Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#саҥакинигэ #тэрээһин

⭐️Милиция подполковнига өр сылларга ГАИ начальнигынан үлэлээбит ССРС көҥүл тустууга, Саха Республикатын хапсаҕайдаһан тустууга маастара, элбэх республиканскай күрэхтэһии чемпиона, Манчаары оонньууларын үрүҥ көмүс призера Евсей Николаевич Софронов, бэҕэһээ, кини баара буоллар 65 сааһын туолбут күнүгэр, кэргэнэ Ольга Васильевна, кыргыттара Зинаида Евсеевна, Надежда Евсеевна, Мария Евсеевна уола Василий Евсеевич дьоһуннаах үчүгэй кинигэни таһаарбыттарын бэлиэтээтилэр.

Ахтыы оҥорбут дьон бары Евсей Николаевич туһунан истиҥ-иһирэх тылларынан бииргэ үлэлээбит, алтыспыт кэмнэрин үчүгэйдик ахтан-санаан аастылар.

Евсей Николаевич кырдьык даҕаны холку, үтүө майгылаах, үлэтигэр ирдэбиллээх, ол эрэн ону сэрэтэр, сүбэлиир быһыытынан дьону ыкпакка-түүрбэккэ, дьон бэйэтэ ол сүбэни ылынан, алҕастарын көннөстөллөрүн курдук өйдөтөр ураты дьоҕурдаах салайааччы этэ.
Ол иһин киниттэн дьон толлубакка ытыктабыл бэлиэтинэн суол быраабылатын тутуһа сатыыллара.
Күүстээх дьон сымнаҕас буолаллара баар суол.
Евсей Николаевич төһө даҕаны кыахтааҕын, улахан уҥуоҥтааҕын, тустуук быһыытынан элбэх ньымалааҕын үрдүнэн, алҕаска даҕаны үлэ, бэрээдэк боппуруостарыгар дьону үтэн-анньан куттаабатах, хомоппотох киһи. Кини сиэр-майгы быһыытынан тирээн турар боппуруостары быһаарар ураты дьоҕурдааҕа.
Кырдьыга, өйүнэн-санаатынан татым, дьону кытта сатаан өйдөспөт эрэ киһи күүһүргүүр дииллэрэ олоххо баар. Оннук дьону дьон-сэргэ ытыктаабат.
Бииргэ үөскээбит, улааппыт доҕорум Евсей Николаевич - Дьэпсэй чахчы киһи кэрэмэһэ, саха саарына этэ. Кини туһунан олох үчүгэй кинигэ таҕыста. Бу кинигэҕэ кини туһунан ахтыы оҥорор баҕалаах дьон элбэҕинэн өссө иккис кинигэ тахсыан сөп быһыылаах дии санаатым.
Үтүө киһи аата үйэлэргэ умнуллубат диэн дьон мээнэҕэ эппэт.

Степан Дмитриев, Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#саҥакинигэ

Дьэ-Дьэ-Дьэ! Дьикти, Дьиибэ, Дьээбэ! Өйү-санааны түмэргэ, толкуйдаан имиллэҥнэтэргэ бэрт көдьүүстээх өссө биир оонньотор-сайыннарар биктэриинэ тахсыбыт!
Онон, доҕоттор, дьикти киэһэни бэйэҕит тэриниҥ: Дьээбэлэһиҥ, Дьарыктаныҥ, Дьиэрэҥкэйдээҥ даҕаны!

#үөһээбүлүүхаһыат
#саҥакинигэ

“Сүрэх хирург хараҕынан”

 
Бу күннэргэ ураты кинигэ тахсыбыт. Сахалартан бастакынан сүрэҕи-тымыры эпэрээссийэлииргэ туруммут, уһун сылларга аан дойду бастыҥ ньымаларын чинчийэн бэйэтигэр иҥэриммит дириҥ билиилээх, киэҥ көрүүлээх, ураты киһи—бастыҥ кардиохирург Петр Захаров хас да сыллааҕыта киһи соҕотох сүрэхтээҕин туһунан кинигэни сахалыы тылынан отой аҕыйах ахсаанынан таһаарбыт👍🏻

#үөһээбүлүүхаһыат
#саҥакинигэ

⭐️Светлана Копыленко “Харбалаах нэһилиэгэ: алаас ааттаах, дойду сурахтаах” кинигэтин биһирэмэ

Бэҕэһээ Харбалаах нэһилиэгин уструоруйатын биир лииһин арыйар бэрт интэриэһинэй, ааҕааччыныны угуйар кинигэ биһирэмэ буолла. СӨ култууратын туйгуна, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун култууратын бочуоттаах үлэһитэ, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, И.Н.Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннас түмэлин сэбиэдиссэйэ, 5 кинигэ ааптара Светлана Копыленко бу кинигэни төрөөбүт нэһилиэгин 115 сылыгар анаан бэлэх уунна.

Кинигэ “Дани-Алмас” 100 уст. кыһаҕа бэчээттэнэн таҕыста. Аан тылыгар көмөлөспүт дьонугар махтал тыла, тас ойуутугар төрөөбүт Тоҥуулаах алааһын көстүүтэ, форзаһыгар учуутал Анисим Миронов Харбалаах сирин-уотун барыллаан оҥорбут схемата киирбит.

Нэһилиэк устуоруйатын туоһулуур кинигэ 6 төбөттөн турар: “Нэһилиэгим сирин-уотун, өтөхтөрүн, күөллэрин ааттара” ыйынньык, “Үйэлэр мындааларыттан”, “Нэһилиэкпит олоҕун ыллыктарынан”, “Сүрэхтэн сүппэт сырдык сыдьаайдар”, “Кэм-кэрдии оһорботох баастара”,“Тоҥуулаах-оҕо сааһым өлбөөдүйбэт өйдөбүлэ”.

Уратыта диэн, манна нэһилиэк 309 сирин аата киирбит. Алаастарга хайа ыаллар олорбуттара, тоҕо маннык ааттаммыта, суолтата, үһүйээннэрэ суруллубут.

Нэһилиэк дьикти дьоҕурдаах дьонун, сис ыалларын, тус бэйэтэ истибит, ахтыыларга олоҕурбут, ханна да бэчээттэммэтэх чахчылара, субу аттыбытыгар баар гына дьону уустаан-ураннаан суруйан, ааҕааччыга бу баардыы тилиннэрэн көрдөрөр. Кинигэ түмүгэр ааптар төрөөбүт Тоҥуулааҕын туһунан үтүө өйдөбүллэри арыйар.

Биһирэмҥэ кэлэн ыалдьыттаабыт дьон кинигэ олус дириҥ иитэр суолталааҕын ыйдылар. Кэлэр кэнчээри ыччат төрүттэрин үөрэтэригэр олус туһалаах буолар диэн биир санааҕа кэллилэр. Олохтоохтор чугас дьоннорун туһунан ахтыылары олус истиҥник уус-ураннык суруллубутун, тыла-өһө баайын бэлиэтээтилэр, астыммыттарын биллэрдилэр.

Светлана Даниловнаҕа махтанан туран сытыы бөрүөтэ сыппаабатыгар, өссө да айа-тута, суруйа турарыгар баҕардылар.

Сонуннарга анаан Евдокия Семенова

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#саҥакинигэ
📕📕📕📕📕
Саха АССР Верховнай Советын депутата, Президиумун сэкирэтээрэ , Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, САССР норуотун хаһаайыстыбатын
үтүөлээх үлэһитэ, «Бочуот знага» уордьан кавалера ПАВЕЛ ИВАНОВИЧ КОРЯКИН
төрөөбүтэ 110 сылыгар "Удьуор утум үтүө холобура" диэн электроннай кинигэ сүрэхтэниитэ саҕаланна 📕

Тэрээһиҥҥэ Павел Ивпнович аймахтара кэлэн олороллор, кини туһунан бар дьоҥҥо сырдаталлар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#саҥакинигэ

ХX үйэ 40-60-с сылларыгар тургутууну тулуйар эндирдээх- эридьиэстээх кэмнэргэ Сахабыт сирин салалтатыгар үлэлээбит биир дойдулаахпыт, Боотулууттан төрүттээх саха судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай диэйэтэлэ Корякин Павел Иванович туһунан электроннай кинигэни бибилэтиэкэ анал сайтыгар https://e.vvlibr.ru/uduor-utum-utuo-holobura сигэнэн киирэн ааҕыаххытын сөп.

Кинигэни хайдах ааҕар туһунан кыраайы үөрэтэр салаа сэбиэдиссэйэ Галина Егорова быһаарарын көрүҥ 🎦🎦🎦

«Үөһээ Бүлүү» хаһыат
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#саҥакинигэ

Уйбаан Чыычаахап ахтыытын сэргээҥ🎦

«Үөһээ Бүлүү» хаһыат
#саҥакинигэ

Историческай наука дуоктара, ытык киһибит, «Үөһээ Бүлүү» хаһыат эрэллээх доҕоро, сүбэһитэ Никита Деевич Архипов бу сылга үктэнээт, номнуо иккис кинигэтин «Үөһээ Бүлүү» хаһыат редакциятыгар бэчээттиир отделыгар бэчээттэтэн таһааттарда.

Бүгүн иккис кинигэтин – «Ранний железный век Якутии» тутан үөрдэ-көттө. Кинигэ 50 экземплярдаах. Бэрт соторунан, Никита Деевич бу кинигэтин илдьэ Дьокуускай куоракка историктар уонна кыраайы үөрэтээччилэр конференциятыгар илдьэ барыахтаах, биир идэлээхтэригэр билиһиннэриэхтээх.

Онтон биһиэхэ бэчээттэммит бастакы кинигэтэ – «Проект возрождения сельскохозяйственного пала в Якутии» Саха сиринэн тарҕанан, ааҕааччы киэҥ биһирэбилин ылла. Никита Деевич кэпсииринэн, бу кинигэни Тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарынан дьарыктанар дьокутааттар үлэлэригэр туһаналлар эбит.

Бэлиэтээн эттэххэ, биһиги типографиябытыгар араас кинигэлэри, брошюралары, буклеттары бэчээттээн таһаарабыт. Билигин «Аленушка» оҕо саадын үбүлүөйдээх кинигэтин бэлэмнии сылдьабыт.

@uoheebuluu
#саҥакинигэ

⭐️ П.Н. Тобуроков аатынан Нам орто оскуолата 95 сыллаах үбүлүөйүн көрсө 2 томнаах кинигэ таҕыста.

Кинигэҕэ 1928 сылтан саҕалаан история кэрдиис кэмнэрин, оскуола билиҥҥи олоҕун, педколлектив уонна үөрэнээччилэр ситиһиилэрин кэпсиир матырыйааллар, хаартыскалар, учууталлар, үлэһиттэр, выпускниктар ахтыылара түмүллэн киирдэ.

Кинигэ сүрэхтэниитин туһунан сиһилии "Үөһээ Бүлүү" хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыаххыт.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM