсаныыбыт, тэрээһиннээх үлэбит дойдубут сэриитэ суох олоххо олорорун туһугар буоларын умнумуоҕуҥ.
Байыастар санааларын бөҕөргөтөр, эрэллэрин эрчимирдэр кыра да кэһии оҕото тиийэн-тиксэн үөрдэрин, дьоллуурун туһугар бары биир киһи курдук тэринэн көмөлөһүөҕүҥ, үлэлиэҕиҥ-хамсыаҕыҥ.
Маннык үтүө холобур буолар амарах санаалаах дьон баарын тухары өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа. Саханы саха дэтэр киэҥ көҕүстэниҥ, охтон эрэри өйүүр кэтит сарыннаныҥ, аччыктаабыты аһынар, тоҥмуту ириэрэр амарах сүрэхтэниҥ🙌🙌🙌
Дойдубут Кыайыыга кэлиэҕэ! Онуоха эрэл улахан!

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#сво #СВОихНеБросаем
🟠 Үөһээ Бүлүү балыксыттара кыһыннары-сайыннары байыастарга балык астаан ыыта тураллар
Балыктыыры дьарык оҥостубут 91 киһилээх олус тэрээһиннээх түмсүү баарын анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан истибиппит. Сулууспалыы сылдьар байыастарга анаан, кэһии гынаары, бары биир сүбэнэн балыктаан, астаан ыытар саҥаҕа кэлбиттэр. Сылы эргиччи балыктааннар, билигин номнуо хас да туонна балык байыаннай дьайыы араас кирбиитигэр сылдьар уолаттарга бардаҕа дии дэһэллэр.
Сайынын илимнээн, кыһынын муҥхалаан, ардыгар күндү балыгы булан-талан, ыраастаан, астаан, тууһаан-тумалаан, хатаран, буорту буолбатын курдук астыыр ньымалары тобулан бэлэмнииллэр.
Маннык үтүө санаалаах дьон баар буолан, уолаттарбыт минньигэс төрүт астаах баһыылкалары туталлар.
Инники кирбииттэн махтал, баһыыба тыллардаах аҕыйах харда тыл тиийэн кэллэҕинэ, аҥаардас онтон кынаттанан, үөрэн-көтөн, аныгыс сырыыга барар баһыылка хомуллан киирэн барар.
Балыксыттар түмсүүлэригэр сылдьар Ольга Захарова собону хатарар ньыматын бу видеоҕа көрөҕүт.
Кини кэпсииринэн, 2 дьааһык балыктаах баһыылка бэйэтэ 40 киилэҕэ тэҥнэһэр эбит. Төһө балыгы астаабыккыт буолуой? диэн ыйытыыга "барыта уолаттар тустарыгар, ааҕар-суоттуур диэн суох, бэлэмнээтибит да барытын утары ыыта турабыт", - диэн судургутук хоруйдаата.
Барыта Кыайыы туһугар✊✊✊
Бары күүһү - байыастарбыт этэҥҥэ сылдьалларын туһугар🙏🙏🙏
Үөһээ бүлүүлэр маннык үтүө санаалаах дьонноохпутунан киэн туттабыт❤️❤️❤️