#ойуурбаһаара #көмө
⭐️ Нам нэһилиэгин олохтоохторо ойуур баһаарыгар үлэлии сылдьар дьоҥҥо көмөлөрүн бородууктанан хомуйан, аҕалан ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр тиксэрдилэр.
@uohee_buluu
@uohee_buluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара
✅ Үөдүгэй сиригэр турбут ойуур баһаара уҥуортан маннык көстөр эбит
Подписчиктар ыыталлар
@uohee_buluu
Подписчиктар ыыталлар
@uohee_buluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from МО "Едюгейский наслег"
#ойуурбаһаара
✅Кудуга ойуур баһаарын бохсууга күүстээх үлэ салҕанар. Үөдүгэйтэн бүгүн 18 буолан тахсан тыраахтыр тардыбыт минерализованнай балаһатын кэҥэтиигэ, чиҥэтиигэ тэтимнээх, эрчимнээх үлэ барда.
Иннибит хоту бары бииргэ бу курдук түмсүүлээхтик ойуур баһаарын умулуннарыыга үлэлэһиэҕиҥ 🙌✊
#Үөдүгэйсонуннара

⭐️ Хоро нэһилиэгин дьаһалтата ойуур баһаарыгар үлэлиир дьоҥҥо гуманитарнай көмөнү ыытта.
Ол курдук, бородуукта арааһын бэлэмнээн Боотулуу нэһилиэгэр аадырыстаан ыыттылар.
Күн бүгүн Боотулуу нэһилиэгиттэн 6 киһи Сургуулук Түҥүгэр турбут ойуур баһаарыгар үлэлии сылдьар.
@uoheebuluu
Ол курдук, бородуукта арааһын бэлэмнээн Боотулуу нэһилиэгэр аадырыстаан ыыттылар.
Күн бүгүн Боотулуу нэһилиэгиттэн 6 киһи Сургуулук Түҥүгэр турбут ойуур баһаарыгар үлэлии сылдьар.
@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара
⭐️ Дүллүкү, Хомустаах, Хоро нэһилиэктэриттэн эр дьон түмсэн, Кырыкый сиригэр турбут ойуур баһаарыгар уоту бохсууга күүс-көмө буола бардылар.
@uoheebuluu
@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара
✅ Суукка устата 8 ойуур баһаарын тохтоттулар
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, уопсайа 105 тыһыынча га иэннээх ойуур баһаарын тохтоттулар: Алдаҥҥа - 3, Верхоянскайга - 1, Бүлүүгэ - 1, Кэбээйигэ-1, Мииринэйгэ - 1, Нерюнгрига – 1.
Бу туһунан сарсыардааҥы брифиҥҥэ СӨ «Авиалесоохрана» ГБТ салайааччыта Владимир Леонов иһитиннэрдэ.
Ону сэргэ бу кэмҥэ 3 тыһ. га иэннээх 4 ландшафтнай (айылҕа содулуттан) уонна 5 ойуур баһаара көһүннэ.
Ойуур уотун бохсооччулар көмөлөрүнэн 49 тыһыынча га иэннээх 8 ойуур баһаарын эргийэн, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар улуустарыгар хонтуруолга тутан тураллар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ 14 оройуон территориятыгар 66 ойуур баһаара умайа турар: Абыйга, Үөһээ Бүлүүгэ, Верхоянскайга, Бүлүүгэ, Горнайга, Эдьигээҥҥэ, Кэбээйигэ, Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Ньурбаҕа, Өлүөхүмэҕэ, Орто Халымаҕа, Сунтаарга уонна Уус-Дьааҥыга.
Ойуур уотун умуруорууга 1 680 киһи сылдьар, 166 тиэхиньикэ үлэлиир. Баһаартан сэрэхтээх буолуу дьыл кэмэ биллэриллиэ- ҕиттэн 2 399 783,91 га иэннээх сири ылбыт 849 ойуур баһаара тохтотулунна.
Күн бүгүн Саха сиригэр федеральнай уонна регионнааҕы таһымнаах ойуурдарга ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ олохтонон турар.
Оттон муниципальнай суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ Бүлүү, Үөһээ Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Сунтаар уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар биллэриллэн турар.
Бэс ыйын 26 күнүттэн СӨ Ил Дарханын Ыйааҕынан өрөспүүбүлүкэ территориятыгар баһаартан сэрэхтээх буолуу оһуобай эрэсиимэ биллэриллэн турар.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат