This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#движениепервых
🚩🚩🚩 Үөһээ Бүлүүгэ «Бастакылар хамсааһыннара» тэрилиннэ.
Кулун тутар 5 күнүгэр Н.И.Бойлохов аатынан оҕо искусствотын дьиэтигэр Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат *«Бастакылар хамсааһыннара»* улуустааҕы салаата тэриллэр үөрүүлээх түгэнэ буолла. Өрөгөйдөөх арыллыыны Дүллүкү орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Арассыыйа уонна Саха Сирин былааҕын күөрэччи көтөҕөн киллэрииннэн саҕаланна. «Тускул» оҕо киинин иһинэн үлэлиир «Үрүйэчээн» образцовай үҥкүү кэлэктиибин үөрэнээччилэрэ дьоро арыллыыны киэргэттилэр. Бу манна улууспут бары оскуолаларыттан саамай чаҕылхай, барыга-бары көхтөөх, бастыҥ оҕолоро кэллилэр. Тэрээһиҥҥэ Үөһээ Бүлүү улууһа муниципальнай оройуон баһылыгын солбуйааччыта Люция Спиридоновна Тойтонова, улуустааҕы үөрэх салалтатын иитэр үлэҕэ отделын сэбиэдиссэйэ Антонина Николаевна Овчинникова, «Навигаторы детства» бырайыагы олоххо киллэрэр регионнааҕы киин салайааччыта Нюргуяна Владимировна Макарова кыттыыны ыллылар. Маны тэҥэ видеонан эҕэрдэтин Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Движение первых» оҕо уонна ыччат Бүтүн Россиятааҕы хамсааһынын общественнай-судаарыстыбаннай салаатын регионнааҕы сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, СР Ил Түмэн государственнай мунньаҕын народнай депутата Оксана Тагировна Михайлова тиэртэ. Харда эҕэрдэни Москва куоракка ыытыллыбыт Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһынын I-кы сийиэһин кыттыылааҕа Тамалакаан орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ Мира Багрынова эттэ. Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат түмсүүтүгэр биһиги улууспут холбоһон биир сомоҕо буоллулар. Бу курдук өрөгөйдөөх арыллыы үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.
Сонуннарга анаан Мария Адамова
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Бүгүн, И.Н.Барахов аатынан 1 нүөмэрдээх орто оскуола аактабай саалатыгар, бүтүн Россиятааҕы "Бастыҥнар хамсааһыннара" (Движение первых) оҕолор хамсааһыннарын улуустааҕы отделениета конференция ыытар. Конференцияҕа улуус оскуолаларыттан дириэктэр сүбэһиттэрэ, тэрийээччилэр, дириэктэрдэр кыттыыны ылаллар.
Мунньахха улуус баһылыгын социальнай боппуруостарыгар солбуйааччы Анна Уларова кыттыыны ылар. "Бастыҥнар хамсааһыннара" улуустааҕы отделение бэрэссэдээтэлэ Прасковья Тимофеева, улуус оҕолорун Сэбиэттэрин 2023-2024 сс бастакы бэрэссэдээтэлэ Милана Егорова туох үлэ-хамнас бара турарын, барбытын кэпсээтилэр.
Санатан эттэххэ, "Бастыҥнар хамсааһыннара" бүтүн Россия үрдүнэн 12 хайысханан үлэтин саҕалаабыта. Биһиги улууска 2023 сылтан үлэлиир. Манна улуус 25 оскуолата уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум биир сүбэнэн үлэлиир.
Бүгүҥҥү көрсүһүүгэ "Бастыҥнар хамсааһыннара" ыытар конференциятыгар оҕолортон делегаттары талыы буолла уонна сүбэһиттэр үлэлэриттэн, уопуттарыттан үллэстэллэр.
@uoheebuluu