Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#суруйаллар

⭐️Бүгүн, Саха тылын күнүгэр, саха норуодунай бэйээтэ Бүөтүр Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолатыгар бэтэрээн-учууталлар 9-11-с кылаас үөрэнээччилэригэр кылаас чаастарын, 6-8-с кылаастарга квест-оонньуу, онтон учууталларга "Саха оҕотун сахалыы үөрэтии түһүмэхтэрэ" диэн семинар ыыттылар.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#суруйаллар

Бүгүн Бүөтүр Тобуруокап түмэл-уһаайбатыгар  СӨ культуратын туйгуна, СӨ телевидениетын туйгуна, 2003 сылга ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы «Спасти и сохранить» куонкурус лауреата, үлэ бэтэрээнэ Спиридонов Анатолий Антонович - Лэкэ Сиэн ыалдьыттаата.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#суруйаллар

🎶🎶🎶РСФСР уонна ССРС норуодунай артыыһа, М.И.Глинка аатынан РСФСР Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Саха сиригэр опера искусствота сайдарын туһугар элбэх кылаатын киллэрбит биһиги киэн туттар биир дойдулаахпыт Анегина Ильина үбүлүөйдээх 80 сааһыгар аналлаах квест оонньууну «Тускул» оҕо киинэ уонна Д.С.Спиридонов аатынан №4 орто оскуола тэрийэн ыытта. Бу күрэх сыалынан буолар Анегина Ильина-Дмитриева айар үлэтин уонна тус олоҕун сырдатыы.
Анегина Ильина айар олоҕун станцията 7 тургутуктан турда. Күрэх түмүгүнэн анал аакка тигистилэр: «Юный театрал» Тамалакаан, «Искусство» Маҥаас, «Кругозор» ВВСОШ №4, «Единство» Кэнтик, «Очарование» Балаҕаннаах, «Гармония» Ороһу, «Новелла» Мэйик оскуолаларын хамаандалара тигистилэр.
Бочуоттаах миэстэлэргэ: 3м-«Мелодика» Хоро, «Сүбэ» ВВСОШ №1,
2м-«Вернам» Нам,
1м-«Веселые нотки» ВВРЛИ.
Муҥутуур кыайыылаахтар Харбалаах орто оскуолатын «Эдэр Бараховец» хамаандата.
Анегина Ильина -саха музыкальнай, опернай искусствотын сайдыытыгар биир саамай бөдөҥ кылааты киллэрбит чаҕылхай талааннаах киһибит үрдүк аатыгар анаммыт квест оонньуу сүрдээх өрө таһымнаахтык ыытылынна. Кыттыбыт оҕолор бары биир эйгэҕэ киирэн олус астына оонньоотулар, дуоһуйа сынньаннылар.

Мария Адамова
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#суруйаллар

🗒 Олунньу 14 күнэ – аан дойду үрдүнэн кинигэни бэлэх уунар күн

Бу күн чэрчитинэн Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит бибилэтиэкэ ситимэ «Үөрүүнү бэлэхтээ - кинигэни бэлэх уун» диэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар үтүө санаа аахсыйатыгар кытынна.

Нэһилиэк аайы бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ эрдэттэн ыҥырыы таһааран, биирдиилээн дьон уонна тэрилтэлэр добуочча кинигэни бэлэхтээтилэр. Аахсыйа быйылгы сыала-соруга элбэх оҕолоох ыалларга, соҕотох олорор аҕам саастаах дьоҥҥо көмө буолар.

Онон дьон-сэргэ аҥаардас кинигэ эрэ буолбакка сурук-бичик, уруһуй тэриллэрин, оонньуурдары да бэлэх ууннулар. Аахсыйаҕа киирбит кинигэлэри, маллары бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ туһааннаах дьоҥҥо анаан туттардылар.

Улууспут олохтоохторо маннык араас хабааннаах үтүө санаа аахсыйаларыгар, атын да тэрээһиннэргэ олус көхтөөхтүк кытталлара сүргэни көтөҕөр.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#суруйаллар

⭐️⭐️⭐️ Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин көрсө Дүллүкү орто оскуолатыгар "Эр санаа" орден кавалера "Степан Степанович Руфов сырдык аатыгар улуустааҕы "Снежный барс" байыаннай-cпортивнай күрэхтэһии буолла.


Улуус 17 оскуолатыттан 170 оҕо кэлэн "Ратные страницы истории", "Статен в строю, силен в бою", "Неполная разборка и сборка АК-74", "Снаряжение магазина патронами", "Пулевая стрельба", " Комплекс силовых упражнений", "Военизированная эстафета" түһүмэхтэринэн кытыннылар.


⭐️ Степан Степанович сырдык аатыгар үөрэммит оскуолатыгар мэҥэ бэлиэ арылынна.

Күрэхтэһии түмүгүнэн кыайыылааҕынан Дүллүкү орто оскуолатын хамаандата, 2-с миэстэҕэ - Далыр орто оскуолатын, 3-скэ Хоро орто оскуолатын хамаандалара таҕыстылар. Күрэхтэһии сүрүн судьуйатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи М.А.Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интернат учуутала Георгий Золотарев үлэлээтэ.

Байыаннай-спортивнай күрэхтэһии элбэх оҕону түмэн, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх, махталлаах буолуу тыынын сахта.

Матырыйаалы бэлэмнээтилэр: Илона Руфова, Яша Сергеев (9 кыл.), Алина Санникова, Гульнара Тобохова (8 кыл.), Айыына Петрова (5 кыл.).
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#култуура #күрэх #суруйаллар

🖼️ Кулун тутар 31 күнүгэр Н.Бойлохов аатынан оҕо искусство оскуолата, култуура департамена уонна норуот айымньытын киинэ СӨ култууратын уонна медицина туйгуна, норуот театрын солбуллубат артыыската Мария Иванова аатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас академическай "КӨМҮС КУОЛАС" күрэҕин буолан ааста.

Манна барыта Покровскай куораттан, Хаҥалас, Сунтаар Үөһээ Бүлүү улуустарыттан уонна нэһилиэктэриттэн күөн көрүстүлэр.

Оҕолорго 1 ст.лауреат Елизавета Латышева - Покровскай куората, ДШИ,
2 ст.лауреат Дарина Винокурова - Хоро,
3 ст.лауреат - Буслаева Настя, ДШИ ыллылар. Грамотанан, сувенирынан уонна сыаналаах приһинэн наҕараадаланнылар.

Оҕо искусство оскуолатын иитиллээччилэрэ Леонид Тумусов "Куонкурус эрэлэ" анал ааты, Настя Буслаева "Чуор куолас", Хотторон Дарина Винокурова
"Идеальный голос" буоллулар.
Улахан бөлөххө 1 ст.лауреат Хаҥалас улууһуттан Ирина Протопопова буолан 30 тыһ.солк.сертификаты тутта.
2 ст.лауреат аатын Владимир Васильев ылан 20 тыһ.солк.сертификаты ылла.
3 ст.лауреатынан Нюргустана Бугулова, Марина Петрова дуэттара ааттанан 10 тыһ.солк. сертификаты бэлэх туттулар.

"Куонкурус арыйыыта" - Николай Осипов, Үөһээ Бүлүү.
"Бастыҥ сопрано" Аграфена Долгунова, "Көрөөччү биһирэбилэ" Ариан Федоров, Мэйик ыллылар.
ГРАН-ПРИ үрдүк аатын "Үрдэл" вокальнай ансамбль ылла. Салайааччы Нюргустана Бугулова. Мария Иванова оҕолорун бирииһин уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи киин балыыһа туруорбут 100 тыһ.солк. туттулар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#күрэх #суруйаллар

⭐️ Муус устар 2 күнүгэр Сургуулукка  Аҕалар күннэрин бэлиэтээн, ыал туллар тутаахтарыгар, эрэллээх эркиннэригэр, бас-көс дьонноругар анаан дьоһуннаах тэрээһин буолла.

Аҕаларга уонна уолаттарга аналлаах күрэхтэр ыытылыннылар. Спальнай мешогу мүнүүтэҕэ ыһыы, хомуйуу, туут хайыһарынан сүүрүү, автомат маҕаһыынын иитии курдук сорудахтары аҕалар үөрүйэхтик толордулар.

Мустубут дьону барыларын пловунан, шашлыгынан, кымыһынан, муоруһунан, итии чэйинэн күндүлээтилэр.

Күрэх түмүгүнэн, 1-кы миэстэни Иван Иванов ылла, бирииһэ - компрессор ( спонсор КДУ),
2- с миэстэни Сергей Степанов ылла,  бирииһэ - надувной матрас (спонсор  "Дайаана" маҕаһыын), 3 миэстэ  Алексей Максимов буолла, бирииһэ -  радиоприемник (спонсор "Кана" маҕаһыын).

Оҕолорго 1 миэстэ Борисов Ариан, бирииһэ -  Термос "Арктика", 2 миэстэ Максимов Юлиан, бирииһэ - музыкальнай колонка, 3  миэстэ - Иванов Ваня, бирииһэ - портативнай заряднай устройство.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#суруйаллар #сво #своихнебросаем

⭐️ Үөһээ Бүлүү балыксыттарын "ватсап" бөлөҕөр Ороһу олохтооҕо "Рыбачка Оля" көҕүлээһининэн бөлөххө баар балыксыттартан балык хомуйан, астаан, ыраастаан, ыһаарылаан, сороҕун тууһаан анал байыаннай дьайыыга бараары сылдьар уолаттарга тиийбит.

Билигин Хабаровскайга, Уссурийскай куорат госпиталыгар, Сергеевкаҕа тарҕатар курдук наардыы сылдьаллар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#суруйаллар

⭐️ Бүгүн Мэйик нэһилиэгин үрдүнэн дьолу түстүүр кубалар көтөн аастылар.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Кыайыыкүнэ #суруйаллар

Бүгүн, Үс хоһууҥҥа буолбут байыаннай хаамыыга, Киин балыыһа үлэһиттэрэ көхтөөхтүк кытыннылар.

Хамандыыр - реанимационнай отделение медбрата Бырдакаров Афанасий Григорьевич.

@uoheebuluu
#суруйаллар

Почта уонна Ростелеком тэрилтэлэрин икки ардыгар турар эргэ ыскылаат дьиэтэ умайан эрэрин туһунан иһитиннэрии киирэн, баһаарынайдар умуруора таҕыстылар.

Баһаар тахсыбыт биричиинэтин быһааран, буруйдааҕы эппиэккэ тардыахтара.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#суруйаллар

⭐️ Икки оҕо олоҕун быыһаабыт Наталья Дмитриеваҕа хоһоон анаабыттар

САХА ДЬАХТАРЫГАР

Кини Ийэ, кини Эбээ,
Саха далбар Хотуна,
Ийэ сүрэҕэ тэптэҕэ,
Быыһа диэн соруйдаҕа.

Дьириҥ далай чүөмпэбит,
ыйыстарга соруммут,
Киэҥ маҕалай ап- чарайыгар
сөрөөбүт.

Икки кырачаан оҕону,
сэрбэллибит барахсаттары ,
Хараҥа чөҥөрө уу далайа,
будулуйа оргуйбут.

Эдэр дьоммут эппэт кэлэҕэй
буолбуттар,
Атахтара кыаһыламмыт,
илиилэрэ баайыллыбыт.

Быыһыыр санаа күдэнҥэ
көппүт.
Хамсыыр кыах таһыччы
бэриммит.

Арай Ийэ -Эбээ хорсун
дьахтар,
Өлөрүн утуйарга холообут,
харбаабатын умнубут.

Күндү көмүс чыычаахтары
көмүскүүргэ санаммыт,
Күөх далайга ыстаммыт,
модун күүстүүн турууласпыт.

Саха хорсун дьахтара,
Ийээ -Эбээ барахсан,
Хантан ылбыт күүһэй кини,
Айылҕата таттаҕа, Ийэ сүрэҕэ
тэптэҕэ.

Сүгүрүйэбит Ийэҕэ, хорсун-
хоодуот Эбээҕэ,
Саха дьахтарын күүһүгэр,
булгуруйбат айылгытыгар.

ДЬӨГҮӨР. ТААТТА.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM