Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.86K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Бүгүн нэһилиэк дьаһалтатын тэрийиитинэн эр дьон субуотунньуктара буолан ааста. Сарсыардаттан субуотунньукка Ленин аатынан уулусса 7 нүөмэригэр турар кладовка көтүрүүтүгэр Альберт Гаврильев салайааччылаах Олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыба тэрилтэтэ Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын уолланнарын биригээдэтэ биир погрузчик уонна Урал массыына техникалаах таһаарыылаахтык үлэлээтилэр.

Эбиэт кэннэ "Саханефтегазсбыт" Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын, Исидор Барахов аатынан орто оскуола, үөрэх управлениетын, улуус дьаһалтатын ЕДДС сулууспатын, П.Н.Тобуруокап аатынан норуот айымньытын киинин, ветеринарнай станция, нэһилиэк дьаһалтатын тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ - 16 эр бэрдиттэн турар биригээдэ Ленин аатынан уулусса 6/1 аадырыһыгар баар кладовканы көтүрүүгэ куйааһы, быылы аахсыбакка күүстээхтик үлэлээтилэр.
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Начинается пленарное заседание Петербургского международного экономического форума с участием Президента России Владимира Владимировича Путина.

#ПМЭФ

t.iss.one/aisen_nikolaev
🔤🔤🔤🔤🔤🔤🔤
🔤 🔤🔤🔤🔤🔤

Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандата "Табыс" эдэр ыччат фестивалин уопсай зачётугар 4-с миэстэҕэ иһэбит
👏👏👏

#Табыс
#ҮөһээБүлүү
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#спартакиада

⭐️ Түүкээҥҥэ Сунтаар улууhун хамаандатын Оҥхой нэһилиэгэ көрүстэ

Бүлүү бөлөх бэтэрээннэрин Спартакиадатыгар кыттар Сунтаар улууһун спордун бэтэрээннэрин делегациятын Оҥхой нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ уруйдуу көрүстэ.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🟢🟢🟢 *Күндү улууспут олохтоохторо, ытык мааны ыалдьыттара!*

🟢 Үгүс үтүө үйэлэргэ, үүнэн сайдан чэчирээбит дьол уйата Үөһээ Бүлүү улууһугар *Бэс ыйын 8 күнүгэр күнүс 2 чаастан Үс Хоһуун стадионҥа Бүлүү улуустарын VIII ветераннар культурнай спортивнай спартакиадаларын* үөрүүлээхтик арыйар күлүм түгэнигэр ыҥырабыт!

🌿 Бэлиэ тэрээһиҥҥэ улууспут аҕа Баһылыга Валерий Валериевич Николаев, Бүлүү улуустарын бастыҥ спортсменнара, спорт маастартардара кыттыыны ылыахтара.
🌿 Субу күн, Эһиэхэ анаан *ҮНҮГЭС* түмсүү доруобуйаны чөлүгэр түһэриигэ сүбэлэрэ, дойдубут эмтээх отторуттан чэйдэрин дегустациялара, эмтээх оттор атыылара тэриллиэ.
🌿 Ону сэргэ тарбаҕар талааннаахтары *МАКРАМЕНАН* өрүү ньымаларыгар үрүҥ халааттаах аанньал *Мира Николаева маастар кылааһа* тэриллиэ.
🌿 Улуустааҕы киин балыыһа Эһиэхэ бэтэрээннэргэ анаан көһө сылдьар мобильнай массыынаҕа доруобуйаҕыт туругун бэрэбиэркэлиэхтэрэ, сүбэлэри биэриэхтэрэ.
🌿 Күндү бар дьоммут, бука барыгытын сырдык ыра чэбдик өй санаа туругурарын туһугар бары бииргэ түмсүөҕүҥ!

