Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
# устуоруйа #кыраайыүөрэтии

Ороһу нэһилиэгэ улуу суруйааччыбыт П.А.Ойуунускайы кытары ыкса сибээстээх нэһилиэк буоларын устуоруйа арылхайдык туоһулуур. Ол туһунан Ороһу олохтооҕо, тапталлаах учууталбыт,  кыраайы үөрэтээччи Сардана Николаевна Васильева билиһиннэрэр.

1937 с. Ороһу оскуолатын бүтэрбит уолаттар Ойуунускай кинигэтин кистэммиттэр.Ньукулай Аҕа дойду сэриитигэр сураҕа суох сүтэр. Баһылай 1950 с. сэрииттэн кэлэн баран сөмөлүөт саахалыгар түбэһэн өлбүт. Уолаттар ийэлэрэ Матрена Тимофеева уолаттарын кэриэстээн, кистээбит кинигэлэрин - П.Ойуунускай " Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куотун" уурунан сыппыт. Ол туһунан кыраайы үөрэтээччи Сардана Васильева " Мотуруоһа кылаата" диэн кинигэтигэр толору сырдатыллар. Бу - Ойуунускайы билинии, саха литературатыгар сүгүрүйүү бэлиэтэ буолар 🫶🫶🫶👏👏👏👏

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#устуоруйа #кыраайыүөрэтии

Платон Алексеевич Ойуунускай Ороһу нэһилиэгин кытары өссө биир быстыспат ситимэ - Ороһуттан төрүттээх худуоһунньук Владимир Иванов Ойуунускай айымньылара сыанаҕа туруутугар кини айымньыларын толору арыйар, сытыытык көрдөрөр, норуокка тириэрдэр ураты күүстээх, уһулуччу тыыннаах уруһуйдаах задниктары бэлэмнээн, айан- тутан таһаарбыта буолар 🔥🔥🔥

Суруйааччы айар үлэтин кытары бу ураты күүстээх задниктар "Кыһыл Ойуун" курдук улахан айымньыны норуот өйдүүрүгэр сүрүн күүс буолбуттара 🌈🌈🌈

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#устуоруйа #кыраайыүөрэтии

Ороһу нэһилиэгин кытары Платон Ойуунускай быстыспат ситимин туһунан үһүс төрүөтүнэн буолар - Ороһуттан төрүттээх тыл билимин дуоктара Н.Н. Тобуруокап " Кто он, Платон Ойунский?" диэн улахан научнай үлэтинэн Ойуунускайы аан дойдуга киэҥник хабан ырытан билиһиннэрбитэ 👏👏👏👍👍👍

Онон Ойуунускай уонна Ороһу нэһилиэгэ устуоруйа кэпсиир ситиминэн быстыспат ситимнээхтэр, ол үйэлэртэн үйэлэргэ ыччакка кэпсэнэ туруоҕа

"Үөһээ Бүлүү " хаһыат
👆 бу П.А.Ойуунускай кэриэһигэр " Былатыан" диэн ырыаны эмиэ Ороһуттан төрүттээх эстрада чаҕылхай ырыаһыта Иннокентий Огочонов толорор ❤️❤️❤️💫💫💫

Онон Ороһу уонна Ойуунускай син-биир эргийэн кэлэ турар дьикти, интэриэһинэй ситимнээхтэр 👍👍👍
Forwarded from ALROSA
В 14 селах алмазной провинции Якутии продолжаются работы по программе «Развитие систем водоснабжения Вилюйской группы улусов на 2019-2024 годы». Основное финансирование идет за счет средств компании АЛРОСА через Фонд будущих поколений. Причем надо отметить, что для алмазодобывающей компании это исключительно социально ориентированный проект. Ежегодно на эти цели компания направляет 150 млн рублей.

Подробно об этом читайте по ссылке:
https://telegra.ph/ALROSA-prodolzhaet-osnashchat-yakutskie-sela-vodoochistnymi-stanciyami-11-10

#АЛРОСА_для_Якутии
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
❗️ Представляем вашему вниманию выпуск программы "Прокуратура: На страже закона", посвящённой вопросам профилактики преступлений, связанных с дистанционным хищением денежных средств
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#кэриэстэбил

Күндүтүк саныыр, ытыктыыр убаастыыр учууталбыт Аксаков Анатолий Софронович уһун ыарахан ыарыыттан 81 сааһыгар бүгүн, сэтинньи 11 күнүгэр олохтон туораата 🕯️

Үөһээ Бүлүү улууһа, педагогическай общественноһа, Далыр нэһилиэгэ, коммунистара, үөрэппит оҕолоро ыар сүтүктэннилэр. Дьиҥнээх патриот, дьоһунаах киһи, улахан буукубаттан суруллар учуутал, эрэллээх табаарыс, бэриниилээх коммунист, дьаныардаах кыраайы үөрэтээччи, байанайдаах балыксыт, сатабыллаах салайааччы Анатолий Софронович Аксаков туһунан үтүө өйдөбүл биһиги сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах буолуо.

Быдан дьылларга быраһаай, күндү учууталбыт Анатолий Софронович! 🕯️🕯️🕯️🙏🙏🙏😔😔😔

@ulusmedia
“Үөһээ Бүлүү” хаһыата
🥇🥉 Якутская легкоатлетка Сардана Трофимова завоевала золотую медаль в составе сборной Кыргызстана и бронзовую медаль в личном зачете на чемпионате Азии по полумарафону, сообщает ЯСИА

@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#муҥха

Бүгүн Үөдүгэй нэһилиэгэр Чоҥоро күөлүгэр муҥха буолла.

Бу туһунан Үөдүгэй олохтооҕо Герасим Хобусаров устубут, монтажтаабыт видеотун көрүҥ, сэргээҥ👍👍👍

@uoheebuluu
Саҥа Дьылга диэри 50 хонук хаалла!🤩🤩🤩

Үөдүгэй олохтоохторо, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ийэтэ Алена Тумусова кыра кыыһынаан, 6-с кылаас үөрэнээччитэ Ангелиналыын Саҥа Дьылы көрсөргө, дьиэлэрин, харыйаларын киэргэтэргэ ох курдук оҥосто, бэлэмнэнэ сылдьаллар.

Иллэҥ бириэмэ көһүннэр да, остуол тула олорон харыйаҕа ыйанар шариктары киэргэтэллэр, араас сувенирдары оҥороллор. Хаһаайка быраҕыах оннугар малга-салга "иккис тыын" бэлэхтиирин сөбүлүүр, ол туһунан маннык этэр: "Тугу да бырахпаппын, туох да буоллун. Алдьаммыт оонньуур о.д.а. наада буолуо диэн ампаарбар сытыарабын. Онтон киллэрэ-киллэрэ ону-маны оҥоробут. Айарбын-тутарбын наһаа сөбүлүүбүн, муза эрэ уһуктуон наада".

Саҥа Дьылы көрсөргө төһө бэлэмҥит?🤩

@uoheebuluu