Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.84K subscribers
21K photos
4.16K videos
9 files
3.65K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Forwarded from "Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр" (Полина Николаева)
Агростартап-2022 критерийдара бу бааллар. Быйыл улахан уларыйыы суох дииллэр.

Куонкурус бастакы түһүмэҕэр сайаапкаҕытыгар холбуу киллэрэр докумуоннаргытынан баал туруораллар. Ол критерийдара бу сылдьаллар. Манна баайгыт-дуолгут бэйэ бас билиитигэр баара докумуонунан бигэргэммит буоллаҕына - муҥутуур баалы ылаҕыт.

Таарыйа докумуоннаргыт дьиҥнээхтэрэ бэрэбиэркэлэнэр, иэскит-күүскүт эмиэ көрүллэр.

Иккис түһүмэххэ ааспыттар бизнес-былааҥҥытынан презентацияҕытын хамыыһыйа иннигэр көмүскүүгүт. Презентация флешкаҕа угуллар, кумааҕыга эмиэ таһаарыллар уонна сайаапканы кытта тэҥҥэ туттарыллар.

5 пууҥҥа болҕомтоҕутун ууруохпун баҕарабын. Былырыын итиннэ доҕорум хотонун, гарааһын докумуоннаппыппыт. Реестрга киллэриллибит докумуон буолуохтаах. ЕГРН дэнэр. Наименованиетыгар "производственный объект" диэн суруллубут буолуохтаах. Тута 10 баал суруллубута. Үгүс дьон манна баал ылбаттар. Дьиҥэр производственнай эбийиэги докумуоннатыы - тустаахха бэйэтигэр үчүгэй буоллаҕа.

Бэлэмнэниҥ

#агростартап2023 #тыасирэ
Forwarded from "Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр" (Полина Николаева)
Дьиэ кэргэн ферматын сайыннарыыга грант биэриитин уларытыылардаах Бэрээдэгэ таҕыста, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатынан бигэргэннэ. Докумуоҥҥа бэрэссэдээтэл Андрей Тарасенко илии баттаата.

Грант ылыыта куонкурус бэрээдэгинэн барар. Хамыыһыйа көрүүтүгэр сайаапканы кытта докумуоннары туттарыллар: сайаапка, пааспар, бааһынай хаһаайыстыбаны тэринии туһунан сөбүлэҥ, бизнес-план, презентация... барыта 18 пуун баар.

Сыаналааһын баалынан барар. Критерийдары карточкаларга көр.

#минсельхозрся #семейнаяферма #тыасирэ #агробизнес #якутия
Forwarded from "Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр" (Полина Николаева)
Агростартап 2023 сыллааҕы уларытыылардаах уурааҕа таҕыста.

Критерийдары карточкаларга көрүҥ, билсиҥ.

#агростартап #тыасирэ
Forwarded from "Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр" (Полина Николаева)
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Үөһээ Бүлүү улууһун фермердарыгар бүгүн МТЗ тыраахтырдары туттараллар. Барыта 9.

Бу туһунан Сургуулук нэһилиэгиттэн фермер Александр кэпсээтэ, видео түһэрэн ыытта. "Бу ылаары кэллибит. Билигин да итэҕэйбэккэ олоробут. Тыраахтырдары парадтаан киллэрдилэр. Төлөбүрэ 50/50-ҥа. Уопсай сыаната 2 мөл 100 солк. Олус улахан өйөбүл, улууспут дьаһалтатын өттүттэн", - диэтэ кини☀️🔥

#тыасирэ #үөһээбүлүү #фермер
Forwarded from "Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр" (Полина Николаева)
Биэ эмиийэ (малина) - саамай сөбүлүүр отонум. Сиирбин да, хомуйарбын да.

Биир дьыл наһаа да элбэх үүммүтэ. Биир баах барыанньа оҥорбутум.

Малина анньыыларга үүнэр. Аны сэппэрээгэ хатыылаах. Онон хомуйарга эрэйдээх соҕус да буоллар, оннооҕор хат сылдьан тарапачыһан үргүүрүм. Ийэм барсар этэ, аны охтон түһүө диэн, манаан.

Биирдэ бииргэ үлэлиир дьоммун кучуйан илдьэ бардым. Бары айуу-айа, абытай-татакай буолаллар. Бүтэһигэр Полина-Малина диэн ааты иҥэрбиттэрэ. Малинаны хомуйууга чахчы сатабыл наада.

#тыасирэ #биээмиийэ #отонкэмэ
#тыасирэ

Маҥааска хаар түспүтүн билэҕит дуо? Бэҕэһээҥи көстүү ❄️❄️❄️

Лариса Львова түһэриитэ📸

#үөһээбүлүүхаһыат
Forwarded from "Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр" (Полина Николаева)
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
"Агростартап-2022" кыайыылааҕа Николай Григорьев Үөһээ Бүлүү улууһун Кырыкыйыгар агробизнеһин тэринэн, хороҕор муостааҕы дэлэтэн, үүт ыан, онтун туттаран, дохуот аахсан, биэс сыллаах былаанын толорор.

Сүөһү көрүдьүөһэ элбэх буоллаҕа. Онтон биир түгэн бу видеоҕа көстөр.

Дьэ Чубуку барахсан 😁👏🏻

#тыасирэ #агростартап
Forwarded from "Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр" (Полина Николаева)
Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнүнэн эҕэрдэлиибин! Хорсун, сайдыыга бигэ сыаллаах, бөҕө туруктаах, кыһалҕаттан чаҕыйбат дьон бу эйгэни талаллар дии саныыбын.

Холобура бу хаартыскаҕа баар "ынах арыыта" эн остуолгар кэлэн туруоҕар диэри төһөлөөх көлөһүн тохторо буолуой? Эбэтэр ис миинэ. Урут ырыынактан 1 кг иһи 400 солк ыларбын ыарырҕатар этим. Билигин киилэ иһи атыыга таһаарарга баранар кыаҕы, ороскуоту ааҕан баран, санаам атын.

Сүөһү сааҕын ыраастааһынтан саҕалаан, оттооһуҥҥа, ынаҕы ыаһыҥҥа диэри... биир күн өрөбүлэ суох үлэ!!!

Москваҕа буолан ааспыт "Көмүс күһүн" быыстапкаҕа сахалар 48 кыһыл көмүс мэтээли ыллылар. Манна "Саха сүөһүтэ" тэрилтэ оҥорон таһаарар ынаҕын арыыта, Мэҥэдьэгин кымыһа, иһин үөрэтэ бастыҥнарынан ааттаннылар. Бу буоллаҕа дии дьону доруобай, хаачыстыбалаах, бэйэ аһынан хааччыйыы диэн.

Саха сирин олохтоохторун остуолларыгар куруутун сибиэһэй үрүҥ ас, эт, балык, сир аһа, үүнээйи дэлэйдик уурулларыгар туруулаһар ДЬОММУТУГАР махталбытын биллэриэҕиҥ❤️

#тыасирэ #тыахаһаайыстыбата
Forwarded from "Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр" (Полина Николаева)
Көрүүҥ, мин сыр оҥордум👍😋😋😋 Алҕаска😅

Үүт туттарар сиргэ кыайан илдьибэккэ, икки хоннорбут үүппүтүн үллэрээ күннээххэ "ээ чэ" диэн баран эрийэн кэбистибит. Бэртээхэй сүөгэй буолла. Эриллибит үүтүнэн бурдук аһа оҥордум, ордугун холодильникка ууран кэбистим.

Бүгүн көрбүтүм үүтүм бөлөнүйэн хаалбыт. Иэдьэгэй оҥорор эбиппин диэн, кыра уокка оргута уурдум.

Арай... иэдьэгэй буолбакка, сыр буолан таҕыста. Уута туспа арахсан, аһа сымыыт курдук бөлөхтөнөн таҕыста. Ууннары тардан көрбүппүт - "тянучка"👍

Дьиктиргээһин бөҕө буоллубут эрээри, тоҕо эрэ төлөпүөҥҥэ устар туһунан санаан да көрбөтөхпүт😅

Иһиккэ кутан, холодильникка уурдубут. Киэһэ аһылыкка үөрэ-көтө сиэн кэбистибит👍😋

Биллэн туран, туох да эппэтибит. Олох натуральнайынан. Оҕолор олус сөбүлээтилэр: ким туустаан, ким хартыыһалаан, ким кетчуптаан сиэтилэр.

#тыасирэ #бэйэаһа