🌸 *Бүлүү улуустарын бэтэрээннэрин спартакиадатын киэҥ программалаах, үөрүүлээх арыллыытыгар ыҥырабыт!*
#үйэтитии

⭐️ Үөһээ Бүлүү улууһун устуоруктарын уонна
кыраайы үөрэтээччилэрин түмсүүтэ чинчийэр үлэҕэ Дүллүкү - Хомустаах айаннаата

“Умнуллубат ааттар” бырайыак чэрчитинэн Дүллүкү нэһилиэгэр Николаев Владимир Тимофеевич төрөөбүтэ 95 сылыгар анаммыт төгүрүк остуолга кыттыахтара.

Хомустаах нэһилиэгэр Саха АССР үтүөлээх артыыһа, Ньурба театрын төрүттээбит, Саха театрыгар дириэктэринэн үлэлээбит Александр Алексеевич Габышев олоҕун кытта билсиэхтэрэ.

Биир дойдулаах дьоммут олохторун, үлэлэрин туһунан устуоруйаҕа хаалар матырыйааллары хомуйуохтара.

Сиһилии "Үөһээ Бүлүү" улуус хаһыатыгар бэчээттэниэҕэ

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэ

⭐️ Ольга Григорьева аатынан Боотулуутааҕы норуот тыйаатыра аатын көмүскээтэ

Бэс ыйын 7 күнүгэр "Норуот самодеятельнай коллектива" дьүүллүүр сүбэ иннигэр аатын чиэстээхтик көмүскээтэ.

Варвара Буртахова режиссердаах норуот тыйаатыра бу күн сыанаҕа Былатыан Ойуунускай айымньытынан «Ыраахтааҕы ыйааҕа» испэктээги уонна «Боккуойа» музыкальнай инсценировканы туруорда.

Аттестациялыыр хамыыһыйаҕа Өрөспүүбүлүкэтээҕи Норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта Алексей Захаров, П.Ойуунускай аатынан Сахатеатр артыыһа,
Михаил Апросимов уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи Норуот айымньытын дьиэтин генеральнай дириэктэрэ Николай Дмитриев үлэлээтилэр.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🔤🔤🔤🔤🔤 🔤🔤🔤🔤🔤🔤🔤🔤🔤

Өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр ыччат "Табыс" фестивалигар Үөһээ Бүлүү улууһун эдэр ыччата Васильев Денис 2-с Вице Мистер ТАБЫС титулу кыайда.👏👏👏

Уолбутун Дениһы ситиһиитинэн эҕэрдэлиибит!👏👏👏

#Табыс
#ҮөһээБүлүү
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#оҕосаассыла

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат бэҕэһээ телеграм-ханаалыгар суруйбутун курдук, бэс ыйын 7 күнүгэр улууспутугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин гражданнарын туруктарын аакталарын толорор уорган үлэһиттэрин сэминээрэ ыытыллыбыта.

Бүлүү бөлөх улуустарын ГТАС үлэһиттэрэ биир күннээх үөрэхтээһиннэрин чэрчитинэн Доҕордоһуу скверигэр "Оҕо саас аллеятын" арыйан туран, уопсайа 40 хатыҥ маһы олордуу акциятыгар кыттыстылар. Мастары Ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтин салайааччыта Павел Тимофеев аҕалан биэрдэ.

Аахсыйаҕа "Сааскылаана" оҕо образцовай ансаамбыл сайыҥны лааҕырын иитиллээччилэрэ, Оҕо искусствотын оскуолатын үлэһиттэрэ, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Анна Уларова, Саха сирин ГТАС салалтатын салайааччыта Дария Слепцова, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Егор Михайлов, Оҕо искусствотын оскуолатын дириэктэрэ Анатолий Иванов кыттыыны ыллылар.

Улуустааҕы ГТАС салаатын салайааччыта Татьяна Кардашевская иһитиннэрбитинэн, хас биирдии киһи олоҕун историятын докумуонунан арыаллааһын кини төрүөҕүттэн, регистрацияланыаҕыттан саҕаланар. Бу дьоһуннаах акция ити санаанан салайтаран ыытылынна уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар ананна.

Санатар буоллахха, бу аахсыйа бүтүн дойду үрдүнэн ыытыллар. Ким баҕалаах бары кыттыһыан сөп.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат